Якутские буквы:

Якутский → Русский

сиэллээх

имеющий гриву; с ... гривой; гривастый; хойуу , уһун сиэллээх ат лошадь с густой длинной гривой # сиэллээх бараах см. эһэ : эһэ бараах .

сиэллээх-кутуруктаах

выразительный, пространный (о речи, брани); сиэллээх-кутуруктаах үөхсүүнү субурутта он витиевато выругался.

Якутский → Якутский

сиэллээх

даҕ. Сиэл баайыллыбыт, ыйаммыт. Увешанный пучками конской гривы
Алгыыр киһи сиэллээх ибиир хамыйаҕы ылар. Саха нар. ыр. II
Симэхтээх сири иһиттэри Сиэллээх ситии быанан Сиэттиһиннэри, ситимник ыйаатылар. Өксөкүлээх Өлөксөй
Тоҕус сэргэ анньыллыбыт, сиэллээх сэлэ оҥоһуллубут, араҕас чэчир анньыллыбыт. П. Ойуунускай
Сыспай сиэллээх көр сыспай
Хонууларга да баппат Хороҕор муостаах үксүөҕэ, Сыһыыларга да баппат Сыспай сиэллээх үөрдүөҕэ. Л. Попов
Сыспай сиэллээх халыҥ үөрүн Көрөн олус сөҕүөҕүҥ. И. Гоголев
Сиэллээх дьарҕаа түөлбэ. — дьарҕаа балык саамай улахана. Самый крупный хариус
Ефрем үрэххэ күөгүлээн, үс-түөрт сиэллээх дьарҕааны хаптаран, балык буһаран будуулуу сылдьара. Сэмээр Баһылай
«Көрүҥ эрэ, уолаттар, бу сиэллээх нырыы (түөлбэ.: дьарҕаа) дэнэр, саамай бөдөҥө», — диир Сиэнньэ балыгы тутан туран. В. Миронов


Еще переводы:

сыспайдыыра

сыспайдыыра (Якутский → Якутский)

сыспайдыыра сиэллээхпит поэт. — сыспай диэн курдук
Сыспайдыыра сиэллээхпит Сыһыыларга баппатын. Күннүк Уурастыырап
Сыһыы, алаас муҥунан Сыспайдыыра сиэллээхпит Сыл таҕыстар дуу диэммит Сыймаарыта сылдьабыт. С. Тарасов

соловый

соловый (Русский → Якутский)

прил. (о масти лошадей) өлбөөркөй кугас (үрүҥ сиэллээх кутуруктаах ара-ҕастьагы сылгы).

сыспай

сыспай (Якутский → Якутский)

сыспай сиэллээх аат., фольк. — сылгы сүөһү (сылгы сыыйыллаҕас уһун сиэллээҕин хоһуйан этии). Лошадь, табун лошадей (букв. животное с длинной, ниспадающей густой гривой)
Сыһыыга баппатах сыспай сиэллээҕи, Сылгы сүөһүнү, миинэр миҥэни Дэри дэлэгэй тэниттиннэр. П. Ойуунускай
Хонууларга да баппат Хороҕор муостаах үксүөҕэ, Сыһыыларга да баппат Сыспай сиэллээх үөрдүөҕэ. Л. Попов
Алаас муҥунан адаар муостаах, сыһыы аайы сыспай сиэллээх чугас эргин киниэхэ эрэ баара. С. Никифоров

көйөлгө

көйөлгө (Якутский → Якутский)

көр көйөргө
Сиэллээх көйөлгөнү көтөхтүбүт, Чороон айаҕы тосхойдубут. Саха фольк. Айахтаах амсайбатах Ардахтаах ас үрдүн Анаан аһатабыт, Сиэллээх көйөлгөнү көтөхтүбүт! Саха нар. ыр. II

сыспай

сыспай (Якутский → Русский)

сыспай сиэл длинная густая грйва; сыспай кутурук длинный густой хвост; сыспай сиэллээх собир. лошади.

сырыырҕат

сырыырҕат (Якутский → Якутский)

сырыырҕаа диэнтэн дьаһ
туһ. Сыһыы-сыһыы муҥунан Сыспа сиэллээҕи Сытаан сырыырҕат. Өксөкүлээх Өлөксөй
[Бахсырыйа Баай] былыр былыргыттан сыһыы муҥунан сыспай сиэллээҕи сырыырҕаппытын, хонуу муҥунан хороҕор муостааҕы холбообутун да иһин, урукку өттүгэр кулут-чаҕар дьонун аһатан абыраабыта суоҕа. Софр. Данилов

намылҕа

намылҕа (Якутский → Русский)

1) длинный; намылҕа таҥас длинная одежда; намылҕа сиэллээх долгогривый (о коне); 2) длительный, продолжительный, долгий; намылҕа сырыы долгая поездка;| намылҕа кэпсэтии длинный разговор.

арааллат

арааллат (Якутский → Якутский)

арааллаа диэнтэн дьаһ
туһ. Кини [Саргы аҕата], төһө да сыспай сиэллээҕи сырыырҕаппыт, адаар муостааҕы арааллаппыт ааттаах баай буолбатар, син бэйэтин бэйэтэ кыанан олорор ыал этэ. Софр. Данилов

иирчигэн

иирчигэн (Якутский → Якутский)

көр ииччигэн
[Омуоруйа кинээс кыыһа] ураһа иирчигэнинэн быаланан өлөр. Саха фольк. Дьэрэкээннээх иирчигэннээх үс сиэллээх чаллах хатыҥ чэчирэ хаҥас диэки баттах төрдүгэр анньыллан турар. ПЭК СЯЯ

ньидьий

ньидьий (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Модьутаҕа, намыһах буолан көһүн. Быть, казаться крепким, небольшого роста, приземистым
Аттара бороҥ күөннээх, уһун сиэллээх-кутуруктаах, ньидьийбиккэ дылы дьүһүннээх бэрт чычаас сылгы этэ. Н. Түгүнүүрэп