Якутские буквы:

Якутский → Русский

сэттэлиитэ

по семь раз.

сэттэлии

по семь; сэттэлии буолан туруҥ = построиться по семь человек.

Якутский → Якутский

сэттэлиитэ

сыһ. Сэттэтэ төхтүрүйэн; сырыы аайы сэттэтэ. По семь раз; каждый раз по семь. Сэттэлиитэ кырыннылар
Тыйаатыр сорох испэктээгэр биирдии киһи сэттэлиитэ субуруччу сылдьара. Суорун Омоллоон

сэттэлии

сэттэ диэнтэн үлл. ахс. аат. Сэттэлии куобах тигистэ
[Миитэрээс:] Икки хараҕа сэттэлии сиринэн эргэлээх, кыайан көрбөт диэбитим ээ. Амма Аччыгыйа
Ойоҕо, оҕото суох дьоннор сэттэлии идэһэни сайыҥҥы кэмҥэ сиэтэлээбиттэр. Эрилик Эристиин
Сэттэлии көһүнэн хардыылаан Ситэн сиэллэрэн иһэбит! С. Васильев


Еще переводы:

киһилииччэ

киһилииччэ (Якутский → Якутский)

сыһ., түөлбэ. Киһи аайы, хас биирдии киһиэхэ. Каждому, каждому человеку
Чэ, киһилииччэ биирдии хаас, уон иккилии кус буолла. Амма Аччыгыйа
[Саха сиригэр] киһилииччэ биирдии күөл тиксэр. М. Чооруоһап
Киэһэ киһилииччэ сэттэлии куобахтаннылар. А. Бродников

сиэтэлээ

сиэтэлээ (Якутский → Якутский)

сиэ диэнтэн төхт
көрүҥ. [Күөх Көппө:] Мээрэй бурдук, бас, туйах ылан сиэтэлээбитим, ол төлөбүрүгэр умса түһэбин. Суорун Омоллоон
Оройуоннааҕы агропромышленнай холбоһук мунньаҕар Астахов туран оройуон салалтатын, ордук сопхуостары сиэтэлээбитэ. Далан
Биирдии хаама сылдьар, ойоҕо-оҕото суох дьоннор сэттэлии идэһэни сайыҥҥы бириэмэҕэ сиэтэлээбиттэр. Эрилик Эристиин
[Спиридон:] Туох да буруйа суох эриэккэс дьоннорбутун сиэтэлээтилэр. С. Ефремов

миэтэрэ

миэтэрэ (Якутский → Якутский)

аат. Уһуну мээрэйдээһиҥҥэ кээмэй сүрүн единицата, сүүс сэнтимиэтиргэ тэҥнэһэр. Метр (единица длины)
Кинилэр икки нэдиэлэ устатыгар дьаныардаахтык үлэлээн сэттэлии миэтэрэ усталаах, түөртүү миэтэрэ үрдүктээх, биэстии миэтэрэ туоралаах быһыт аанын икки ардынааҕы ампаардарын хонууга оҥорон бэлэмнээтилэр. М. Доҕордуурап
Ураһа а а н а т ө һ ө ҕ ө д а б э р т н а м ы һ а х , үлүннэҕинэ миэтэрэҕэ тиийэрэ буолуо. Н. Заболоцкай
Киһи хотуурунан биир миэтэрэ сир отун ортотунан түөртэ дайбаан охторуон сөп. «ХС»

идэһэ

идэһэ (Якутский → Якутский)

  1. аат. Бэйэ сииригэр анаан өлөрүллэр сүөһү. Убойный скот для собственного потребления
    Дьэ, ынах идэһэ сиэбит сурахпытын иһиттэхтэринэ, сарсын төһө эрэ дьахтар кэлэн сыа сиэппэтэ дии-дии, кыыһыраллар. А. Софронов
    Идэһэ сииргэ баар буоллун, кэлэн биэс-түөрт хонукка ахтылҕанын таһааран бардын. Болот Боотур
    Биирдии хаама сылдьар, ойоҕо-оҕото суох дьоннор сэттэлии идэһэни сайыҥҥы бириэмэҕэ сиэтэлээбиттэр. Эрилик Эристиин
  2. даҕ. суолт. Бэйэ сииригэр анаммыт (сүөһү). Предназначенный, отобранный для собственного потребления (убойный скот)
    Маҥан Киргиэлэй идэһэ биэтэ алта атахтаммытыгар дылы (өс ном.). Төрөкөйү, идэһэ сүөһүтүн курдук, бачча үлүгэр тоҕо одуулаатын? И. Гоголев
    монг. идэши
угут

угут (Якутский → Якутский)

I
1. аат. Ардах-хаар элбэҕиттэн сир-дойду, өрүс, күөл улаханнык ууланыылара, уу элбээһинэ. Половодье, разлив
Ол [уот] кэнниттэн уон сылы быһа угут бөҕө буолар. И. Данилов
Ол эрээри, улахан угут олус сэдэх. Быйыл — хара хапсыыр саас. «ХС»
Ааспыт сайын оройуоҥҥа улахан угут буолан оттооһун былаана ырааҕынан толоруллубатаҕа. «Кыым»
2. даҕ. суолт. Ардахтаах, дэлэй уулаах. Дождливый, с большим количеством осадков. «Быйыл күөл уута үллэ тоҥно, эһиил угут сайын буолуо», — Огдооччуйа үрүҥ көмүс хамсатын оборо-оборо эһиилгини төлкөлөөтө. И. Гоголев
Үс күрүө сириттэн Сабардам угут дьылга сэттэлии-тоҕустуу сүүскэ тиийэ бугулу туруорара. Болот Боотур
Биир угут дьыл кэнниттэн, кырдьык, көлүйэ сүрдээх улахан күөлгэ кубулуйбут. Багдарыын Сүлбэ
др.-тюрк. суб, суг ‘вода’
II
аат. Ыалдьар сиргэ ууруллар сылаас (сылытыллыбыт) туох эмэ; ыалдьар сири тугунан эмэнэн сылытан эмтээһин, эмтэнии. Тёплый компресс, грелка на больное место, припарка
Итии күл угуту Таҕайар кэриэтэ, Көхсүбэр күн уотун Сылама суоһаата. Баал Хабырыыс
Кыынньыбыт үүтү иһэн, кыыс хабарҕатыгар сылаас угут ууран баран эмиэ оронугар токуллан сытта, этэсиинэ сымнаан, нусхайан хаалла. Е. Неймохов