- аат. Туох эмэ тунала, олус күүскэ сырдаан, килэбэчийэн көстүүтэ. ☉ Блеск, сияние чего-л.
Үс хос араамалаах түннүк бүтэй хаар бытарыйа тохтор туналҕанын нөҥүө …… Сэргэлээх уопсай дьиэлэрин омоонноро ыйдаҥаран көстөллөр. Н. Лугинов
Ый туналҕанын үөһүттэн аттаах киһи ойутан иһэрэ көһүннэ. И. Гоголев
Тугу да интэриэһиргээбэт буолан хаалбытым. Бэл, муора хараҕы саатырдар туналҕана …… санаабын-онообун аралдьытара ааспыт быһыылааҕа. С. Тумат - даҕ. суолт. Олус күүскэ сырдаан, килэбэчийэн көстөр, тунал, туналы. ☉ Яркий, ясный, сияющий, отливающий белизной
Туналҕан толонноох ый тыгар, Дойдуну сырдатар. А. Абаҕыыныскай
Маҥнай утаа тимир курдук дьэбидийбит халлаантан, туналҕан хаартан …… ураты туох даҕаны көстүбэт этэ. И. Федосеев
Хонууга, тыаҕа толору ый туналҕан сырдыгын куппут. С. Никифоров
Якутский → Якутский
туналҕан
Еще переводы: