Якутские буквы:

Якутский → Якутский

түһүүлэн

туохт., кэпс. Ханна эмэ тохтоон олор, олохсуй. Найти пристанище, пребывать где-л. Мантан чугас соҕус биир тумулга күүкэйдэр олохсуйан, түһүүлэнэн олороллорун көрдүм. Саха сэһ
1977
Оһоҕос [киһи аата] күүлэйдэтэр сиригэр, Моҕоос Күөлүн илин баһыгар түһүүлэнэн, ас бөҕөнү астаан, от охсооччуларын тото-хана аһаталаабыт. Саха фольк. Тойбохой [булчут] өр сылга түһүүлэммит Тиит Арыытын тула өттүнэн быһар уонна оҕолорун, ойоҕун табаны мииннэртээн, көһөр. И. Данилов


Еще переводы:

дьээбэр

дьээбэр (Якутский → Якутский)

туохт. Оонньоон, тиэхэлэнэн, тэбэнэтирэн туох эмэ тиэрэни оҥор, саҥар. Шутить (говорить, делать что-л. в шутку), совершать проделки, озорничать
Мин дьээбэрэммин: «Баачыка, мин олорор хаамырабар бөөлүүн таҥара илэ бэйэтинэн киирэ сырытта!» - диибин. Н. Якутскай
Мин дьиибэ идэлээхпин. Дьээбэрбэккэ эрэ сатаан сылдьыбаппын. И. Гоголев
Мантан чугас соҕус биир тумулга күүкэйдэр олохсуйан, түһүүлэнэн олороллорун көрдүм уонна дьээбэрэн ытыалаан көрдүм да, ытыаласпатылар. Саха сэһ. 1977

араан

араан (Якутский → Якутский)

аат., түөлбэ.
1. Ураһа, тордох, балаакка олоҕо, турар сирэ; олорор, түһүүлэнэр сир, хонор сир. Место, на котором стоит чум, палатка; место стоянки, ночлега
Уол табаларын эргитэ тутар да, араанын диэки ойутар. «ХС»
Ити куду-хады айаннаан, били урут халыҥ хаар түспүт арааммытыгар эрдэ соҕус тиийэн кэллибит. «Чолбон»
2. Ураһа иһигэр холумтан, уот онно. Место очага в чуме
Араан нөҥүө үс оҕонньоттортон ортокуларын көрөөт, Даҕанча этэ тардан дьигис гына түспүтэ. Далан
Араан албас фольк.эҥин араас албас. Разнообразные уловки, хитрость
«Аан дойду араан албастааҕа, сир дойду дьиикэй чиэрбэ дьибилгэттээҕэ буоллаҕа!» — дии санаата. ПЭК ОНЛЯ II
Араан тыа фольк. — ойуччу, ойдом турар тыа. Лес, стоящий отдельно, островком
Араан тыаларга Алтан түөстээх Алыптаах айахтаахтара, Айбыт айыыны санаан, Араас ырыаны арыйдылар. Өксөкүлээх Өлөксөй
Эргиччи иһийбит айылҕа санньыйар. Үрэх уҥуор лүҥкүр араан тыаҕа Биэс бартыһаан уҥуоҕа туртайар. ПИИ К

түһүлгэ

түһүлгэ (Якутский → Якутский)

аат.
1. Дьон тохтоон түһүүлэммит, быстах олохсуйбут сирэ. Место обитания, становище, стойбище
Отуу кэтэҕэр, хойуу талах хоту хонноҕор, элбэх дьон түһүлгэлэрэ кэрэлэнэн сытар. Р. Кулаковскай
Ол хочоҕо баһаам элбэх түһүлгэлэр бааллара. Эвен фольк. Аллараа Кураанах — өҥ буордаах, бараммат-хороммот барҕа баайдаах, дьоллоох түһүлгэ. «ХС»
2. Сиэри-туому толорон түөлбэлээн мустар, чэчир, салама киэргэтиилээх ыһыах ыһар сир. Место проведения якутского национального праздника ыһыах, украшенное зеленью и другими атрибутами, где проводится церемония кумысопития
Онтон ыла сайын кэлиитигэр кымыс көйөрөн, ас бэлэмнээн, түһүлгэ тэрийэн, үйэттэн үйэҕэ үгэһи тутуһан, сиэр силигин толорон, ыһыах ыһыллар буолбут эбит. Саха нар. ыр. II. Биир сайын Эллэй Боотур чэчир анньан, сиэлинэн, ситиинэн симээн, сэргэ туруортаан, түһүлгэ диэни оҥорон, онно сылгы, ынах кымыһын мунньан, Үөһээ бары айыыларын, сөһүргэстээн олорон уруй охсон, алгыыр
Саха фольк. Көр бөҕө көҕүлүттэн тутуллан, Оонньуу бөҕө оройуттан харбанан Түһүлгэ төрүттэннэ. С. Зверев
3. Дьон мустан тугу эмэ ыытар, күрэхтэһэр сирдэрэ. Место для проведения каких-л. мероприятий, спортивных соревнований
Успуорт дыбарыаһыгар көҥүл тустууга күрэхтэһии түһүлгэтэ. Н. Лугинов
Ат сүүрдүүтүн кэнниттэн оһуохай түһүлгэтэ саҕаламмыта. Ойуку
Үүнүү-күүрүү быйаҥын барҕардар, Үөрүү-көтүү халлаанын сырдатар Ас-чаллараҥ түһүлгэтин Аан бастаан тардабыт. С. Васильев
Ыраата сылдьаммын ахтабын — Ыһыахха түһүлгэ далбарын, Күөн көрсөн, бөҕөс дьон тустуутун, Күйгүөрэр оһуохай оонньуутун. И. Федосеев
Дьол (дьол-соргу) түһүлгэтэ – дьон түмсэр, үөрэр-көтөр, дьоллонор сирэ. Место, где люди радуются, веселятся, находят своё счастье
Дьол-соргу түһүлгэтин Чэйиҥ эрэ, тэнитиҥ! Баал Хабырыыс
Киэҥ Туймаада ийэ хотун Дьол түһүлгэтэ буоллун, Уот кураан, хамсык түспэтин, Дьоллоннун кыыһыҥуолуҥ. И. Эртюков
ср. тув. дүжүлге ‘престол’, туркм. дүшелге ‘стоянка, место стоянки’