Якутские буквы:

Якутский → Русский

тыатааҕы

  1. 1) лесной, находящийся в лесу; случившийся в лесу; тыатааҕы күөл лесное озеро; тыатааҕы көрсүһүү встреча в лесу; 2) перен. разг. районный, наслёжный; 2. эвф. медведь.

Якутский → Английский

тыатааҕы

n. euph. bear

Якутский → Якутский

тыатааҕы

харыс т. Эһэ. Медведь
Утаакы буолбата, саа тыаһаата да, тыатааҕы алаһатын аанын бүөлүү оҕутта. Далан
[Кириһээн] өйдөөн көрбүтэ: иннигэр уонча саһаан сиргэ тыатааҕы оҕонньор, икки баппаҕайынан сыгынах силиргэҕиттэн тайанан турар эбит. Д. Таас
Эһэ суоһа-суодала бэрт буолан, былыр итэҕэл баарын саҕана дьон …… эһэ диэбэккэ эрэ, «амакаан», «улахан аһыылаах», «баппаҕайдаах», «оҕонньор», «тыатааҕы» эҥин диэн ааттыыллара. ПАК ЭТ


Еще переводы:

медпункт

медпункт (Якутский → Русский)

медпункт; тыатааҕы медпункт сельский медпункт.

эхо

эхо (Русский → Якутский)

с. ой дуораана; лесное эхо тыатааҕы ой дуораана.

ойуурдааҕы

ойуурдааҕы (Якутский → Якутский)

харыс т., эһэ (тыатааҕы) диэн курдук
Ойуурдааҕы оҕонньор бэлиэтээбит Орук бэһин тула хаамтым. С. Зверев
Эһэни ойуурдааҕы, сырҕан, тыатааҕы, арбаҕастаах …… эҥин диибит. Багдарыын Сүлбэ

чалҕарыс

чалҕарыс (Якутский → Якутский)

чалҕарый диэнтэн холб. туһ. Тиһэх киэһэбитигэр Тыатааҕыбытын курумнаан, Сиэн-аһаан чалҕарыһан, — Сарсыарда эһэм дьиэлээбитэ. В. Миронов

курумнаа

курумнаа (Якутский → Якутский)

туохт. Эһэни өлөрбүтү малааһыннаа. Устроить пиршество (по поводу добычи медведя)
Тиһэх киэһэбитигэр «тыатааҕыбытын» курумнаан, Сиэн-аһаан чалҕарыһан, — Сарсыарда эһэм дьиэлээбитэ. В. Миронов

кэпсэтилин

кэпсэтилин (Якутский → Якутский)

кэпсэт диэнтэн атын
туһ. Булчут үгэһин быһыытынан, дьахтар баар сиригэр Тыатааҕы туһунан кэпсэтиллибэт баҕайыта. Далан
Барабын, оҕолоор, тыаҕа учууталлыы. Кэпсэтиллэн, быһаарыллан бүтэн турар боппуруос. Н. Лугинов

баргыс

баргыс (Якутский → Якутский)

баргый диэнтэн холб. туһ. Ол эрээри кыатанан, киэҥ-куоҥ буола сатаан туттунна, утары баргыһан турбата. С. Васильев
Баараҕай арҕас бааллар Барылыы баргыһаллар. Күннүк Уурастыырап
Таһырдьа ыттарбыт үрэн баргыһа түстүлэр. Биһиги тыатааҕы кэллэ диэн ыксаатыбыт. А. Кривошапкин (тылб.)

сайылас

сайылас (Якутский → Якутский)

I
сайылаа I диэнтэн холб. туһ. Тукаам, ити миигин кытта бииргэ сайылаһар тыатааҕы
Сымнаҕас барахсан, куттаныма. Тыытыа суоҕа. «ХС»
II
сайылаа II диэнтэн холб. туһ. Хоһу сайылас
Кини бырааттыы Андыылаптары сайылаһан баран, сотору бандьыыттартан күрээн, Охотскай диэки түспүтэ. Айталын

сиҥнэрдэтэлээ

сиҥнэрдэтэлээ (Якутский → Якутский)

сиҥнэрдээ диэнтэн төхт
көрүҥ. Бу Ньукууска маарынныыр куулга бурдугу симмит курдук сиҥнэрдэтэлээбит биир бөҕөстөөхтөр. Далан
Ата аат эрэ харата хааман, төбөтүн таҥнары туттан сиҥнэрдэтэлээн иһэр. Суорун Омоллоон
Саас тыатааҕы кырдьаҕас хаар үрүҥэхарата тэҥнэһиитэ арҕаҕыттан сиҥнэрдэтэлээн тахсар. М. Чооруоһап

суоһурҕаныы

суоһурҕаныы (Якутский → Якутский)

суоһурҕан диэнтэн хай
аата. Дьыаланы кырдьыктаахтык быһаарыы туох баар суоһурҕаныыны, куттааһыны бүтүннүүтүн тоҕо солуох тустаах. М. Попов
Лааһарапка …… эрдэттэн суоһурҕаныы баарга дылы... Э. Соколов
Дьон да, тыатааҕы да өттүттэн суоһурҕаныы суох. Сэмээр Баһылай