Якутские буквы:

Русский → Якутский

прихрамывать

несов. доҕолоҥноо, содьороҥ-ноо, сүдьүй.


Еще переводы:

сүдьүй=

сүдьүй= (Якутский → Русский)

хромать, прихрамывать; хааман сүдьүй = идти прихрамывая.

содьой=

содьой= (Якутский → Русский)

образн. сильно припадать на одну ногу; прихрамывать, не сгибая ноги.

припадать

припадать (Русский → Якутский)

несов. 1. см. припасть; 2. разг. (прихрамывать) сүдьүйэн хаамп, сүдьүй; он припадает на левую ногу кини хаҥас атаҕынан сүдьүйэн хаамар.

содьороҥноо

содьороҥноо (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Ыалдьар атаххынан барбах аҕай дугунан соһо тардан хаамп, доҕолоҥноо. Прихрамывать на одну ногу
Таба муҥнаах, бааһырбыт атаҕын өрүтэ көтөҕө-көтөҕө аҕыйахта содьороҥноон иһэн эмиэ турунан кэбистэ. Софр. Данилов
Ыстапаан ытыы-ытыы дьон суох сирин диэки содьороҥноото, ханна түбэһиэх олоро түһээт, атаҕын имэрийэ-имэрийэ, үрэ олороохтоото. И. Никифоров
Санаатыгар, быһыыта, сүүрүөн баҕарара да, нэһиилэ содьороҥнуура эрэ. «ХС»

сүдьүй

сүдьүй (Якутский → Якутский)

туохт. Аҥаар атаххынан үчүгэйдик тирэммэккэ, иҥнэҥнээн хаамп, доҕолоҥноо. Припадать на одну ногу, прихрамывать
Ол киһи сүдьүйэн хаамара, Эдэркээн бэйэтэ, Ураты уоттааҕа хараҕа. С. Данилов
[Нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ] аҥаар атаҕынан улаханнык сүдьүйэн доҕолоҥнуур этэ. Эрилик Эристиин
Фёдор Иванович …… орто уҥуохтаах, аҥаар атаҕынан улаханнык сүдьүйэн хаамар эт лахса киһи. Н. Босиков

сүүдүй

сүүдүй (Якутский → Якутский)

I
туохт.
1. Иинэн-сүтэн бар, урукку көрүҥҥүн сүтэр, мөлтөө (хол., туох эмэ кыһалҕаттан, ыарыыттан). Становиться слабым, терять прежний вид, тощать, сохнуть (напр., от нужды, болезни — о ком-л.)
Күүтэллэрин күүһүттэн Сүүтүк буолан сүүдүйбүттэр, Кэтэһэн-кэтэһэннэр Кэлтэгэй буола сыспыттар. П. Ядрихинскай
Туох аньыым-буруйум иннигэр Бу маннык сүүдүйэн, Соҕотох туран хааламмын, Сүрэҕим чуҥкура ытаата! Суорун Омоллоон
2. поэт. Күүстээх иэйииттэн, санааттан долгуй (киһи сүрэҕин, дууһатын этэргэ). Приходить в сильное душевное волнение, тревожиться, беспокоиться о чём-л.
Мэйиим-санаам эргийдэҕиэн, Өйүм-санаам түмүлүннэҕиэн, Сүрүмкутум сүүдүйдэҕиэн! Өксөкүлээх Өлөксөй
Күн сиригэр Көҥүл ситэтэ суоҕуттан Сүр кутум сүллүһүннэ, Сүрэҕим сүүдүйдэ. С. Зверев
Ахтылҕан төлөннөөх суоһуттан Сүүдүйэн манньыйа ууллуоҕум, Итиэннэ бу күрбэ таастартан Мин сыккыс буоламмын устуоҕум. М. Ефимов
3. фольк. Туохха эмэ киирэн умнуллубат гына иҥ, иҥэн хаал (хол., өйгөр-санааҕар, сүрэххэр). Оседать в памяти, в сердце, сохраняться
Төлөрүйбэт төлкө буолан Сүргэр-куккар сүүдүйдүн диэн, Сүрэххэр-быаргар иҥнин диэн Үҥэн-сүктэн сүгүрүйэн эрэбин. С. Зверев
ср. орд. сүүди ‘прихрамывать на одну ногу’
II
туохт. Туохха эмэ күүскэ умсугуй, баҕар; тугу эмэ күүскэ ахтан, онно тартар. Чувствовать сильное влечение к кому-чему-л.; чувствовать сильную тоску по кому-чему-л. [Кыыс:] Талы баайгар таласпаппын, Таптыа диэн тахсабын, Сүүһүнэн сүөһүгэр сүүдүйбэппин, Сүрэҕэ сөбүлүө диэн сүктэбин, Ону оройдоо. А. Софронов
Ольга Сократовна айылҕаны истиҥник таптыыра, төрөөбүт Волгатын диэки мэлдьи сүрэҕэ сүүдүйэрэ. «ХС»