- равный, равноценный; тэҥнээх доҕор достойный друг; кинилэр тэҥэ суох усулуобуйаҕа үлэлииллэр они работают в неравных условиях; аан дойдуга тэҥнээҕэ суох — суох погов. нет в мире никого, кто бы не имел себе равного; 2. перен. разг. 1) сверстник; 2) подруга жизни; кини олоҕун тэҥнээҕин була илик он ещё не нашёл себе подруги жизни.
Якутский → Русский
тэҥнээх
Якутский → Якутский
тэҥнээх
- даҕ.
- Туох да уратыта суох, тугу эмэ кытта биир тэҥ, биир суолталаах. ☉ Одинаковый, сходный по какому-л. признаку, равный, по значимости, ценности
Ардыгар Галибаров биир иһит арыгынан күндүлээбитигэр дьааһыгынан арыгы турар сыанатыгар тэҥнээх түүлээҕи бэлэхтэтэрэ. Н. Якутскай
Туох тэҥнээх буолуоҕай Мутукчам итирдэр сытыгар. С. Данилов
Чааска тэҥнээх мүнүүтэлэр ааһаллар. Н. Габышев - Кимиэхэ эмэ тугунан эмэ сөп түбэһэр (киһи туһунан). ☉ Равный другому в чём-л., являющийся ровней кому-л. (о человеке)
Арамаан бэйэтигэр тэҥнээх биэлсэр кыыһы ылбыт. С. Ефремов
Оҕонньор …… сиэнин кытары тэҥнээх киһитинии кэпсэтэрэ. С. Никифоров
Чугас эргин киниэхэ тэҥнээх хайыһардьыт киһи үөскээбэтэҕэ. «ХС» - аат суолт.
- Кимиэхэ, туохха эмэ тугунан эмэ (хол., сааһынан, күүһүнэн-уоҕунан, өйүнэн-санаатынан, балаһыанньатынан) тэҥ буолар ким, туох эмэ. ☉ Человек, равный другому по какому-л. признаку (напр., по возрасту — сверстник, по положению — ровня)
Тэҥнээххэр киирдэххинэ, тэллэх ыта буолуоҥ (өс хоһ.). Тэҥнээхтэрбин атах оонньуутугар кыайталыырым. КНЗ ОО
Миша бэйэтин тэҥнээхтэриниин үөрэ-көтө үөрэнэн, сыллата кылаастарын бүтэрэн испитэ. «Кыым» - Олоҕуҥ аргыһа буолар киһи, кэргэн. ☉ Спутник, спутница жизни
Тэҥнээх көстүбэккэ соҕотоҕун тэлэкэчийбит киһи. Амма Аччыгыйа
Эр киһи тэҥнээҕэр түбэһэн Эйэҕэс сүрэҕэ аймаммыт, …… Сирэйэ тапталлаах имнэммит. И. Чаҕылҕан
Тоҕус улуус уолугар Холооннооҕун булбатах, …… Сэттэ улуус киһитигэр Тэҥнээҕин билбэтэх. С. Зверев
♦ Тэҥнээххин булума көр бул
[Мартыын] күүстээх үлэҕэ тэҥнээҕин булбат. И. Гоголев
Саша дойдутугар …… тэҥнээҕин булбатах буолан, бэйэтин сир орто баайыы тустуугунан сананар этэ. Е. Неймохов
◊ Тэҥнээх доҕор — тэҥнээх
2
2 диэн курдук. Сыламнаан киирэр сылаастаах, Утутан барар угуттаах Тэллэххэ сытар Мин тэҥнээх доҕорум Мичээрдээбитинэн көрүстэ. С. Зверев
[Туймаада:] Мин тэҥнээх доҕорум Чулуу боотураат буолуон баҕарарым. И. Гоголев
[Хаартыһыт] дьиэтигэр буоллаҕына, таптыыр оҕолоро, тэҥнээх доҕоро — ойоҕо муҥу көрөн олорон хаалар буолаахтаатахтара. Эрилик Эристиин
Еще переводы: