сүүлэ ис — туохтан эмэ сүһүрэн (тымныйан) дыгдаччы иһэн, үллэн таҕыс. ☉ Вспухнуть, распухнуть, раздуться (напр., от воспаления, болезни)
Өлөөнө эмээхсин бүлгүнэ сүүлэ иһэн хаалбыт, хамсаппат да, тыыннарбат да буолбут. Н. Якутскай
Ол дьыл сүүнэ сут-кураан буолбута. Бар дьон сирэйэ сүүлэ испитэ. В. Протодьяконов
[Оппоос] аҥаар атаҕа дүлүҥ курдук сүүлэ иһэн хаалан, хас да хонукка баттыгынан сылдьар түбүгэр түстэ. В. Тарабукин