аат. Дьону аймыыр курдук туох эмэ сүгүлээн, түрүлүөн. ☉ Шум-гам, большой переполох
Хаарыан-харамай күннэргэ Хаһыытааныһыытаан тураммыт Түрбүөн бөҕөнү түһэриэхпит, Түрмэ бөҕөнү түҥнэриэхпит. П. Ойуунускай
Эмискэ үлүгэр иэдээн иэнигийдэ, Түрүлүөн буолла, түрбүөн турда. Хантан, хаһан истибиттэрэ буолла? А. Абаҕыыныскай
Билиҥҥи кэмҥэ, экология боппуруоһа сытыырхайбыт кэмигэр, түрбүөн эрэ тардар табыллыбат, тустаах дьаһаллары ылыы улахан оруоллаах. «Кыым»
△ Сүпсүк, араллаан. ☉ Неразбериха, суматоха
Түрбүөнтэн уһуктан турбут аҕа баһылыктара, ийэ хотуттара мустан, сүбэ тобулан аалыҥнаһа уһуннулар. Н. Борисов
Олорор дьиэ-уот көстүбэтэ, тыйаатыр өрөмүөнүн түрбүөнэ, үлэлииргэ усулуобуйа суоҕа эрэйдиирэ. И. Бочкарёв
Биир түүн кинилэр роталарын түрбүөнүнэн туруоран, массыынаҕа олордон ханна эрэ илдьэ барбыттара. Күрүлгэн
ср. др.-тюрк. турбун ‘розыск, расследование’, кирг. дүрбөөн ‘набег, разгром, сумятица’