Якутские буквы:

Якутский → Русский

тигинэс=

совм.-взаимн. от тигинээ =; кустар үөрдэрэ көтөн тигинэстилэр с шумом поднялись стаи уток.

тигинэс

гулко стучащий; уулусса массыына тигинэс тыаһынан туолла улица наполнена гулом машин; сүрэхтэрин тыаһа тигинэс буолла сердца их гулко застучали.

Якутский → Якутский

тигинэс

I
тигинээ диэнтэн холб. туһ. Мөһөөччүгүн аһыахча буолан иһэн, чөрбөйө түстэ — олбуор таһынан элбэх киһи сырсан тигинэстэ. Е. Неймохов
Саха литературатын уруога буоллар эрэ, кылааска сүр үөрүүнэн тигинэһэн киирэрбит. «Чолбон»
II
даҕ.
1. Биир күрүс тыаһаан-ууһаан чиҥ дорҕооннонон иһиллэр. Издающий непрерывный шумгам, стойкий гул
Этиҥ этэрин быыһыгар туох эрэ тигинэс тыаһы иһиттэ. А. Сыромятникова
Тыас-уус биир кэм тигинэс. КПИ УТДь
Барыам …… «тигинэс куораттардаах», «аалыҥнас үгүс дьонноох баксааллардаах» соҕурууҥҥу итии дойдуларга. «ХС»
2. кэпс. Сэниэлээх, эрчимнээх, тэтимнээх. Энергичный, активный, кипучий
Ыччаттар тайахтарын этин сиэн, тотон-ханан, эмиэ тигинэс буола түһэн, сорохтор үрэххэ сууна, күөгүлүү киирдилэр. Е. Неймохов
Бөһүөлэккэ үлэ тигинэс. П. Аввакумов
Ас-таҥас өттүнэн дэлэччи тиийинэр, билигин бу бөһүөлэккэ биир тигинэс ыал буоллулар. Тумарча


Еще переводы:

тигээйилээ

тигээйилээ (Якутский → Якутский)

көр тигээрдээ
Сүөһүлэр тигээйилээн, мээнэ тигинэһэ сырсаллар. А. Фёдоров
Сүөһүлэр тигээйилээн кутуруктарын хорото-хорото сүүрдүлэр. «ХС»

хантайталаа

хантайталаа (Якутский → Якутский)

хантай диэнтэн төхт
көрүҥ. Этиҥ этэрин быыһыгар туох эрэ тигинэс тыаһы иһиттэ. Сөмөлүөт дуо? Халлааҥҥа хантайталаан ылла. А. Сыромятникова

тип-

тип- (Якутский → Якутский)

Даҕааһын күүһүрдэр эбиискэтэ, ти-, тиэ- диэн саҕаланар олохторго сыстар: тип-тигинэс, тип-тиэрэ. Препозитивная усилительная частица прилагательного, присоединяемая к основам, начинающимся на ти-, тиэ-: типтиэрэ ‘совершенно другой’, тип-тигинэс ‘издающий непрерывный шум-гам, стойкий гул’
Тип-тиэрэни туойан турда. Л. Попов
Баһымньы тыаһа тип-тибиргэс буола түстэ. М. Доҕордуурап
Уот-күөс тыаһа тип-тигинэс. Ф. Софронов
ср. др.-тюрк. тип тириг ‘вполне живой’

тигиилээ

тигиилээ (Якутский → Якутский)

тигээрдээ диэн курдук
Ынах тигиилээн ойуурга түһэр. Амма Аччыгыйа
Тигиилээбит ынахтар дьиэгэниччи көрө-көрө, кутуруктарын хороччу туттубутунан сырсан тигинэһэллэр. Айталын
Төбөтө тигиилээбит сылгы курдук өрө кэҕиҥнэс. «Чолбон»

элээрдии

элээрдии (Якутский → Якутский)

элээрт диэнтэн хай
аата. Этиһэн элээрдии — Эйгэни эчэтии. Ахсаана Сонтуой
Аммалаан иһэн сөхпүппүт да оччо: айаммыт суола кыһыҥҥылыы тип-тигинэс, барбах элээрдии эрэ. А. Данилов

тиҥинэс

тиҥинэс (Якутский → Якутский)

көр тигинэс I
Ол кэнниттэн «маассабай оонньуу» буолан, төһө билэллэринэн, сатыылларынан, түүнү быһа өрө тиҥинэстилэр. Болот Боотур
Үөр сылгы өмүччү көрсөн Үргэн өрө тиҥинэһэн Үрүө-тараа бырдааттанан, Таныыларын тардырҕатан Тарҕам-арҕам сырыстылар. К. Туйаарыскай

хаҥхарайдан

хаҥхарайдан (Якутский → Якутский)

туохт. Икки өттүгэр хачайданан, иҥнэл-таҥнал түһэн айаннаа, хаамп. Ехать, идти покачиваясь, подпрыгивая (по неровной дороге)
Сэрии тип-тигинэс. Ыыс-быдан ортотуттан таһаҕас массыыната хаҥхарайданан тиийэн кэлбитигэр кини өлүөр илиитинэн куусап ойоҕоһун бүүрүгүттэн харбаан ылар. «ХС»

кистэһии

кистэһии (Якутский → Якутский)

кистэс II диэнтэн хай
аата. Сайылыкка көһөн киирии [бу] үөр сылгылар, тэһииргээн-тэбиэриһэн сырсан тигинэһэ-тигинэһэ, кистэһиилэрэ. В. Протодьяконов
Сылгылар кистэһиилэрэ, ыар ынчыктара, кыайан турбат аттар иҥэрсийиилэрэ-өй мэйдээх тулуйбат алдьархайа. ССС
Аттарбыт тиһэх быраһаайдаһа кистэһиилэрэ тыа баһынан ынырык ой дуораана буолан, сатарыы турда. «ХС»
Биһилэх кистэһии көр биһилэх кутуһуу (кистээһин)
Оччотооҕу маассабай оонньуу үксэ харах симсиитэ, биһилэх кистэһии уонна хаама сылдьан ыллааһын буолара. ВВМ
Ол саҕана ордук таптыыр оонньуубутунан: бырыычыка — сасыһа оонньооһун, кустаах мохсоҕол, биһилэх кистэһиитэ …… буолара. «ХС»

мантан{ антах} ыла

мантан{ антах} ыла (Якутский → Якутский)

ситим холб. Бу кэмтэн ыла, инники өттүгэр. С этих пор, с этого момента
Мантан антах олохпут тигинэс буолуоҕа. П. Ойуунускай
Мантан ыла уолаттар бу бэлиэ чыычаахха «Трифон Трифоныч» диэн аат иҥэрэн кэбистилэр. Амма Аччыгыйа
Мантан ыла Саһыл Эһэлиин кыр өстөөх буолтара үһү. Суорун Омоллоон
Мантан ыла Хонуу буорайда. Даачам тулата Наһаа куруйда. Күннүк Уурастыырап

тачыгырас

тачыгырас (Якутский → Якутский)

I
тачыгыраа диэнтэн холб. туһ. Хараҥаҕа онон-манан уоттар кылаҥнаһаллар, бинтиэпкэлэр эстэн битиргэһэллэр, бүлүмүөттэр тачыгыраһаллар. Н. Якутскай
Талах чыычаахтара тачыгыраһаллар, тиит күөрэгэйдэрэ күөх сайыны туойаллар. И. Левин
II
даҕ. Быыстала суох хатаннык, сытыытык «та-та-та» диэн эрэр курдук. Трещащий, трескучий, стрекочущий
Уот тыаһа тула тип-тигинэс, тап-тачыгырас. А. Фёдоров
Ол бүлүмүөт тачыгырас тыаһыттан өстөөх буута быстарынан куоппута. КЕГ ДьСТ