- сүөкээ диэнтэн атын. туһ. Бөлөнөхтөөх иһит сүөкэннэ
□ Сүллүкү ойуун сэттэ уонча сыл олорбут уһун олоҕуттан ахтара-саныыра итинэн бүтэн, сүөкэммит эргэ тымтайдыы кураанахсыйан, субу хар гыныах курдук курдургуу-хардыргыы сытта. Болот Боотур
Тууттан сүөкэммит эмис собо курдук оппоҥнуурун билиҥҥэ диэри өйдүүбүн. И. Гоголев
Ийэттэн сибилигин аҕай сүөкэммит кып-кыһыл лабычааннаах лэчигирэс соболор мууска кутуруктарынан охсуоланан өрүтэ тэйиэккэлии сыппыттар. А. Бэрияк - кэпс. Тиийиэхтээх сиргэр айаннаан кэлэн туох эмэ иһиттэн түс, тахсан кэл (хол., массыынаттан, пуойастан, суудунаттан). ☉ Достигнув места назначения, выгружаться, высаживаться из чего-л. (напр., из машины, поезда, судна)
Бэл мин, саха оҕонньоро, ол муора түгэҕиттэн босхо аһаан-таҥнан, айаннаан, дойдубар дьаамынан кэлэн, манна сүөкэнним. Суорун Омоллоон
Ити курдук балтараа көс сири бэрт өр айаннаан, тиийиэхтээх сирбит биэрэгэр тиксэн сүөкэннибит. «ХС»
Перстэр сэриилэрэ, харааптарга олорон, Эгей муоратын туораан, Марафон дэхси сиригэр тиийэн сүөкэммитэ. КФП БАаДИ - көсп., кэпс. Тахсан киир, көҕүрэтин. ☉ Справлять естественную надобность, опорожняться
Ити аҕыйах бугул оту эспэхтээн биэрэн бараҥҥын, сүөкэнэр буоллаххына, сүөкэнээр! Амма Аччыгыйа
«Кырдьык да, бу тугун кыһыытай, муҥ саатар тахсан сүөкэнэ түһэн, салгыны эҕирийэн киирэр баҕалаах», — дии-дии Борька уутун кытта охсуһа сатаан баран тура эккириир. Н. Заболоцкай - көсп., кэпс. Үпкүн-харчыгын олоччу бараан тураҥҥын тугу эмэ атыылас. ☉ Растратить последние сбережения на что-л. Буулдьа суоҕа куһаҕаныан
Хаһан да дэлэйбэт буоллаҕа. Биирдэ эмэтэ атыыһыттартан сүөкэнэн туран булбуту кэмчилээн муҥ бөҕө. П. Ламутскай
Якутский → Якутский
сүөкэн
Якутский → Русский
сүөкэн=
страд. от сүөкээ = 1) опорожняться, быть опорожненным; выливаться; быть вылитым; иһит сүөкэннэ посуда опорожнилась; уһааттаах уу сүөкэммит вода вылилась из бочки; 2) выгружаться, разгружаться, быть выгруженным, разгруженным; сыарҕалаах от сүөкэммит воз с сеном разгружен; 3) перен. разг. отправлять естественную надобность, оправляться.
Еще переводы: