сипсий диэнтэн хай
аата. Кини [өрүс] долгуннарыгар иһиллэр …… Уол кыыска сипсийиитэ Кыыс уолга мичээриитэ. Т. Сметанин
Силиэдэбэтэл киһи суоһуран, Сири үрдүнэн, сири аннынан ыҥыран, Сипсийиитэ, ыйытыыта улаатта. С. Васильев
Якутский → Якутский
сипсийии
сипсий
туохт.
1. Кистээн, ким да истибэтинэн сибигинэйэн эт, кэпсээ. ☉ Говорить, рассказывать шёпотом, тайком (чтобы другие не слышали)
Арай [Чөркөй] уһуктан кээлтэ, Хаххан кэлэн уйатыгар олорон ойоҕор тугу эрэ сипсийэн ахан эрэр эбит. Суорун Омоллоон
Миигин көрөөт, ким эрэ истиэ диэбиттии, сипсийэ былаан эттэ. И. Гоголев
Ибрагим доҕорун кулгааҕар бэрт өр тугу эрэ сипсийэн барбыта. В. Гаврильева
2. көсп. Күүскэ үр, тыалыр. ☉ Сильно дуть (о большом ветре)
Сипсийдэҕэ баҕас Тугун сибиэнэй… Тыалырдаҕа баҕас Тугун сытыытай. А. Софронов
Уһун түүн уостубат уордаах Буурҕа түннүгү сипсийэр. Баал Хабырыыс
Хаһыҥмыт хаарыйан, Сиккиэрбит сипсийэн, Күһүммүт сибиэнэ Билиннэ. А. Абаҕыыныскай
3. көсп., сөбүлээб. Ким-туох эмэ туһунан кистээн хобулаа, үҥүс. ☉ Наушничать, доносить тайком, нашёптывать
[Хаалдьыт:] Хата ону онно-манна, наадалаах-наадалаах буолуо диир дьоннорго, сипсийэн көрүллүө. А. Софронов
Сынаҕы баай кулгааҕар: «Сэрэн, угаайыга киирсимэ!» — диэммин Сипсийиэх бэйэм дуу? Оччоҕо аҕабын Таҥнаран биэрэбин буолбаат!.. И. Гоголев
Хобуоччу хаһан да итэҕэстэри утары аһаҕастык туруммат, табаарыстара истибэттэригэр кулгаахха сипсийэр. СГПТ
♦ Иһэ сипсийдэ кэпс. — аччыктаата, аһыан баҕарда. ☉ Проголодался, в животе урчит
[Аҥаа Моҥус:] һаай, дьэ куртаҕым курулуйда, иһим сипсийдэ, идэмэрим көттө. И. Гоголев
Төһө да алмааһы булларгын ис сипсийдэҕинэ арыылаах килиэп наадата кэлиэ ээ. Н. Лугинов
Суругу, хаһыаты дуоһуйа ааҕан баран, испит сипсийбитин дьэ өйдөөн, аһаан-сиэн өлүмнэстибит. И. Никифоров
др.-тюрк. суфша, монг. шивших
Якутский → Русский
сипсий=
1) шептать, нашёптывать; кулгаахпар сипсийдэ он шептал мне на ухо; 2) перен. наушничать кому-л., клеветать на кого-л.
Якутский → Английский
сипсий=
v. to whisper
Еще переводы: