сөпсөс диэнтэн хай
аата. Мин тоҕо толору өйдөһүүнү эрэйбэппиний? Сүнньүнэн, сөпсөһүү баар да бүттэ. Н. Лугинов
◊ Сөпсөһүү ситимэ тыл үөр. — баһылатар тыл баһылыыр тыл грамматическай форматыгар сөп түһэсиһиитэ. ☉ Согласование
Туһаан уонна кэпсиирэ бэйэ бэйэлэрин кытта ыкса сибээстээхтэр, сөпсөһүү ситиминэн холбоһоллор. ННН СТМО
Сөпсөһүү ситимэ туһаан уонна кэпсиирэ икки ардыгар баар. ЧМА СТС СЭ
Якутский → Якутский
сөпсөһүү
сөпсөө
туохт. Кими, тугу эмэ сөбүлээ, искэр киллэр. ☉ Одобрять когочто-л., быть довольным кем-чем-л.
Мин тус бэйэм эн этиилэргин сөпсүүбүн. Суорун Омоллоон
Киһим онуоха хоруйдаһа барбакка, сөпсөөбөтөх дуу, атыҥыраабыт дуу курдук саҥата суох атын сир диэки хайыһан кэбистэ. Н. Заболоцкай
[Өксүүчэ] Сөпсүүр уолун куоттарбыта — Сүрэҕин ытарҕата сөллүбүтүн курдук. С. Васильев
ср. монг. зөвшөөх ‘одобрять, находить правильным, соглашаться’
сөпсөс
туохт. Кимниин эмэ биир санаалааххын биллэр, сөбүлэс. ☉ Соглашаться с кем-чем-л.
Кэбиис, мин Вильямы кытары сөпсөспөппүн! В. Яковлев
Мин кинилэр кэпсэтиилэригэр орооспотоҕум, бүтэйдии сөпсөһө санаабытым. Сэмээр Баһылай
Баһылай сөпсөһөрүн биллэрэн саҥата суох төбөтүн тоҥхолдьутта. У. Ойуур
△ Кимниин эмэ туохха эмэ сөп түбэсиһэр буол. ☉ Подходить друг другу, совпадать, сходиться с кем-л. в чём-л. (напр., в интересах)
[Аҕам уонна Киил оҕонньор] сатаан тэҥнэммэт адьас атын мээрэйдээх, атын өйдөбүллээх дьон. Онон наһаа үгүс сөпсөспөт өрүттэрдээхпит быһыылаах. Н. Лугинов
Кутуковтар саҕа сөпсөһөр ыал ахсааннаах быһыылаах. Н. Лугинов
Тэҥэ суох дьон сөпсөспөттөр эбээт. ПБН ОПТ
Кийииппит хайдах курдук намыыный, өйдөөҕүй! Эт-хаан сөпсөстөҕүнэ өрүү итинник буолааччы. С. Сарыг-оол (тылб.)
Еще переводы: