несов. см. умереть; # умирать со смеху күлэн өлө сыс, быара суох бар.
Русский → Якутский
умирать
Еще переводы:
бокуонньуктаа= (Якутский → Русский)
разг. умирать.
өл-сүт= (Якутский → Русский)
умирать; погибать, пропадать.
сараа= (Якутский → Русский)
I уст.: таҥара сараабыт брезжи? рассвет.
II разг. умирать; околевать.
омуһахтан= (Якутский → Русский)
1) возвр. от омуһахтаа = рыть погреб (для себя); 2) страд. от омуһахтаа = храниться в погребе; 3) перен. разг. умирать.
умирающий (Русский → Якутский)
- прич. от умирать; 2. в знач. сущ. м. өлөн эрээччи, өлөөрү сытар киһи; 3. прил. (гаснущий) өһөн эрэр, умуллан эрэр.
былдьас= (Якутский → Русский)
совм.-взаимн. от былдьаа = 1) отнимать что-л. друг у друга; икки ини-бии курдарын былдьаспыттар үһү загадка два брата отнимают друг у друга ремень (атах быата путы, которыми связаны передние и задние ноги лошади); 2) бежать, убегать, уносить ноги (пока не поздно); таһырдьаны былдьаста он поспешил на улицу; 3) перен. стремиться быстрее других достигнуть чего-л.; домогаться чего-л.; былыттаах халлаантан быһылаан былдьаспыта фольк. с облачного нёба призывал он беду (об отчаянно храбром богатыре); мэкчиргэ мас төбөтүн былдьаһарыгар дылы погов. как сова, что старается завладеть верхушкой дерева (о человеке, кот-рый домогается незаслуженной чести, незаслуженного почёта) # аат (или бэрт ) былдьас = соперничать; күрэс былдьас = состязаться; тыыҥҥын былдьас = а) лежать без чувств; б) умирать, агонизировать; уос=тиис былдьас = срывать (девичьи) поцелуи; хаар-уу былдьаһан эрдэҕинэ ранней весной (когда снег начинает быстро таять).
күн (Якутский → Русский)
1) солнце || солнечный; кун тахсыыта восход солнца; кун ойуута или күн уоттана ойуута утреннее солнце (около 8 —9 часов); күн киириитэ заход солнца; күн уота солнечный луч; күн сырдыга солнечный свет; 2) день; күн ортото полдень; үлэ күнэ а) рабочий день; б) трудодень; нэдиэлэ күнэ дни недели; күнү күннүктээн целыми днями; күнү күннүктээн айаннаатыбыт мы ехали целыми днями; күнтэн бэрсибэккэ весь день; күнтэн бэрсибэккэ утуйда он спал весь день; түүннээх күн сутки; 3) время; күн ааһан иһэр время идёт; күнү-түүнү билбэккэ не считаясь со временем; 4) уст. железный кружок на спине шаманского костюма, изображающий солнце # күн дьоно а) люди племени, рода; б) люди Земли, земляне; күн киһилии диал. по-человечески, хорошо, добротно (делать что-л.); күн сирэ а) родина, родная сторона; б) мир, земля; күн сирэ күндү погов. мир под солнцем дорог (т. е. никому не хочется умирать); күҥҥэ көрбүтүм мой единственный (о единственном ребёнке); күнүм тэҥэ мой ненаглядный, моё солнышко (обычно о единственном ребёнке).
бар= (Якутский → Русский)
1) идти, ходить, уходить; уезжать; отправляться; кини үлэтигэр барда он ушёл на работу; мин үөрэнэ барыам я поеду учиться; борокуот биэрэктэн барда пароход удалился от берега; сатыы бар = идти пешком; 2) перен. идти; уходить; манна икки күнүм барда на это у меня ушло два дня; үлэ үчүгэйдик барар работа идёт хорошо; кини аата барда о нём распространилась дурная молва; олох үчүгэйдик барар жизнь идёт хорошо; 3) перен. идти, быть к лицу; бу бэргэһэ эйиэхэ бэркэ барар эта шапка тебе очень идёт; 4) перен. становиться вкусным; становиться наваристым; эт миинэ барбыт суп стал вкусным, наваристым; чэй барбыт чай заварился; 5) эвф. умирать, кончаться; оҕонньорбут барда старик умер; тута бар = умереть сразу, мгновенно; 6) в сочет. с деепр. на =ан основного гл. выступает в роли вспомогательного гл. и означает начало действия: сытан бар = начать ложиться; олорон бар = начать садиться; үлэлээн бар = начать работать; ытаан бар = заплакать; ааҕан бар = начать читать; киэһэрэн барда вечереет; 7) в сочет. с прич. на =быт в орудн. п. выражает ускоренность или поспешность начала действия: аһаабытынан барда он сразу начал есть; хаампытынан барда он сразу зашагал; 8) в сочет. с нареч. выражает резкость и внезапность действия: тиэрэ бар= опрокинуться на спину; умса бар = упасть ничком; быһа бар = лопнуть, внезапно порваться; хайа бар = треснуть, внезапно расколоться; көҥү бар = обрушиться, обвалиться, внезапно рухнуть; 9) в ф. деепр. на =ан выступает в роли союза с временным знач. после того, как...; баран баран, кэлэ илик после того, как он ушёл, он больше не приходил; этэн баран, өйдөөтүм я понял после того, как сказал; эрэннэрэн баран, албынныам суоҕа раз уж я обнадёжил, я не обману.
өл= (Якутский → Русский)
1) умирать; кончаться; погибать; өлбүт киһи а) мертвец, покойник; б) перен. пропащий человек; өлөр өлүү неминучая смерть; өлөр өстөөх смертельный враг; өлөрү кыайбыт победивший смерть; өлбөт үөстээх живучий; өлөр быатыгар к несчастью (букв. к смерти); өлөр тиллэр мөккүөрэ (или икки ардынан ) между жизнью и смертью (находиться, быть); өлөн хаал = умереть; өлөн баран= (или быһын =) вымирать; өл да төрөө хоть умри (но найди, доставь и т. п. кого-что-л.); өлө-өлө тилин= оказаться на волоске от смерти (букв. умирая, воскресать); өлөөрү сыт = находиться, лежать при смерти; өлөр охтуутун оҕутта его сразила смертельная болезнь; өлөөрү гын = а) находиться при смерти; б) перен. оказаться в тяжёлом, критическом положении; өлбүккэ үөн үөрэр погов. мертвечине черви радуются; өлбүт өлбүтүнэн , өлбүтү кытта өлөр суох поел. мёртвым смерть, а живым живое; өллөхпүнэ сиэбит да суорум тиэрдэр үһүө погов. не доставит меня (туда) и ворон, съевший мой труп (о невозможности добраться до далёких краёв); өллөхпүнэ үөрүм ытаан ааһыаҕа после смерти дух мой обо мне плачем напомнит (говорится при сильной обиде или перед долгой разлукой); өлөн көрөн өлөрү билбит суох посл. никто на время не умирал, чтоб (только) познать смерть; өлөн эрэр өлөнтөн тардыһар погов. умирающий хватается за травинку (соотв. утопающий за соломинку хватается); өлөр саҥатын саҥарда он закричал благим матом (букв. завопил предсмертным воплем); моҥнон өл = повеситься; бэйэҕэр тиийинэн өл = кончать жизнь самоубийством; 2) блёкнуть, увядать (о растениях); от өлбүт трава (скошенная) увяла # аччык өл = проголодаться; искэр өл = страдать поносом; күн өлбүт произошло затмение солнца; өлбөт мэҥэ уута фольк. живая вода; өлө итир= быть вдрызг пьяным; өлө куттан = испытать ужас; өлөн бар= уходить в подавленном состоянии (от печального известия, тяжёлого разговора и т. п.); өлө оонньоо= попадать в тяжёлое, критическое положение; өлөр иһээччи горький пьяница; өлөр өлүү ааҥнаата нагрянула беда, свалилось несчастье; өлөр суола это его задевает за живое; хараххар өл = заболеть — о глазах.