I
аат. Туох эмэ ыарахан соһуллары (хол., тиэхиньикэни, сыарҕаны) холбонорго, тугу эмэ (хол., чөҥөчөгү, маһы) быалаан түөрэргэ туттуллар бөҕө ыстаал ханаат. ☉ Трос
Бүгүн «ЧТЗ» тыраахтарга Бөҕө торуоһунан быалаан, Суорба тииттэри Суулларан истилэр, Суон чөҥөчөктөрү Состорон бардылар. С. Васильев
Иккис испит массыына түспүт массыынаны торуоһунан холбонор. А. Фёдоров
[С.Н. Титов] сыыры кыайан дабайбатах сыарҕаҕа торуос холбоноору, хомолтолоохтук өлбүтэ. Ходуһа х.
II
1. аат. Адаарыччы тоҥмут муус кыдьымах. ☉ Торос. Өрүскэ торуос бөҕө үөскээбит
□ Бии Моруос Оҕонньор Бытыга Муус Торуос. А. Кондратьев
2. даҕ. суолт. Адаарыччы тоҥмут улахан (муус). ☉ Торосовый. Өрүһү туоруурга торуос муустар мэһэйи үөскэтэллэр
□ Кылбараҥ кырсалар мэнээктээн, Муора торуос муустарын буллулар. В. Миронов
Якутский → Якутский
торуос
Еще переводы: