Якутские буквы:

Якутский → Русский

түнэ

замша; ровдуга || замшевый; ровдужный; түнэ түүппүлэ замшевые туфли; түнз этэрбэс ровдужные торбаса.

Якутский → Якутский

түнэ

  1. аат. Түүтэ суох гына таҥастаммыт тайах, таба тириитэ. Лосиная, оленья замша, очищенная от шерсти
    Буур тайах кыыл Уорҕатын түнэтэ Оноолоох сонноох, Өрөҕөтүн түнэтэ кыабакалаах. П. Ядрихинскай
    Тайах түнэтинэн бүрүө тигэн, улахан күүрүүлээх сырыыга [атыгар] онтун кэтэрдэрэ үһү. ФГЕ СТС
  2. даҕ. суолт. Түнэттэн тигиллибит, оҥоһуллубут. Сделанный, сшитый из лосиной или оленьей замши, замшевый
    Үүт-маҥан аты симээн, ыҥыырдаан баран, туох баар оонньуурун түнэ бэрэмэдэйгэ ыҥырдар. Саха фольк. Дьурантай, түнэ тирэҥсэтин тумсунан сибэккини силэйэн аа-дьуо хааман иһэн, мичээрдээбитинэн эргиллэ түстэ. Софр. Данилов
    Мотуо ампаарыттан сарыы ыстаан, түнэ этэрбэс таһааран кэттэ. Ф. Постников
    ср. тюрк. көм, көн, гөн ‘выделанная кожа’

Еще переводы:

лосина

лосина (Русский → Якутский)

сущ
түнэ

замшевый

замшевый (Русский → Якутский)

прил. сарыы, түнэ.

замша

замша (Русский → Якутский)

ж. сарыы (оленья), түнэ (лосиная).

лосина

лосина (Русский → Якутский)

ж. 1. (кожа лося) түнэ; 2. (мясо) тайах этэ.

бэрэмэдэй

бэрэмэдэй (Якутский → Русский)

перемётная сума; түнэ бэрэмэдэй перемётная сума (из особо выделанной кожи).

лүһүргэт

лүһүргэт (Якутский → Якутский)

лүһүргээ диэнтэн дьаһ
туһ. Боллоорутта Баһылай, отун тиэ йэн кэлэн, эргэ түнэ этэрбэстэрин дьиэ таһыгар тэбэнэн лүһүргэтэр. Амма Аччыгыйа

түүнүктээх

түүнүктээх (Якутский → Якутский)

даҕ., эргэр. Бастыҥ имитиилээх (түнэ, сарыы туһунан этэргэ). Лучшей, особой выделки, бархатистый (о лосиной или оленьей замше)
Сарыы намчытын таҥнан, Түнэ түүнүктээҕин кэтэн, Эт бэйэтинэн, эт ньуурунан Сылдьар киһи эбит. С. Васильев
[Күн Толомон Ньургустай] Сарыы гиэнэ тыйыһынан, Түнэ гиэнэ түүнүктээҕинэн Талан бэлэмнээн оҥорбут Таҥаһын аҕалан Таҥыннаран кэбистэ. ТТИГ КХКК

торҕолоох

торҕолоох (Якутский → Якутский)

даҕ., эргэр. Кумааһынай таҥас бүүрүктээх эбэтэр киэргэтиилээх. Обшитый или украшенный хлопчатобумажной тканью
Лоокуут торҕолоох, үрүҥ түнэ сонун …… кэтэн баран, бара-кэлэ сылдьар. Дьүөгэ Ааныстыырап

догдоко

догдоко (Якутский → Якутский)

даҕ. Тойтойо, ыйана сылдьар, кылгас (үксүгэр тирииттэн эбэтэр түнэттэн тигиллибит сон, саҕынньах). Короткий, кургузый (обычно о верхней одежде из шкуры или ровдуги)
Кини догдоко сонноох, истээх бэргэһэлээх, түнэ этэрбэстээх. Л. Попов
Инники наарта кэнниттэн ыт тириитэ унтуулаах, тирии ыстааннаах, ичигэс догдоко сонноох …… киһи сүүрэн иһэр. «ЭК»

кылбачыт

кылбачыт (Якутский → Якутский)

кылбачый диэнтэн дьаһ
туһ. Наҥнаҕар бэстэр хойуу төбөлөрүн күн уота алтан өҥүнэн дуйдаан кылбачыппыт. Л. Попов. Ойуун иэҕэс гынаат, түнэ этэрбэһин сототуттан удьурхай уктаах быһаҕын кылбачытан таһаарда. И. Гоголев
Кини …… куобах истээх түнэ үтүлүгүттэн атыыр көҕөн кур баттаҕын кылбачытан таһаарда, көһүөлээх харахтарын тиэрэ-маары сотунна. И. Никифоров