1) сила, мощь; сэниэтэ баарынан изо всех сил ; сэниэтэ баарын тухары пока у него есть силы; сэниэтэ эстибит он выбился из сил ; 2) перен. состоятельность, достаток || состоятельный; сэниэ ыал состоятельная семья.
Якутский → Русский
сэниэ
сэнээ=
пренебрегать кем-л.; унижать кого-л.; сэнээбиккиттэн тотуоҥ погов. получишь сполна у того, кого ни во что не ставил (т. е. никем не пренебрегай, никого не унижай).
Якутский → Английский
сэниэ
a. well-off
сэниэ
n. energy
Якутский → Якутский
сэниэ
- аат. Күүс-күдэх, тугу эрэ гынар кыах. ☉ Сила, энергия
[Кулаковскай] олус дьүдьэйбит, хайдах эрэ сэрэнэн хаамар-хамныыр курдук, үөмэ туттан сылдьар, сэниэтэ суохтук саҥарар. Амма Аччыгыйа
Сэниэтэ букатын суох, ол үрдүгэр бүгүҥҥү ыарахан үлэтиттэн дэлби сылайбыт, түүн тоҥон аанньа утуйбат буолан, утуктуура да бэрт. Эрилик Эристиин
«Сэниэҕин эһэ үлэлиир буолаайаҕын, уҥуоҕуҥ төбөтө хааннырыа», — эбэм хапсыгыр түөһүгэр умса тардан, кэтэхпиттэн сыллаан ылара минньигэс да этэ. Ф. Постников - даҕ. суолт., көсп. Үптээх-астаах, кыахтаах (киһи, ыал). ☉ Состоятельный, зажиточный
Күөх ыстаабаннаах дьиэ сэниэ соҕус ыал дьиэтэ буолуон сөптөөх эбит. Софр. Данилов
Кэнники сир солоон, бурдук үүннэрэн уонна төрүүр кэлэн, арай, дьону ордук санатар сэниэ ыал буолан баартара. Эрилик Эристиин
Сэниэ сахалар ол кэмнэргэ оҕолорун Японияҕа ыытан үөрэттэрэллэрэ. «ХС»
ср. монг. чинээ ‘зажиточность; сила, мощь’
күүс-сэниэ
аат. Киһи ис кыаҕа, эрчимэ кыайар-хотор дьоҕура. ☉ Физические возможности, сила человека
Көбүөхтэс буола, Күүс-сэниэ эстэн, Тыын быһаҕаһын тыынан, Өйүн-төйүн булунаары, тымныы буорга умса түһэн, Өр соҕус сыппыта. Күннүк Уурастыырап
Валерий күүһэ-сэниэтэ мөлтүү быһыытыйбыта. Софр. Данилов
Оҕонньор күүһэ-сэниэтэ эстэн, санаата түһэн, нам баран, хаптайан хаалбыта. Болот Боотур
сэнээ
туохт. Кими-тугу эмэ аанньа ахтыма, бэйэҕиттэн намыһахтык санаа, бэйэҕэр тэҥнээмэ. ☉ Пренебрегать кем-л., считать ниже себя, унижать кого-л. [Сайсары] баҕайы мүөттээх-саакырдаах таҕыстаҕын көр
Ити тухары сэниирэ итиччэ. Суорун Омоллоон
Киһини хаһан да сэнээбэт куолу, онтон ордук куһаҕан суох. Н. Заболоцкай
Үгүс саллааттар Киргиэлэйи кырата, дьарамайа бэрдин иһин, сэнии көрөллөрө соҕотохто уурайда. «ХС»
♦ Сэнээбиккиттэн тотуоҥ — кимитугу да улахаҥҥа уурбаккыттан кэлин кэмсиниэҥ, кэһэйиэҥ. ☉ Пожалеешь о том, что пренебрегал кем-л., относился свысока к кому-л.
Сэнээбиккиттэн тотуоҥ. Өксөкүлээх Өлөксөй
ср. ДТС йеникле ‘пренебрегать’, казах. диал. шене ‘унизить, задеть, оскорбить колкими словами’
Еще переводы: