n. greatness, respectability; a. huge, respected
Якутский → Английский
суо
Якутский → Якутский
суо
даҕ., үрд.
1. Дьоһун, улахан, сүүнэ. ☉ Большой, значительный, солидный (о чём-л.)
Хата, мин ытык тылбын ылыныҥ, суо көрдөһүүбүн истиҥ! Саха фольк. Ол сэттээх үөҕүүм дуораана Суодуспут суо мырааннар кэтэхтэригэр …… Суор хара атыыр оҕус буолан Үллэ-түллэ лиҥкинэччи мөҕүрээбитэ. И. Гоголев
Суо халыҥ былыттан Суккуллар ардахтар — Сүүһүнэн уһааттан Сүөкэнэр курдуктар. Күннүк Уурастыырап
2. Суостаах, дьулаан. ☉ Внушающий страх, грозный. [Майаҕатта:] Дьэ эрэ, үгүстэн үгүс охтуоҕа, өлөрсөн да көрүөх, кырыктаах үҥүү кыайыыта биллин, суо булай батас соргута биллин! Саха сэһ
1977
Ооҕуй оҕус бадараанныыр өһөх луоҕа дьэбэлээх өлүү уута диэн суо дойдуну истэр инигит. Күннүк Уурастыырап
Музалар бу суо кэмҥэ Хоргустук иһийдэллэр Сааттаах буруй буолуох этэ. «ХС»
◊ Суо хаан (дархан) үрд. — үрдээнулаатан, суодаллан көстөр (кими-тугу эмэ ордук ытыгылаан этэргэ). ☉ Имеющий внушительный вид (о ком-чём-л., вызывающем особое уважение)
Аар хатыҥ …… эдэркээн хатыҥнар күөннэригэр киһи хараҕар тута быраҕыллар суо хаан көрүҥнээх. Н. Лугинов
Халыҥ харчылаах, үгүс үптээх Суон Байбаас диэн суо хаан киһиттэн арҕас уйарынан ааттаһыылаах, көнтөс тардарынан көрдөһүүлээх кэллим. И. Гоголев
Бу баар курдук өйдүүбүн Ийэм суо хаан көмүлүөгүн Кыһыл оҕолуу маанылыырын, Субу-субу сыбаан туртатарын. М. Тимофеев. Ньиргиэр болуоссат таманыгар Тураллар — Тулхадыйбат өй-санаа тулааһыннанан, Суо дархан Обелистар. Хоһоон т.
ср. кирг. соо ‘здоровый’
Еще переводы: