сыһ., кэпс. Өр күүттэриитэ суох, түргэнник. ☉ Без промедления, быстро, скоро
Сотору бэрт эйэҕэс, ситэри харда тигинээн тиийэн кэлбитэ. Багдарыын Сүлбэ
Бу бириэмэҕэ оройуонтан аармыйаҕа ыҥыран, Афоня аатыгар бэбиэскэ тигинээн кэлбитэ. А. Егоров. Ол кэмтэн ыла үйэ аҥаара кэм тигинээн, ньиргийэн ааста. «ХС»
Якутский → Якутский
тигинээн
тигинээ
- тыаһы үт. туохт. Биир күрүс тыаһаан-ууһаан чиҥ дорҕооннонон иһилин. ☉ Издавать непрерывный, стойкий шум, гул
Ходуһа иһэ тимир тыаһынан тигинээн барда. Бэйэтэ хаамар косилкалар, от мунньар массыыналар тыастара курулуу кутулуннулар. Л. Попов
Алаһа дьиэ тэбэр сүрэҕэ — Аал уот умайан тигиниир. Дьуон Дьаҥылы
Улуу куорат хоту дойдуттан кэлбит дьон хараҕар ордук улаатан, ньиргийэн-ньаргыйан тигинии тыаһыы көрүстэ. А. Бродников - туохт., кэпс. Сүр сэниэлээхтик, тэтимнээхтик тугу эмэ гын (хол., үлэлээ). ☉ Энергично, бойко, споро делать что-л. (напр., работать)
Ыттар хонук аһылыктарын бэлэмнээһин түбүгэ соҕотохто өрө тигинээтэ. С. Тумат
Хонтуораҕа Кэтириис соҕотоҕун муоста сууйан тигинии сылдьар эбит. «ХС»
Үлэбит күүрдүн, тигинээтин, Үтүө-кэрэ доҕотторуом. «ХС»
ср. др.-тюрк. тикилэ ‘производить шум, шуметь’, тыҥыла ‘греметь, громыхать’, хак. түкле ‘биться, стучать (о сердце)’
тигинээ-таҕынаа
тыаһы үт. туохт. Тохтообокко, быстыбакка биир күрүс тыаһаа (хол., ол-бу араас тыас холбоспута). ☉ Издавать громкий непрерывный разнохарактерный шум
Үөр анды тигинээн-таҕынаан Үөһэттэн битийэн түстүлэр. Эрилик Эристиин
Олох-дьаһах эмиэ күөстүү оргуйа, тигинии-таҕыныы түстэ. НТП ТББ. Иинэҕэс оттоох-мастаах, хайыр таас хайа быарыгар сабыс-саҥа куорат тигинии-таҕыныы ахан олорор. «ХС»
Якутский → Русский
тигинээ=
издавать гулкий сильный шум; көтөн тигинээ = лететь с шумом (напр. о большой стае птиц).
Еще переводы: