Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сэбэрэлэн

сэбэрэлээ диэнтэн бэй
туһ. Оҕото этэҥҥэ эргийэн кэллэ, өссө улааппыкка дылы буолбут, үөһээ уоһугар кыратык торумтуйан көстөр бытыктаммыт, хайдах эрэ, кырдьык, эр киһилии сэбэрэлэммиккэ дылы. Н. Якутскай
Кини аармыйаттан маҥнай кэллэҕин утаа дьарамай, уһун-синньигэс бэйэтэ билигин лаппа халыҥаан, санна дарайан, толору эттээх-сииннээх тойон-хаан сэбэрэлэннэ. С. Никифоров


Еще переводы:

дьарамай

дьарамай (Якутский → Якутский)

даҕ. Модьу-таҕа буолбатах, хатыҥыр уонна иинэҕэс дьүһүннээх (үксүн киһиэхэ тут-лар). Не крепкого телосложения, худощавый, хилый, сухопарый
Ханнык да уус тарбах чочуйбат, Ханнык да уран тыл хоһуйбат Дьарамай, чэпчэки тугуттар Тыкаара сыыр үөһэ оонньууллар. С. Данилов
Кини аармыйаттан маҥнай кэллэҕин утаа дьарамай, уһун синньигэс бэйэтэ билигин лаппа халыҥаан, санна дарайан, толору эттээх-сииннээх тойон-хаан сэбэрэлэннэ. И. Никифоров
Оо, төһөлөөх туонна чоҕу, тууһу, доруобунньугу таспыта буолуой бу дьарамай саха дьахтарын санна. «ХС»

эттээх-сииннээх

эттээх-сииннээх (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Бэйэтигэр сөп толору эттээх, этиргэн (үксүгэр дьахтары этэргэ). Полнотелый, в теле (обычно о женщине)
Хойуу хара хаастардаах, кыһыл төгүрүк уостаах, толору эттээх-сииннээх эдэр дьахтар. Күндэ
[Ньургуһун] уһун, хойуу хара баттахтаах, толору түөстээх, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх, синньигэс бииллээх …… дьылыгырас кыыс дьахтар буола улааппыта. Дьүөгэ Ааныстыырап
[Луҥхалыырап] аармыйаттан маҥнай кэллэҕин утаа дьарамай, уһун синньигэс бэйэтэ билигин лаппа халыҥаан, санна дарайан, толору эттээх-сииннээх тойон хаан сэбэрэлэннэ. С. Никифоров
2. көсп. Тугунан эмэ киһи интэриэһин ордук тардар, сэҥээрдэр, толору (суругунан айымньы, хол., наука ыстатыйата). Содержательный, глубокий, ёмкий (о продукте умственного труда, напр., о научной статье). Эттээх-сииннээх ыстатыйа
Усулуобуйа суох буоллаҕына, суруйааччы хантан тарбаҕыттан эмэн дьиҥ эттээх-сииннээх геройдары айыаҕай? Күн т. Биһиримнээх геройдар Дженни уонна кини уола Тонни ордук толору эттээх-сииннээх гына суруллубуттар. «ХС»

халыҥаа

халыҥаа (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Халыҥ буол, туохтан эмэ өссө ордук халыҥ буол. Становиться толще, плотнее, утолщаться, уплотняться
Күһүн буолбут. Кыйыһыйбыт Күөлбүт мууһа халыҥаабыт. Баал Хабырыыс
Кыһыҥҥы бытарҕан тымныы түһэн, сир-дойду бүттүүнэ дөйө тоҥно. Хаар халыҥаата. А. Кривошапкин (тылб.). Былыт халыҥаатаҕына, олус намыһаҕынан устар. КМП ДьБ
2. көсп. Киппэ буол, толору эттэнсииннэн, соноо. Быть полнотелым, толстым
Мин тот, туох да кыһалҕата суох холку олохтон улам халыҥаан испитим. Далан
Луҥхалыырап билигин лаппа халыҥаан, санна дарайан тойонхаан сэбэрэлэннэ. С. Никифоров
Тоҕо Хара тараһам хаһата Халыҥаан өҥнөнө түспэккин? С. Васильев
3. көсп. Ахсаан өттүгүнэн элбээ, элбэх буол. Возрастать в числе, увеличиваться
Боотурдар өссө халыҥаабыкка дылы буолан, кэннилэриттэн кэтит сэтиилэнэн, иннилэригэр уһун үрбэлэнэн тиийэн кэлбиттэрэ. Далан
Харчыта халыҥаан барыыта Хаһаайыныттан арахпыта. М. Ефимов
Дьон халыҥаа да халыҥаа, саҥалара иһиллэр буолла. Н. Павлов
Сирэйин тириитэ халыҥаабыт (киһи) көр сирэй
Ити киһи сирэйин тириитэ халыҥаабыт, туохтан да иҥнибэт буолбут. Тириитэ халыҥаабыт көр тирии. Тириилэрэ халыҥаан, дууһалара дьадайан, эгэлгэ, баай өҥүнэн оонньуур олоххо дьулуспат даҕаны буолаахтаатахтара. И. Гоголев
др.-тюрк., тюрк. халыҥ, калын