сыһ. Айахтары-муннулары саба, тумнары (хол., тугунан эмэ баан, эрин). ☉ Наглухо, закрывая рот и нос (напр., завязать шарф)
Төбөтүн сонунан тууна сууланан баран, Микиитэ ороҥҥо охтон түстэ да саҥата суох ытаан барда. Амма Аччыгыйа
Таһыттан биир кылгас сонноох, саал былаатынан тууна бааммыт намыһах киһи дөгдөкүс гынан киирдэ. Болот Боотур
Хос иһигэр хас да маҥан халааттаах эр дьон уонна сиэстэрэлэр харахтара эрэ көстөр гына маарыланан сирэйдэринэн тууна баанан тураллар. Н. Якутскай
[Апанаас] ханнык да тымныыга бэргэһэтин тууна бааммат, төбөтүгэр сэгэччи уурунар. Н. Абыйчанин
Якутский → Якутский
тууна
туун
I
даҕ. Аан бастаан оҕолонор (дьахтар). ☉ Первородящая (о молодой женщине). Туун дьахтар
ср. др.-тюрк. тун бег ‘первый муж’, тун оҕул ‘первый ребёнок (мальчик)’, тув., хак. тун, казах. түҥгыш ‘первенец’
II
туун тулаайах — төгүрүк тулаайах. ☉ Круглый сирота. Салтаһа Мэхээлэ диэн кыра эрдэҕиттэн туун тулаайах хаалбыт оҕо баара. Саха сэһ
1977
Кыраһа бу Орто дойдуга туун тулаайах хаалбытын дьэ өйдөөбүттүү, этэ тардан дьигис гынна. И. Гоголев
Еще переводы: