побуд. от соноо=; бу таҥас кинини сонотор эта одежда его полнит.
Якутский → Русский
сонот=
Якутский → Якутский
сонот
соноо диэнтэн дьаһ. туһ. Бу көстүүм киһини сонотор
□ Эмис бэйэтин ордук сонотор дьогдьуурдаах хара билиис сонноох, кылгас атахтарын ордук кылгатар киэҥ остоох хара саары этэрбэстээх. Н. Якутскай
О, тойон эһэм, Аан Мичил хотун эбэм, мин сордоох сорбун сонотумаҥ, мин эрэйдээх эрэйбин элбэтимэҥ. Суорун Омоллоон
♦ Күөмэйин (куолаһын) сонотор көр күөмэй I
Киниэхэ [оҕобор] биирдэ да күөмэйбин соноппотоҕум. И. Гоголев
«Этэргин этэ оҕус, тардыма, биһиги түүҥҥэ ылларыахпыт», — күүтэн ыксаан турбут сирдьит уол кыйаханан куолаһын сонотто. Р. Баҕатаайыскай
«Бу оҕо, бачча киэһэ буолуор диэри ханна сүтэ сырыттыҥ?!» — диэн аҕата күөмэйин соното тоһуйда. М. Доҕордуурап
Еще переводы: