Якутские буквы:

Якутский → Русский

сэллээ=

утихать, идти на убыль (о дожде, снеге, ветре и т. п.); ардах сэллээбэт дождь не перестаёт.

Якутский → Якутский

сэллээ

туохт. Уурайан астан бар, аҕыйаа, мөлтөө, сэдэхсий. ☉ Затихать, идти на убыль (напр., о дожде). Тыал сэллээбит. Ардах сэллээтэ
□ Айдаан арыычча сэллиирин кытта Хабырыыс туран, Сахаар диэки ыйан баран эттэ. Амма Аччыгыйа
Ытыс тыаһа сэллээн эрдэҕинэ Сэмэнчик эмиэ кэҕис гынна. Н. Якутскай
Өр-өтөр буолбата, омуннаахтык курулаппыт дохсун ардах бастаан сэллээн, сыыйа тохтоон хаалла. «ХС»


Еще переводы:

күнүскүтүй

күнүскүтүй (Якутский → Якутский)

туохт. Күн ортотугар чугаһаа. ☉ Приближаться к полудню
Күнүскүтүйэн, тыал арыый сэллии быһыытыйда. Софр. Данилов

сэллээмэхтээ

сэллээмэхтээ (Якутский → Якутский)

сэллээ диэнтэн тиэт
көрүҥ. Арай самыыр …… кылгастык сэллээмэхтээн баран эмиэ күүһүрэн түһэн кэлбитэ. П. Аввакумов

ыппахтаа

ыппахтаа (Якутский → Якутский)

ыт I диэнтэн тиэт
көрүҥ. Ньиэмэстэр ыппахтаан баран сэллээтилэр. И. Сосин

затихать

затихать (Русский → Якутский)

несов., затихнуть сов. 1. (умолкнуть) чуумпур, ах бар, ньим бар; звуки затихли тыас-уус чуумпурда; 2. (ослабеть) чуумпур, сэллээ, намыраа; дождь затих самыыр сэллээтэ; 3. (успокоиться) уоскуй; больной затих ыарыһах уоскуйда.

биликтэһии

биликтэһии (Якутский → Якутский)

биликтэс диэнтэн хай
аата. Тустан биликтэһии буолла. Амма Аччыгыйа
Ити курдук ыам ыйын уон аҕыс күнүгэр диэри сэллээбэккэ биир киирсии, биликтэһии буолла. ИИФ ИДЫК

сэллэт

сэллэт (Якутский → Якутский)

сэллээ диэнтэн дьаһ
туһ. Син-биир силлиэни сэллэппэт буолуоххут Сэбиэскэй сиилэтэ ситэри. Эллэй
Тибилийэн түһэн, дьэллигим! Дьэргэлгэн хара ыыспатынан Сири, халлааны ыһаарталаан, Сэлиитин күүһүн сэллэппэтэ. Эллэй

лыһырҕас

лыһырҕас (Якутский → Якутский)

I
лыһырҕаа диэнтэн холб. туһ. Оҕустар харсан муостара лыһырҕастылар
II
даҕ. Лыһырҕаан иһил лэр, арыттаан «лыс-лыс» гынар. ☉ Издающий прерывистый треск, щёлканье (напр., об ударах счётных костяшек друг о друга)
Лыһырҕас тыас.  Бэл тыала да тула сэллээтэ, Т и и с т э р и м лыһырҕас, дьагдьайдым. Чэчир-85

тырылас

тырылас (Якутский → Якутский)

I
тырылаа диэнтэн холб. туһ. Суругу бэчээттиир массыыҥкалар таһыгырыыллара, төлөпүөннэр тырылаһаллара, биһиги кыргыттарбыт тэлэгирээмэ чөмөҕөр бүк түһэн олороллоро. Н. Крупская (тылб.)
II
даҕ. Ибигирэс хатан тыаһы таһаарар. ☉ Издающий дрожащий вибрирующий звон или треск
Күнү быһа, Түүнү быһа Биир тыаһынан Киэҥ бааһынам — Тып-тырылас, Тап-тарылас! М. Тимофеев. Аптамааттар тырылас тыастара эмиэ да күүһүрэн кэлэр, эмиэ да сэллиир. Эдэр г.

хаайтарыы

хаайтарыы (Якутский → Якутский)

  1. Суол алдьанан, айан-сырыы суох кэмэ (хол., саас, күһүн). ☉ Распутица, бездорожье (напр., весной, осенью)
    Сэллээбэт ардахтар ибили түһэннэр, хаайтарыы буолбута уонча хоммут. С. Федотов
    2
    хаайтар 4 диэнтэн хай. аата. Хонуу боруутун иик хаайтарыытын, хаан барыытын, сүһүөх дьарҕатын эмтииргэ тутталлар. МАА ССКОЭҮү
эргиттэр

эргиттэр (Якутский → Якутский)

эргит диэнтэн дьаһ
туһ. Эмэгэти көмпүт сирдэрин, киһи көмүллэ сытар сирин курдук, тимир эрэһээҥкинэн эргиттэрбиттэрэ, маһынан уҥуох туттарбыттара. Н. Якутскай
[Харбаатай (ытыыр):] Маа бэйэлээх хаарыаннаах ыччаппытын бу кэбилээн сытыардаххыан! Сатаатар, уҥуоҕун эргиттэриэ да эбиккит. Л. Габышев
Билигин ардах сэллээбитин да куоттарбакка, субууну эргиттэриэххэ. С. Окоёмов