I
1. аат. Ол-бу, араас барыта. ☉ Разнообразие чего-л., всякая всячина
Эҥини билэ-билэ, Элбэх дьон баарыгар эппэт идэлээх эбит. Өксөкүлээх Өлөксөй
Эҥини көрсүбүт эргэ синиэлин сыттанан …… сытынан кэбистэ. Амма Аччыгыйа
[Өрүүсэ] киирэн хотон иһигэр торбос баһыгар олорон, эҥини барытын санаата. Эрилик Эристиин
2. даҕ. суолт. Араас, элбэх араастаах, дьүһүннээх, эгэлгэлээх. ☉ Разный, различный, разнообразный
Эҥин дьону кытта эҥэрдэһэн, Эн-мин дэһэн эйэлээхтик олоортум. А. Софронов
Эҥин эндир да кэллэр Эрдээх дьонтон хаалымаар. С. Данилов
Кини баһаам элбэх Эҥин сибэккилэри илиитигэр туппут. М. Доҕордуурап
Дьэ, эҥин кыһалҕа баар буолар диэтэххит. И. Бочкарёв
♦ Ийэтигэр эппэтэх эҥин тылын этит — ийэтин-аҕатын ырыатын ыллат диэн курдук (көр ийэ-аҕа)
Ийэтигэр эппэтэх эҥин тылын эттэ, аҕатыгар саҥарбатах амарах үтүө тылын тылласта. Ньургун Боотур
Дьэ оттон тыыннаахтыы тутар күннээх буоллахпытына, тугу хоргутуоххунуй, ийэҕэр эппэтэх эҥин тылгын этитиэм …… хааҥҥынан сууйуом, оһоҕоскун муоһалыам. П. Ойуунускай. Эҥин (эҥинэ) бэйэлээх — 1) уһулуччу үчүгэй, туйгун; мааны, талыы. ☉ Превосходный, отменный, прекрасный; нарядный, красивый
Эҥин бэйэлээхтэрбит сэрии уотугар сылдьаллар. Амма Аччыгыйа
[Мэхээлис:] Эҥин бэйэлээх кыргыттар бааллар эбээт. Холобура ити Дьиибэ Лэкиэс кыыһа Сибиэтэ. Эчи өйө-мэйиитэ, үлэһитэ! С. Ефремов
Куорат иһигэр эҥин бэйэлээх донской, амурскай боруода аттары миинэ-миинэлэр, байыаннайдар кэлэн-баран, өрө тыыннаран эрэллэр. Бэс Дьарааһын
Эҥин бэйэлээх сэлиик аттар, кур оҕустар, тардыылаах көлөлөр киниэхэ бааллар. М. Доҕордуурап; 2) арааһынай, араас көрүҥнээх, элбэх араастаах, эгэлгэлээх. ☉ Разные, разнообразные, разнородные, отличающиеся друг от друга по каким-л. признакам
[Хатыҥ] туоһа эҥин бэйэлээх иһит, муҥхаҕа, илимҥэ хотоҕос буолар. Суорун Омоллоон
Бэрт уһуннук астаһан баһымньытын угун төрдүн туурда. Онно да элбэх сыра-хара барда, эҥин бэйэлээх тыллар туттулуннулар. М. Доҕордуурап
Булчут киһи бултаабатаҕына тэһийбэт, тулуйбат, түүнүн түүлүгэр биир кэм эҥинэ бэйэлээх бултар эккирэтэ сылдьаллар эбэтэр аргыстаһан хаамсаллар. «ХС». Эҥин тама эстэн түөлбэ. — тугу да гынарыттан ааһан, кыаҕа баранан. ☉ Не найдя выхода, исчерпав все свои возможности в чём-л. (напр., в воспитании ребёнка)
Ийэтэ эҥин тама эстэн, мааны тыла баранан, оҕото уон икки сааһыгар тиийиитигэр абаҕатыгар Чоочо кинээскэ баран: «Оҕом тылбын истибэт буолла», — диэтэ. «Чолбон»
Эҥин тылын эттэ — ийэтин-аҕатын ырыатын ыллат диэн курдук (көр ийэ-аҕа). Мин уолбун Тимир Ыйыста Хараны, Орто дойдуга тахсыытыгар, эҥин тылбын этэ сатаабытым. Саха фольк. Эҥин тылгын Этэн-тыынан, Этэ-хаана Эймэниэр дылы Иэйээр-туойаар. П. Ойуунускай
ср. др.-тюрк. өҥин ‘другой, иной’
II
аат эб. Этиллэр предмеккэ киниэхэ маарынныыллары кытыарантүмэн холбуур суолтаны көрдөрөр. ☉ Выражает собирательность путём приобщения, присоединения других подобных понятий к значению названного имени
Хойгуону эҥини онтон ылыаҥ этэ. Н. Заболоцкай
Ол [сэлиэһинэй] оннугар наар ньэчимиэни, эбиэһи эҥин ыһабыт. А. Фёдоров
Онон саһыл, кырынаас эҥин да баар буолуон сөп. «ХС»
△ Туохтуурунан бэриллибит кэпсиирэҕэ сыстан, хайааһыны түмэн-холбоон көрдөрөр. ☉ Примыкая к глагольному сказуемому, выражает собирательность действия
Киһи тылын истимтиэ эҥин. Амма Аччыгыйа
Кэм кини [Доропуун оҕонньор] онон-манан түбүгүрбүтэ, сайыны быһа оттообута, ол быыһыгар аны пиэрмэ саһылларыгар балыктаабыта эҥин баар буолааччы. Н. Заболоцкай
Арай, куоракка уулуссаны кэриирдиир үһү, тугу эрэ оҥорон хаайыыга олорбут эҥин диэн иһиллэр. А. Фёдоров