1) имеющий голос; с ... голосом; дорҕоонноох саҥалаах имеющий звучный, громкий голос; 2) с ... словами, с ... речью; аҕыйах саҥалаах немногословный; саҥата суох тур = стоять безмолвно; саҥата , суох сөбүлэс = соглашаться молча; саҥата суох бар= (или хаал =) отмолчаться, не найдя что ответить; саҥата суох ыыт = заставить промолчать; 3) разг. любящий ворчать, ругаться; кини саҥалаах он ворчун, он постоянно ругается.
Якутский → Русский
саҥалаах
Якутский → Якутский
саҥалаах
даҕ.
1. Саҥа, дорҕоон, тыас таһаарар дьоҕурдаах, оҥоһуулаах; саҥарар. ☉ Способный издавать звуки, обладающий голосом, речью. Улахан саҥалаах киһи. Симик саҥалаах
□ Кэҕэ курдук Сэлээр кэпсээннээх, Сахсырҕа курдук Сааҕынас саҥалаах [дьахтар]. Өксөкүлээх Өлөксөй
Лаҥкынас саҥалаах ынах маҕыраабытыгар, Таня кытах диэки эргилиннэ. М. Доҕордуурап
2. кэпс. Хомуруйуулаах, сэмэлээх. ☉ Вызывающий у кого-л. упрёки, порицание (о чьих-л. поступках). Барыта саҥалаах буолан истэҕэй
□ [Алааппыйа:] Улаханы бүтэрбит киһи буолан саҥалаах ээ. А. Софронов
♦ Саҥалаах оҥорума кэпс. — кими эмэ тылгынан баһый, саҥарбытын барытын самнары этэн ис. ☉ Подавлять кого-л. в споре своим явным превосходством
Сорох түгэҥҥэ Өксүөн санаатын уот харахха этэннэр, кинини саҥалаах оҥорботтор. «ХС»
◊ Аҕыйах саҥалаах — мээнэ үгүһү саҥара сылдьыбат, наадалааҕы эрэ саҥарар идэлээх. ☉ Не любящий много говорить, немногословный
Кини аҕыйах саҥалаах, наҕыл, көрсүө, ол курдук иһиттэн ис киирбэх киһи этэ. Н. Заболоцкай. Саҥалаах буол кэпс., фольк. — саҥар, тугу эмэ эт. ☉ Говорить, произносить речь
Уот кытыытыгар, сото кэбиһэн туран, дьахтар киһи саҥалаах буола турда. ТТИГ КХКК. Саҥалааххын баҕастааххын кэпс. — киһини тугунан эмэ буруйдаан, сааппакка, кыбыстыбакка саҥалаах буола тураҕын диэн саба саҥарыы. ☉ соотв. чья бы корова мычала, а твоя бы молчала
[Балааҕыйа:] Күтүөр-күтүр, оччо санаа булан баран, билигин кэлэн саҥалааххын баҕастааххын. Амма Аччыгыйа. Элбэх саҥалаах — саҥарыа да суоҕу булан, уһатан-кэҥэтэн үгүстүк саҥара сылдьар идэлээх. ☉ Любящий поговорить, словоохотливый, говорливый
Кини күлбүт-үөрбүт, күлүбүрээбит элбэх саҥалаах бэһиэлэй кыыс. М. Доҕордуурап
саҥалаах-иҥэлээх
даҕ. Элбэх саҥалаах, иҥнибэккэ саҥарар. ☉ Говорливый, говорящий быстро, не задумываясь
Тыллаах-өстөөх дьырылыгыам, Саҥалаах-иҥэлээх дьарылыгыам, Күнү таһаарар күөрэгэйиэм! Күн улууһуттан Көҕүйэр оҕоҕуна Көрдөһө сыт. Өксөкүлээх Өлөксөй
Атыыһыт киһи тоҕо эрэ кудуххай саҥалаах-иҥэлээх этэ. А. Сыромятникова
Еще переводы: