сыһ. Сылайан хаалан. ☉ От усталости. Сынньанарга сылайбычча сөбүлэһэбин
□ Мин сылайбычча кыҥкыйдыыбын. Н. Габышев
Якутский → Якутский
сылайбычча
сылай
I
туохт. Тугунан эмэ өр дьарыктанан күүһүҥ-сэниэҥ эһин. ☉ Уставать, утомляться, терять силы от долгого занятия чем-л.
Күнү-күннүктээн соло булбакка мөхсөн тахсыбыт дьон илдьи сылайбыттара. Далан
Ити курдук сылаас дьиэни өҥөйбөккө, минньигэс аһылыгы аһаабакка, хара тыаны кэтэн, тоҥон-хатан иһэр дьон сылайдылар, аттар да салыннылар. П. Филиппов
Сэниэтэ букатын суох, бүгүҥҥү ыарахан үлэтиттэн дэлби сылайбыт, түүн тоҥон аанньа утуйбат буолан утуктуура да бэрт. Эрилик Эристиин
Ыттар күнү быһа хойуу хаары кэһэн, сылайан аат эрэ харата аалыҥнаһаллар. Н. Габышев
△ Тугу эмэ гынар дьоҕуруҥ (хол., хамсанарыҥ, көрөрүҥ) мөлтөө, устунан сааллан, ыалдьан бар (киһи, атын да тыынар тыыннаах уорганын этэргэ). ☉ Сдавать, терять способность делать что-л., уставать (напр., о глазах). Күнү быһа суруйарбыттан илиим сылайда
□ Баһылайап систэри, ойуурдары, маардары, хонуулары көрөрүгэр хараҕа сылайда. Күндэ
Көхсүм, хараҕым сылайан, Улам уубун кыаммаккабын Олоро түһээт утуйабын. С. Данилов
♦ Эт киһи (дьон) элэйдэ, (сыа ки- һи (дьон) сылайда — 1) салҕан хаалла, абааһы көрөн барда (олус өр эрэнэ кэтэспитэ туолбатаҕыттан). ☉ соотв. надоесть хуже горькой редьки
[Дириэктэр — Бөхтүүйэпкэ:] Эйигин кытта ньээҥкэлэһэрбиттэн эт киһи элэйдим, сыа киһи сылайдым. Түксү! В. Ойуурускай; 2) олус, аһара сылай. ☉ Сильно устать, изнемочь
Онтон дуоһуйан-астынан Эт дьон элэйэн, Сыа дьон сылайан Ходоҕойдор хонуктуу бардылар, Түҥүрдэр түлүк ууларыгар түстүлэр. С. Зверев
Эт киһи элэйдим, сыа киһи сылайдым, чэгиэн-чиргэл бэйэм эмэхсийдим. Н. Лугинов
ср. алт. чыла ‘измучиться, утомиться, изнемочь’, тув. шылагдаар ‘утомиться’, бур. һуларха ‘слабеть’
II
даҕ.
1. Кыра аһылыктаах, кылтах. ☉ Имеющий плохой аппетит. Сылай киһи. Сылай оҕо
□ Атаһым аһыырын аһары сөбүлүүр, мин куоска курдук сылайбын. Р. Кулаковскай
Кыра эрдэхпиттэн иринньэх, ыарыһах буоламмын, аһыырбар сылай этим. «Чолбон»
△ Мөлтөх, бытаан. ☉ Слабый, медлительный
Этэн иһэн уурайар сылай майгылаах. А. Софронов
Мин оһоҕум сылай, икки-түөрт көтөҕүнэн хонуоҕум. Ф. Постников
2. кэпс. Сууххай, түргэн. ☉ Быстрый, спорый
Биир саха дьахтарын сылай сырыытын сырытта ини, анаммыт айанын адаар арҕастарын туораата ини. Сэһэн Дьэрэмэй
3. нор. айымнь. Сымнаҕас, ньалҕаархай (сиэли этэргэ). ☉ Мягкий, гладкий (о гриве)
Сырдык ыраас түүлээх, Сыалынай сыттардаах, Сыбыдыал кутуруктаах, Сылай сиэллээх Сылгы сүөһүм Төлөрүйбэт төлкөтө диэн Түүлээх иһэҥэйи Сиэбигэр угунна. Саха фольк. Дойду иччитэ тоҕооһон, Айыыһыт суола айгыраан Дьөһөгөй суола төлкөлөөн Сылай сиэллээх сылгы сүөһү. С. Зверев
ср. ДТС силат ‘лошадь, которая ест мало корма’
сылай-сындалый
туохт. Уһун айантан олус сылаарҕаа, күүһүҥсэниэҥ эһин. ☉ Утомляться, обессилевать (напр., от долгой изнурительной поездки). Айанньыттар сылайан-сындалыйан бардылар
□ [Балтым] кыҥкыйдыырын, кыыһыран тымтарын истибэт этим, хата, дьэ кэҥээн, үөрэн-көтөн барыбытыгар күүс-уох киллэрэн, сылайбытысындалыйбыты умуннарара. «Кыым»
сылай-элэй
туохт. Олус сылаарҕаа, илиһин. ☉ Сильно уставать, выбиваться из сил
Михаил Андреевич оскуолатыгар да, дьиэтигэр да түбүк бөҕөҕө сылдьыбыта, арыт күнүстэритүүннэри сылайары-элэйэри билбэккэ үлэлиирэ. И. Федосеев
Яков санаата сүөм түһэн, сылайан-элэйэн хаҕа эрэ истэ, атахтара соруйуу бөҕөнөн нэһииччэ бокуҥнаһаллар. Н. Заболоцкай
Сир баайын чинчийээччи-геолог ааттаах булчут, сылайбат-элэйбэт уол оҕо бэрдэ буолуохтаах. Т. Сметанин
ыр-сылай
туохт. Аһаабакка сылдьан аччыктаан, сылаарҕаан, эһин-быһын, илиһин. ☉ Валиться с ног от голода и усталости, сильно утомиться
Мин эрэйдээх эмиэ куорат устун соҕотоҕун халтайга хааман, …… ыран-сылайан, аччыктаан, кыйаханан, киҥим-наарым холлон кэлэрим. «ХС»
Якутский → Русский
сылай
сылай киһи человек с плохим аппетитом.
сылай=
уставать, утомляться; ыарахан үлэттэн сылай = устать от тяжёлой работы; уһуннук ааҕартан сылай = утомиться от продолжительного чтения.
Якутский → Английский
сылай
a. having a poor appetite
сылай
v. to tire, become tired; сылат v. to make tire, wear out
Еще переводы: