Якутские буквы:

Якутский → Якутский

табыгыраттар

табыгырат диэнтэн дьаһ
туһ. Эрэдээктэр дьаһайбытын хайыай, Сахаайа массыньыыска Аяҕа бэчээттэтэн табыгыраттарда. Софр. Данилов

табыгырат

табыгыраа диэнтэн дьаһ
туһ. Отут көс усталаах От үрэх устун Таҥнары табыгыратан Тайдаран истилэр. П. Ойуунускай
Ким эрэ, тохтуу-тохтуу бэрт симиктик ааны тоҥсуйан табыгыратта. Н. Лугинов
[Күһүҥҥү халлаан] арыт ардаан кутар, арыт кылбайа халлар, арыт өксүөннээн табыгыратар. Н. Якутскай
[Хаҥыл буурдар] субу ыган кэлбит дьону икки илин атахтарынан харса суох табыйан табыгыраппытынан, уу дьулайдарын сиигинэн түһэрбитинэн бардылар. «ХС»

Якутский → Русский

табыгырат=

побуд. от табыгыраа=; сиэллэрэн табыгыратан бардыбыт мы поскакали рысью.


Еще переводы:

табыгыратылын

табыгыратылын (Якутский → Якутский)

табыгырат диэнтэн атын
туһ. Эти тас хаҕыттан араарыллар уонна кыратык сынньыллар. Ол кэнниттэн тууһу уонна биэрэһи табыгыратыллар. ТИИ ЭОСА

барабанить

барабанить (Русский → Якутский)

несов. барабааннаа, дабдыгырат, табыгырат; барабанить на рояле рояльга барабааннаа (холустук оонньоо); дождь барабанит по крыше ардах кырыысаны табыгыра-тар.

табыгыраппахтаа

табыгыраппахтаа (Якутский → Якутский)

табыгырат диэнтэн төхт
көрүҥ. Бэрэссэдээтэл тугу эрэ толкуйдаан, тарбахтарын төбөтүнэн остуолу табыгыраппахтаан ылла. Н. Заболоцкай
Суон аргыһым эмиэ бартыбыалын табыгыраппахтаан баран, миэхэ эргилиннэ. Н. Габышев
Ураһа эркинигэр уонна үрдүгэр тыал хаары сабыта охсон табыгыраппахтыыр. Тэки Одулок (тылб.)

тайдар

тайдар (Якутский → Якутский)

көр дайдар
Отут көс усталаах От үрэх устун Таҥнары табыгыратан Тайдаран истилэр. П. Ойуунускай
[Ньургун Боотур] Унаар сыһыылары туораан, Чаҕылҕанныы дапсылытан Тайдаран кини, уола хаан, Халлаан сирдиин тиксиитигэр Хаҥыл атынан көтүтэрэ. И. Эртюков

тутугураа

тутугураа (Якутский → Якутский)

субул. тыас туохт. Үрүт-үөһэ «ту-ту» гынан тыаһаа (хол., төлөпүөн аппараатын этэргэ). Издавать негромкий прерывистый стук (напр., о телеграфном аппарате)
Телеграфист эмиэ өр соҕус тоҥсуйан табыгыратар, аппараат үлэлээн тутугуруур. Н. Якутскай

чарылат

чарылат (Якутский → Якутский)

чарылаа диэнтэн дьаһ
туһ. Дьэ онно били «аттара» биэлии ииктээн чарылатта. Р. Кулаковскай
Биир эмэ оннук уларыттаары турбут таба саахтаан табыгыратара, ииктээн чарылатара — буолуох буолбутунуу. Хомус Уйбаан
[Синцов] Надя ууну ыытан чарылатарын …… истэ олордо. К. Симонов (тылб.)

ардаа

ардаа (Якутский → Якутский)

туохт. Халлаантан сөҥүү буолан хойуу таммаҕынан түс, самыырдаа (ардах туһунан). Идти (о дожде), дождить
Халлаан ардаабытын мэлдьэһэн, былыттарын кыйдаан, тунаарыйа аһыллыбыт. Л. Попов
Ардыы түспэт буолан. Оту-маһы кэҕиннэрэригэр тиийдэ. С. Ефремов
Арыт ардаан кутар, кылбайа халлар, арыт өксүөннээн табыгыратар. Н. Якутскай
түөлбэ. Хаардаа. Снежить, идти (о снеге).
ср. др.-тюрк. арта, арда ‘портиться’

өксүөннээ

өксүөннээ (Якутский → Якутский)

туохт. Хаар былаастаах ардахтаах, тыаллаах, тымныы буол (күһүҥҥү күн-дьыл туһунан). Быть ненастным, холодным (об осенних днях); идти (об осеннем дожде с мокрым снегом)
[Күһүҥҥү халлаан] арыт ардаан кутар, арыт кылбайа халлар, арыт өксүөннээн табыгыратар. Н. Якутскай
Хонон турдах аайы халлаан хаҕыстык тыалырар, сотору-сотору ардыыр, эмиэ да өксүөннүүр буолла. В. Сыромятников
Сороҕор хайа былытыран, түүппэҕирэн туруо, өксүөннүө, анысхан тыал аргыйыа. Умнуллубат к.

чочоҥолоо

чочоҥолоо (Якутский → Якутский)

чочой диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Таня иннинэн киргил биэрэҥнээн ааһан иһэн, чугас тииккэ түһэн, кэтэҕэ чочоҥолоон, тоҥсуйан табыгыраппытынан барда. М. Доҕордуурап
Биригэдьиирдэрэ харса суох хааман, титииктэн уопсайдар диэки чочоҥолуу турда. У. Нуолур
Холкуос бэрэссэдээтэлэ, улаҕаҕа олорон ойон туран, дьону үрдүнэн ууна-ууна харандааһынан чочоҥолоото. С. Васильев

забарабанить

забарабанить (Русский → Якутский)

сов. барабааннаан бар, даб-дыгыратан бар, табыгыратан бар; дождь забарабанил в окна түннүктэргэ самыыр даб-дыгыратан барда.