Якутские буквы:

Русский → Якутский

румяный

прил
тэтэркэй

румяный

прил. тэтэркэй, кытархай; румяные щёки тэтэркэй иэдэстэрдээх. руно с. бараан түүтэ.


Еще переводы:

тэтэркэй

тэтэркэй (Якутский → Русский)

1) ярко-красный; тэтэркэй сибэккилэр ярко-красные цветы; 2) румяный; тэтэркэй имнээх кыыс девушка с румяными щеками.

кытархайдыҥы

кытархайдыҥы (Якутский → Русский)

кажущийся красноватым, румяным.

иҥнээх

иҥнээх (Якутский → Русский)

1) имеющий какие-л. щёки, какое-л. лицо; с... щеками, с... лицом; кубархай иҥнээх бледнолицый; тэтэркэй иҥнээх розовощёкий; 2) румяный, розовый; иҥнээх кыыс румяная девушка.

щека

щека (Русский → Якутский)

сущ.
иэдэс
румяная щека - тэтэркэй иэдэс

кытархай

кытархай (Якутский → Русский)

кажущийся красным, румяным; кытархай им румянец.

зарумяниться

зарумяниться (Русский → Якутский)

сов. 1. (стать румяным) тэтэр, кытар; 2. (поджариться) саһара бус; пироги зарумянились бөрүөктэр саһара буспут-тар.

тэтэркэй

тэтэркэй (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Кытаран көстөр, кытархай. Румяный
Уруккута тэтэркэй имнээх төгүрүк сирэйэ кубарыйан баран хаптайан хаалбыкка дылы буолбут. Амма Аччыгыйа
Кыыс ыксаабытыттан, имнэрин хаана ордук тэтэрбит, сирэйэ ордук кэрэтийбит этэ. Н. Якутскай
[Глафира] икки имин хаана кэйэн, иэдэстэрэ буспут дьэдьэннии тэтэркэйдэр. Л. Попов
2. Чаҕылхай кыһыл биитэр оруосабайдыҥы кыһыл. Ярко-красный или розоватый
Тэтэркэй ырбаахы бэстэр быыстарынан элэҥнээтэ. М. Доҕордуурап
Онуһу бүтэрээччилэргэ хас биирдиилэригэр тэтэркэй оруоса сибэккилэри бэлэхтээтилэр. В. Тарабукин
[Күһүн] сааскылыы ньургуһун тыллыбыта, дьөлүһүөн уга маҥан, тэтэркэй сибэккилэммитэ. ДьДьДь

свежеть

свежеть (Русский → Якутский)

несов. 1. (становиться прохладней) тымный, дьыбардан; ветер свежеет тыал тымныйан иһэр; вечером у моря свежеет киэһэ муора кытыытыгар тымныйар ; 2. (становиться румянее, здоровее) чэбдигир, тубус.

аалай

аалай (Якутский → Якутский)

даҕ., поэт.
1. Сып-сырдык кытархай, тэтэркэй (өҥ). Ярко-красный, алый; румяный (цвет)
Халлаан кырааската аалай өҥүнэн көрбүт. Ол күн арахсар саһарҕата буоллаҕа. Эллэй
Валерий Иванович сүтэ-сүтэ көстөн кэлэр, күөх, аалай өҥнөрүнэн ибигириир ыраах кустуктары одуулаан турда. Л. Попов
Аалай хааным тохтубута Россия дэхси хонуутугар, Кыһыл төлөн сибэкки буолан, Кыыһа үүнэр буоллаҕына, — Син биир этиэҕим Сирдээҕи дьолу билэбин диэн. Т. Сметанин
2. Чаҕылхай, сиэдэрэй; күндү, үтүөкэрэ. Яркий, нарядный; прекрасный (поэт. эпитет)
Москваҕа олорон санаатым Сэргэлээх барахсан даачатын: Арамаат сытынан аҥныбыт Аалай күөх аларга хаамарбын. Күннүк Уурастыырап
Үргэл тойон кыыһа Үргүүк удаҕан аалай солко аһын эрийэ кэбиһэн олорон, кыһыл көмүс тарааҕынан тараана олорор эбит. Саха фольк. Аалай чыычааҕыам! Атырдьах салаатын курдук Арахсар амырыыннаах кэммит Адаҕыйан кэллэ. А. Софронов

дьэдьэн

дьэдьэн (Якутский → Якутский)

  1. аат. Сиринэн сыыллан үүнэр кускуур курдук умнастаах, умнаһын төбөтүгэр маҥан сибэккилэрдээх, дыргыл сыттаах олус минньигэс отонноох элбэх сыллаах от үүнээйи. Бу үүнээйи отоно. Земляника (растение); ее плоды
    Киэһэ маамалара Муся хомуйбут дьэдьэниттэн барыанньа буһарбыта. Суорун Омоллоон
    [Остуолга тардыаҕыҥ] Көбүөрдээх дьэдьэни, күһүҥҥү суораты. С. Васильев
    Этиҥ этэрэ, Ардах түһэрэ, Кэйэ, тэтэрэ Дьэдьэн үүнэрэ - Олус да кэрэ! Күннүк Уурастыырап
  2. даҕ. суолт. Дьэдьэн курдук тэтэркэй, кыһыл (өҥнөөх). Цвета земляники, румяный
    Манна ыанньыксыт кыргыттар …… Хап-хара хамсыыр хаастаахтар, Тэтэркэй дьэдьэн имнээхтэр. С. Данилов
    Дьэдьэн уга - дьэдьэн үүнэр ото. Земляничный куст
    [Бурдук сирин] тулата - сандаар хатыҥ, Отун быыһа - дьэдьэн уга. Күннүк Уурастыырап
    Чыычаах өс киирбэх …… дьэдьэн угар ойоҕоһунан сытта. И. Гоголев
    Ыпыраас салгыннаах Ыркый ойуурга таҕыстым. Дьэдьэн уга тулалаах Дьиэллигэс ортотугар тохтоотум. С. Васильев
    бур. зедегене