туохт.
1. Тугу эмэ хайа эмэ диэки туһаай, хайыһыннар (хол., тырааныспары, ытар сэби). ☉ Направлять, нацеливать что-л. куда-л. (напр., транспорт, оружие)
«Победа» теплоход маҥнай Везувий булкааны туһулаан баран иһэн, тосту хаҥас диэки хайыһар. Н. Якутскай
Мин үгүһү саныы барбакка, тайах иннин туһулаат, ытан хабылыннарбытым. И. Гоголев
2. Кимиэхэ эмэ туһаай (хол., ыйытыккын, этиигин). ☉ Обращаться к кому-л. (напр., с вопросом, предложением)
«Эдэр киһиэ, хата, оонньос, бириэмэни атаарыс», — диэн Хара Бытык Гришаҕа туһулаан тыл бырахта. В. Гольдеров
3. поэт. Тосхой, көһүн, баар буол (сэдэх көстүүнү, биирдэ эмэ буолары этэргэ). ☉ Появляться, возникать где-л. (о чём-л. необычном, редкостном)
Туох үлүгэрдээх Тороххой дорҕоонноох Туһулаатаҕай диэммин Толкуйдуу истэхпинэ, Тумус тыа Тостор тоҕойуттан Дьоһун көлө Чугуруйбакка дьулуруйан Тахсан кэллэ. Саха фольк. Дойду-дойду Дьоло туһулаата, Сир-сибиир Сэбэрэтэ сэргэхсийдэ. С. Зверев
Якутский → Якутский
туһулаа
Еще переводы: