a. carnivorous
Якутский → Английский
сиэмэх
Якутский → Якутский
сиэмэх
- даҕ.
- Кыылынан, харамайынан аһылыктанар (кыыллары, көтөрдөрү этэргэ). ☉ Хищный (о зверях)
Тыа сиэмэх адьырҕаларыттан биир сүдүлэрэ бөрө. Я. Семёнов
Сылгы чыычааҕа сиэмэх көтөрдөртөн дурдахахха оҥостоору, үксүн дьонноох сиргэ уйа туттара. И. Федосеев
Кыра сиэмэх кыыллартан саамай адьырҕалара, быһыйдара, сымсалара уонна сыаналаахтара киис. «ХС» - көсп. Олус иҥсэлээх, барытын апчарыйар эрэ санаалаах. ☉ Жадный, полный стремления овладеть кем-чем-л., хищный (о человеке)
Сиэмэх куолай кулаактан Сирбит бэрдин былдьыаҕыҥ! Эллэй
Алаас муҥунан баайдаах, АлаТорҕон диэн ааттаах Айаҕымсах, сиэмэх бэрдэ Алааһыгар ыаллаах этэ. П. Дмитриев
Хайдах эрэ кинини ымсыы-түөкэй, сиэмэх буолуо диэх санаам кэлэр. «ХС» - Өлөрөр-өһөрөр санаалаах, хаанымсах; сэриинэн ииригирбит. ☉ Жаждущий крови, кровожадный; агрессивный
Сүрдээх сиэмэх ойуун дииллэр. Болот Боотур
Гитлер сиэмэх бииһин сиппийиигэ Кини [саха норуота] силгэтэ ситтэ. Эллэй
[Котенко] өлүгүн кутааҕа укпуттар, Өһүөннээх ол сиэмэх түөкүттэр. И. Федосеев
Сиэмэх буулдьалар ыйылаһа түһээттэрин кытта, Егоров эмискэ ханна да барбытын билбэккэ хаалар. «ХС» - аат суолт. Кыылынан, харамайынан аһылыктанар кыыл. ☉ Хищник
Быйыл уопсайа оройуон үрдүнэн түөрт уон сэттэ сиэмэх бултанна. «Кыым»
Бандеров булдун сиэмэх тыыппат, кутуйах үргээбэт. «Кыым»
ср. телеут. йимэк ‘обжорство’
Еще переводы: