туохт. Баҕарбат киһиэхэ бэйэҥ баҕаҕынан, күүскүнэн тугу эмэ биэрэ, оҥоро сатаа. ☉ Навязывать кому-л. что-л. (напр., неотступно угощать)
Ааныс араас эгэлгэ аһы астыы-астыы сыҥалыы сатаабыта да, Кыыча биир да ытыры, биир да тооромоһу айаҕар ылбатаҕа. Софр. Данилов
Булбут аһын сыыһын, «оҕом эрэ тот сырыттын» дии-дии, киниэхэ сыҥалыыра. Н. Якутскай
«Табаарыс луохтуур, Эн соҕотох оҕобутун өрүһүйдүҥ, улахан баһыыба!» — дии-дии, Киппирийээн манньа биэрээри сыҥалаабыта. Д. Таас
Якутский → Якутский
сыҥалаа
Якутский → Русский
сыҥалаа=
навязывать кому-л. что-л.; сыҥалаан күндүлээ = насильно угощать; үлэни сыҥалаа = навязать работу; оҕону сыҥалаан аһатыма не корми ребёнка насильно.
Еще переводы: