Якутские буквы:

Якутский → Русский

сытымсах

тот, у кого хорошо развито обоняние (о человеке и животном).

Якутский → Якутский

сытымсах

даҕ. Сыты ылымтыа, билимтиэ (киһи, кыыл туһунан). Чуткий в отношении обоняния
Уолчааны хайа да бэйэлээх сытымсах ыт булбат гына саһыарыа. В. Гаврильева
Таба сытымсах буолан миэтэрэ аҥаара халыҥнаах хаар анныгар сытар лабыктаны, оту билэр. ТСА ТС
Сылгы сытымсах буолан, төһө да көрдөххө чээлэй күөх отун иһин, бэттиэмэни аҥаардастыы сиэбэт. ПАЕ УуАХО


Еще переводы:

чуткий

чуткий (Русский → Якутский)

прил
чуор, сэргэх; сытымсах

прил.
1) сэргэх
чуткая собака - сэргэх ыт
2) чуор
чуткое ухо - чуор кулгаах
3) амарах
чуткое отношение - амарах сыһыан

дьиэмсэх

дьиэмсэх (Якутский → Якутский)

даҕ. Олорор, иитиллэр сириттэн, дьиэтиттэн-уотуттан арахсыан баҕарбат, онно олус убаммыт (киһи, сүөһү туһунан). Предпочитающий не отлучаться из дому, очень домашний (о человеке, животном)
Оҕом дьиэмсэх буолан, төһө да ыраах сиргэ үөрэннэр, куруук кэлэ турар.  Үтүмэн үрүгэн, үчүгэй сытымсах, Өрүүтүн дьиэмсэх Үтүө ыт тахсыа! Р. Баҕатаайыскай
Ынах олус дойдумсах, дьиэмсэх буолан, төрөөбүт-үөскээбит алааһыттан букатын да кэриэтэ тэлэһийбэт. В. Ойуурускай

көрүгэс

көрүгэс (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Сытыы харахтаах, кыраҕы; ырааҕы үчүгэйдик көрөр. Обладающий острым зрением, зоркий; наблюдательный
Булчут туох-ханнык иннинэ көрүгэс, сэрэхтээх уонна истигэс, түргэн туттунуулаах, табыгас ытааччы буолуохтаах. Н. Якутскай
Ыт эрэ барыта кылаабынай дьоҕурунан кини ону-маны билимтиэтэ …… сытымсаҕа, истигэнэ уонна көрүгэһэ буолар. АФС БЫ
2. Ырыҥалаан билимтиэ; таба сыаналыыр (хол., инникини эбэтэр туох эмэ уустугу). Проницательный; умеющий предугадывать, прогнозировать будущее, прозорливый
Кини олох сайдан иһэр саҥа өрүттэрин ордук көрүгэс буолара. Д. Таас
Онуоха эбии Давыдов таптал дьыалатыгар көрүгэһэ суоҕа, онон үгүс кини өйүгэр тиийбэт этэ. М. Шолохов (тылб.)

ылымтыа

ылымтыа (Якутский → Якутский)

  1. көр ылыныгас
    2
    Нуурай кыра эрдэҕиттэн үөрэҕи ылымтыа этэ, онон тохтоло суох үөрэнэн учуонай-зоотехник дипломнаммыта. П. Аввакумов
    Костя үөрэҕи ылымтыата, сүрэхтээҕэ, билиигэ дьоҕурдааҕа адьас кыра эрдэҕиттэн биллибит. П. Филиппов
    Айылҕаттан сымнаҕас майгылаах буоланнар, Индия сулуоннара «үөрэҕи» ылымтыалар, сорудаҕы толорумтуолар. ГКН МҮАа
  2. Кэбэҕэстик сыты билэр, сытымсах (хол,. ыты этэргэ). Имеющий хороший нюх, восприимчивый к запахам (напр., о собаке)
    Тайах улахан куттал суоһуурун туох-ханнык иннинэ бэйэтин чуор, истигэн кулгааҕынан уонна сыты ылымтыа муннунан билэр. Я. Семёнов
    Тыал кэнниттэн ыт сыты кыайан ылымтыата суох. ҮҮүДь
    Үчүгэй булчут ыт сыты ылымтыа, үчүгэйдик ирдэһимтиэ уонна иччититтэн олус ыраах барымтыата суох буолар. Булчуттарга к.