Якутские буквы:

Якутский → Якутский

чочоҥолоо

чочой диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Таня иннинэн киргил биэрэҥнээн ааһан иһэн, чугас тииккэ түһэн, кэтэҕэ чочоҥолоон, тоҥсуйан табыгыраппытынан барда. М. Доҕордуурап
Биригэдьиирдэрэ харса суох хааман, титииктэн уопсайдар диэки чочоҥолуу турда. У. Нуолур
Холкуос бэрэссэдээтэлэ, улаҕаҕа олорон ойон туран, дьону үрдүнэн ууна-ууна харандааһынан чочоҥолоото. С. Васильев


Еще переводы:

кынныһах

кынныһах (Якутский → Якутский)

аат., кэпс. Кылын (ытыктаан этии). Тесть (говорится в знак особого уважения)
Дьэй эрэ, кынныһах, Көрдөрүөх буолбут Көмүс бүөбэйикпин Көрдөрө тардыый! П. Ойуунускай
Дьэ, нойоон, Эдэр кынныһах, Ити дьахтары Иэримэ дьиэбэр илтэхпинэ, Дойдубун аҕынным диэн туймалдьытыа, Дьоммун көрдөр диэн чочоҥолуо. С. Васильев
Күтүөт кынныһаҕын кэпсээнин бэркэ болҕойон олорон истибитэ. А. Бэрияк

тыраҥалаа

тыраҥалаа (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Уһун синньигэс атахтаргын өрүтэ көтөҕөлөөн хамсан, оннук көтөҕөлөөн сүүр, тэбиэлэн. Дёргать, дрыгать длинными тонкими ногами
Айаҕын оҕото аппаҥалаан, Атахтарын сыыһа тыраҥалаан, Чороҥолоон, чочоҥолоон түһэн, Чочуонайын баҕаһын, дэһэн, Хара тураахтар хайҕаатылар, Хара ааныттан аймаҕырҕаатылар. Болот Боотур
Сэмэнчик эмиэ сөтүөлээри, плавкинан эрэ сүүрэн тыраҥалыы сырытта. Улдьаа Харалы
Эриэн үөн аллара диэки ньылбыс гынан эрэрэ баара да, баҕа оҕотун уһун атахтара кини аппыт айаҕар тыраҥалыы тураахтаабыттара. В. Бианки (тылб.)

иэримэ

иэримэ (Якутский → Якутский)

иэримэ дьиэ фольк. - 1) төрөөбүт-үөскээбит дьиэ. Родной очаг
Ол тиийэммин, кыргыһыыга киирэммин, Кырыктаах охсуунан өстөөҕү эсиһиэм! Иккистээн төрөөбүттүү үлүскэнник үөрэммин, Иэримэ дьиэбэр, эһиэхэ, эргиллэн кэлиэм! Эллэй
Дьэ, нойоон, Эдэр кынныһах, Ити дьахтары Иэримэ дьиэбэр иттэхпинэ, Дойдубун аҕынным диэн тумалдьытыа, Дьоммун көрдөр диэн чочоҥолуо. С. Васильев
Харалай Бэргэн обургу Ийэ кылына эмээхсин Иэримэ дьиэтин көрүөн Курдаттыы тартаран Куруук саныыр буолбута. И. Чаҕылҕан; 2) үлэлииргэхамсыырга, олорорго аналлаах, ситэри тэриллээх, киһи кута-сүрэ тохтуур, киэҥкуоҥ, нус-бараан дьиэ. Полноценный в хозяйственном отношении, уютный дом; дом - полная чаша
Дьээ-буо!!! Иитэниилээн олорор иэримэ дьиэм иччитэ, Баҕанам төрдүгэр барҕарбыт Дьиэдэ Бахсыыла! П. Ойуунускай
Иэримэ дьиэ иччитэ, Иэрэгэй бахсы, эймэһийэр буолаайаҕын. Эрилик Эристиин
Ону [кэрэ олоҕу] Аан дойду Алдьатыылаах сэриитэ Аҕырыс гыннарбыта, Араҥас алааспытыгар Аһаҕас даллаабыта, Иэримэ дьиэбитигэр Итэҕэс кэргэннээбитэ. С. Васильев
Дьээ, буо! Иэримэ дьиэҥ Илгэтигэр иитиллэн, Аарыма дьиэҥ Амтаннаах аһын Астына аһааҥҥын Буутун этэ буста, Сиһиҥ этэ ситтэ - Эр бэрдэ Эрилик үтүөтэ Эн буоллуҥ! ҮӨЫ