разг. способный видеть "вещие" сны.
Якутский → Русский
түүллээх
Якутский → Якутский
түүллээх
аат., кэпс. Туох буолуоҕун эрдэттэн түһээн көрөр, түүлүнэн билгэлээн инникини эрдэттэн таайар киһи. ☉ Человек, способный видеть вещие сны, сновидец
[Түүллээхтэргэ биллибит хаар маҥан баттахтаах эмээхсин:] «Мин уубун хамсаппатын. Ийэ уубун хамсаттаҕына, бэйэтэ бэйэтиттэн кэмсиниэҕэ», — диэн [кинээскэ] илдьиттээбит. Багдарыын Сүлбэ
Аны тугу да итэҕэйбэтэхпит иһин, биттээх биттэниитэ, түүллээх түһээһинэ былыр-былыргыттан баар суол быһыылаах. Н. Босиков
түүллээх-биттээх
- даҕ. Түһээн, биттэнэн инникини билэр, билгэлиир идэлээх (киһи). ☉ (Человек,) предугадывающий что-л. по сну, по каким-л. приметам
Сыҕаайап кинээс, Суор ойуун, хас да бэрт түүллээх-биттээх оҕонньоттор «Умайар уот кураан кэллэ, өлүү буолла» диэн билгэлииллэр. Амма Аччыгыйа - аат суолт. Түһээн, биттэнэн инникини билэр, билгэлиир идэлээх киһи, көрбүөччү (үксүгэр э. ахс. тут-лар). ☉ Тот, кто может провидеть по сну и приметам, провидец (обычно употр. во мн
ч.). Бэрт үгүс кыра ойууттар, түүллээхтэр-биттээхтэр, көрбүөччүлэр бааллар. Амма Аччыгыйа
Күндүлү көһөрүү табыллыбатаҕын түүллээхтэр-биттээхтэр туспа быһаарбыттара. Күннүк Уурастыырап
Еще переводы: