Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сэллээ

туохт. Уурайан астан бар, аҕыйаа, мөлтөө, сэдэхсий. Затихать, идти на убыль (напр., о дожде). Тыал сэллээбит. Ардах сэллээтэ
Айдаан арыычча сэллиирин кытта Хабырыыс туран, Сахаар диэки ыйан баран эттэ. Амма Аччыгыйа
Ытыс тыаһа сэллээн эрдэҕинэ Сэмэнчик эмиэ кэҕис гынна. Н. Якутскай
Өр-өтөр буолбата, омуннаахтык курулаппыт дохсун ардах бастаан сэллээн, сыыйа тохтоон хаалла. «ХС»

Якутский → Русский

сэллээ=

утихать, идти на убыль (о дожде, снеге, ветре и т. п.); ардах сэллээбэт дождь не перестаёт.


Еще переводы:

күнүскүтүй

күнүскүтүй (Якутский → Якутский)

туохт. Күн ортотугар чугаһаа. Приближаться к полудню
Күнүскүтүйэн, тыал арыый сэллии быһыытыйда. Софр. Данилов

сэллээмэхтээ

сэллээмэхтээ (Якутский → Якутский)

сэллээ диэнтэн тиэт
көрүҥ. Арай самыыр …… кылгастык сэллээмэхтээн баран эмиэ күүһүрэн түһэн кэлбитэ. П. Аввакумов

ыппахтаа

ыппахтаа (Якутский → Якутский)

ыт I диэнтэн тиэт
көрүҥ. Ньиэмэстэр ыппахтаан баран сэллээтилэр. И. Сосин

затихать

затихать (Русский → Якутский)

несов., затихнуть сов. 1. (умолкнуть) чуумпур, ах бар, ньим бар; звуки затихли тыас-уус чуумпурда; 2. (ослабеть) чуумпур, сэллээ, намыраа; дождь затих самыыр сэллээтэ; 3. (успокоиться) уоскуй; больной затих ыарыһах уоскуйда.

биликтэһии

биликтэһии (Якутский → Якутский)

биликтэс диэнтэн хай
аата. Тустан биликтэһии буолла. Амма Аччыгыйа
Ити курдук ыам ыйын уон аҕыс күнүгэр диэри сэллээбэккэ биир киирсии, биликтэһии буолла. ИИФ ИДЫК

сэллэт

сэллэт (Якутский → Якутский)

сэллээ диэнтэн дьаһ
туһ. Син-биир силлиэни сэллэппэт буолуоххут Сэбиэскэй сиилэтэ ситэри. Эллэй
Тибилийэн түһэн, дьэллигим! Дьэргэлгэн хара ыыспатынан Сири, халлааны ыһаарталаан, Сэлиитин күүһүн сэллэппэтэ. Эллэй

лыһырҕас

лыһырҕас (Якутский → Якутский)

I
лыһырҕаа диэнтэн холб. туһ. Оҕустар харсан муостара лыһырҕастылар
II
даҕ. Лыһырҕаан иһил лэр, арыттаан «лыс-лыс» гынар. Издающий прерывистый треск, щёлканье (напр., об ударах счётных костяшек друг о друга)
Лыһырҕас тыас.  Бэл тыала да тула сэллээтэ, Т и и с т э р и м лыһырҕас, дьагдьайдым. Чэчир-85

тырылас

тырылас (Якутский → Якутский)

I
тырылаа диэнтэн холб. туһ. Суругу бэчээттиир массыыҥкалар таһыгырыыллара, төлөпүөннэр тырылаһаллара, биһиги кыргыттарбыт тэлэгирээмэ чөмөҕөр бүк түһэн олороллоро. Н. Крупская (тылб.)
II
даҕ. Ибигирэс хатан тыаһы таһаарар. Издающий дрожащий вибрирующий звон или треск
Күнү быһа, Түүнү быһа Биир тыаһынан Киэҥ бааһынам — Тып-тырылас, Тап-тарылас! М. Тимофеев. Аптамааттар тырылас тыастара эмиэ да күүһүрэн кэлэр, эмиэ да сэллиир. Эдэр г.

хаайтарыы

хаайтарыы (Якутский → Якутский)

  1. Суол алдьанан, айан-сырыы суох кэмэ (хол., саас, күһүн). Распутица, бездорожье (напр., весной, осенью)
    Сэллээбэт ардахтар ибили түһэннэр, хаайтарыы буолбута уонча хоммут. С. Федотов
    2
    хаайтар 4 диэнтэн хай. аата. Хонуу боруутун иик хаайтарыытын, хаан барыытын, сүһүөх дьарҕатын эмтииргэ тутталлар. МАА ССКОЭҮү
эргиттэр

эргиттэр (Якутский → Якутский)

эргит диэнтэн дьаһ
туһ. Эмэгэти көмпүт сирдэрин, киһи көмүллэ сытар сирин курдук, тимир эрэһээҥкинэн эргиттэрбиттэрэ, маһынан уҥуох туттарбыттара. Н. Якутскай
[Харбаатай (ытыыр):] Маа бэйэлээх хаарыаннаах ыччаппытын бу кэбилээн сытыардаххыан! Сатаатар, уҥуоҕун эргиттэриэ да эбиккит. Л. Габышев
Билигин ардах сэллээбитин да куоттарбакка, субууну эргиттэриэххэ. С. Окоёмов