туохт., поэз.
1. Ыллаан дьурулат (күөрэгэй туһунан). ☉ Петь с переливами, щебетать, заливаться (о жаворонке)
Күөрэгэй чыычаах күн диэки күөрэйэ көтөн тахсан туйаара дьырылаатаҕа көҥүлүн, үрдүгүн!.. Суорун Омоллоон
«Дьири-дьир» дьирилээн Күөрэгэй туйаарда. Болот Боотур
Салгыҥҥа уйдаран, Күөрэгэй туйааран, Биир сиргэ битийдэ, Дьирилии ыллаата. С. Васильев
2. Олус үөһээнэн көҥүллүк көт. ☉ Легко и свободно летать, парить высоко в небе
Киэҥ куйаар халлаан …… далайыгар туйаара көтө сылдьар эйэ маҥан холуубун ким истибэтэҕэ, билбэтэҕэ баар буолуой?! П. Тобуруокап
[Сөмөлүөт] Күдэн былыты көхсүнэн, Күөх халлааны кырсынан, Тус арҕаа айаннаан Туйааран истэ. Н. Степанов
3
тайаар 1 диэн курдук. Баҕарабын: кинилэр [хоһооннор] Киэҥ саҕахха туйааран, Дьон сүрэҕин үөртүннэр Наар үчүгэй санаанан. Р. Баҕатаайыскай
Туналы маҥан күн төрөөбүт дойдубут үрдүнэн, кыһыл көмүс туоһахталыы, туйаара уһунна. М. Доҕордуурап
Туох кэрэ баарын мөҥүөн сүрэхпэр — Ону бүгүн биэрэбин бу туйаарар истиэппэр: Мин олохпун күндээрпит соҕотох эн эбиккин. «ХС»
ср. осм. тойҕар, туйҕар ‘жаворонок’
Якутский → Якутский
туйаар
Якутский → Русский
туйаар=
поэт, щебетать, петь, заливаться (о жаворонке); күөрэгэй үрдүккэ туйаарар в вышине заливается жаворонок.
Еще переводы: