туохт.
1. Тугу эмэ гынаргын уурат, уурай. ☉ Прекратить какое-л. действие, перестать делать что-л. [Ааҕа олорон, оҕолорго] Оксана тохтоон, кыайарынан быһааран биэртэлиирэ. Суорун Омоллоон
Тоттук тойтоон тойотторбут Тохтоон, тостон тураллар. Күннүк Уурастыырап
Туох буоллугут, дьонноор? Тохтооҥ! И. Гоголев
2. Айаннаан, баран иһэн, турунан кэбис; ханна, туохха эмэ кэлэн тур. ☉ Прервать движение в пути, остановиться
Сыарҕалаах ат тохтоото. Амма Аччыгыйа
Сеня, киин болуоссакка чугаһаан иһэн, тохтоон, умса көрөн турбахтаата. Н. Лугинов
Кыыс туһугар тиийэн баран, тохтоото. Т. Сметанин
△ Хантан эмэ ханна эмэ кэлэн, быстах олохсуй, олохто булун. ☉ Временно расположиться, поселиться где-л. по приезде куда-л., остановиться где-л. Сиидэрэп саҥардыы холбоспут ойоҕунуун …… оскуолаҕа тохтообуттар. Амма Аччыгыйа
Сэргэчээн, Торопууҥҥа тохтоотуҥ дуу? Болот Боотур
Билигин ити сиргэ куба тохтообот. АЛА КК
3. көсп. Оҥхой буолан баһыллан, олорон хаал (ууну этэргэ). ☉ Стоять (о воде в низинах)
Уу тохтообут сиригэр уу тохтуур, тыл хоммут сиригэр тыл хонор. М. Попов
Тырансыайаны уу тохтообот сиригэр, сыыр быарыгар туппуттара. САӨБ
4. көсп. Сүгүн-саҕын биир сиргэ (хол., дьиэҕэр) олорума, кэлэ-бара сырыт (буолб. ф-ҕа тут-лар). ☉ Не оставаться долго в каком-л. месте (напр., дома)
Дьиэтигэр тохтообот, хоммот буолбута ыраатта. А. Сыромятникова
5. көсп. Туох эмэ туһунан этэргэ болҕомтону туохха эмэ ордук хатаа, бэлиэтээ. ☉ Излагая, обсуждая что-л., задержаться, остановить внимание на чём-л. [Аркаадьый Миитэрэйэбис дакылаатыгар] агрохимическэй дьаһаллары олоххо киллэрэр наадалааҕын туһунан киэҥник тохтоото. М. Доҕордуурап. Бэйиэт мөкү быһыы элбэҕэр тохтуур. АЛА АҮө. Мин сүөһү аһылыгын баасатын туһунан боппуруоска тохтуохпун баҕарабын. ВБТ
♦ Кута-сүрэ тохтообот көр кут-сүр
[Боллоорутталаах дьиэлэрэ] хайдах эрэ киһи тэһийбэт, кута-сүрэ тохтообот тоҥуй дьиэтэ. Амма Аччыгыйа
[Бу оскуола алааһа] киһи кута-сүрэ тохтообот чуҥкук сирэ этэ. С. Никифоров
Биһиги биир иччитэх дэриэбинэҕэ, киһи кута-сүрэ төрүт тохтообот буолбут сиригэр, тиийэн кэлбиппит. ВА
Санаата тохтуур (хонор) көр санаа II. Чаһыы Ньукууһаҕа санаата тохтуур. М. Чооруоһап. Суол ортотугар тохтообут сөбүлээб. — тугу эрэ балайда оҥорон баран, салҕаабат, ситэрэн түмүктээбэт. ☉ Останавливаться на полпути
Киһи санаата, киһи ырата итинник суол ортотугар тохтоон хаалыа үһү дуо. В. Яковлев