счастливый, благополучный; соргулаах олох счастливая жизнь; соргулаах айан благополучный путь.
Якутский → Русский
соргулаах
Якутский → Якутский
соргулаах
даҕ. Үчүгэйи, үөрүүнү, дьолу аҕалар, тосхойор. ☉ Приносящий благополучие, радость, счастье, счастливый
Ылыммыт дьыалабыт кырдьыктаах, Соруммут суолбут соргулаах. Нор. ырыаһ. Төрүт буору булунаат, Алаһа дьиэни туттар Соргулаах түбүккэ түспүтүм. И. Гоголев
Соргулаах, быйаҥнаах оҕо эбиккин. «Таҥара баайдаах, уол оҕо дьоллоох» диэн өс хоһоонун истэҕин дии, хор ол — бу буолар. М. Доҕордуурап
дьоллоох-соргулаах
даҕ. Олохтон дуоһуйуулаах, дьол-соргу тосхойуулаах, улахан кэскиллээх. ☉ Довольный жизнью, счастливый, благополучный
Сир киэҥэ килбэйэр киинэ Дьоллоох-соргулаах Дьобуруопа диэн [баар эбит]... Өксөкүлээх Өлөксөй
Дьоллоохсоргулаах көҥүл дойдубутун …… Урусхаллаан суоһарар соруктанан Уолусхан сэриинэн уоран түспүттэрэ. С. Зверев
Манан суруйааччылар норуот дьоллоох-соргулаах олоҕун туһугар тыынын толук уурбут Герой буойун дьон өйүттэн-сүрэҕиттэн сүппэтин бэлиэтииллэр. «ХС»
Еще переводы: