- урянхай (устаревшее самоназвание якутов); киһи урааҥхай человек; саха урааҥхай якут; 2. пренебр. дурной || дурак, дурень.
Якутский → Русский
урааҥхай
Якутский → Якутский
урааҥхай
аат.
1. Сахалар бэйэлэрин ааттанар иккис ааттара. ☉ Самоназвание якутов, уранхай
Олоохуна өрүһүнэн соҕурууттан «урааҥхайдар» диэн ынах, сылгы сүөһүлээхтэр бэрт элбэх норуот кэлбит. Саха сэһ. I
[Тоҥус — Манчаарыга:] Орто дойдубутун Оонньуулаах оҥоруохпут суоҕа, Оннук буолбат дуо, урааҥхай? А. Софронов
Охтон биэрбэт соргулаах Урааҥхайдар — биһиги, …… Үүнэр-сайдар үйэҕэ Өрөгөйбүт үрдээтин! Л. Попов
Тыа урааҥхайдарын төрүттэрэ маҥнай Эргэнэ хонуу диэн сиргэ олорбуттар эбит. НСА ПШЯП
2. Киһи (сүөргүлээн эбэтэр сөҕөн этэргэ тут-лар). ☉ Человек (употр. в порицание, осуждение кого-л. или изумление, восхищение кем-л.)
Кэнэҕэс дьон кэпсээн оҥостуохтара: оннук киһи урааҥхайа, оннук дьахтары күрэтэн баарта үһү диэн. Н. Неустроев
— Туох куһаҕан ыралаах, харса суох тыллаах, холуон оонньуулаах урааҥхайгыный? Болот Боотур
Өһөстөҕүнэ туох да иннин ылбат урааҥхайа. Харыйаны таҥнары соспут тэҥэ. И. Гоголев
♦ Бороҥ урааҥхай көр бороҥ
Бокуйар сүһүөхтээх бороҥ урааҥхайдар! Н. Габышев
Босхо бастаах көр босхо. Бу туһуттан Босхо бастаах Бороҥ урааҥхайга Үҥэр таҥарата өһүргэннэ, Тойон таҥарата хоргутта, Айыы таҥарата абарда. Өксөкүлээх Өлөксөй
Икки илиилээҕи (урааҥхайы, иннинэн сирэйдээҕи) иннигэр түһэрбэт көр ик- ки I. Ийэм икки илиилээҕи иннигэр түһэрбэтэх бурдук быһааччы этэ. Ф. Софронов. Урааҥхайга тыынаайыккыный кэпс. — кимиэхэ да этимэ. ☉ Никому не говори, держи при себе (букв. на уранхая не дыши)
— Ийээ, бу хантан сэлиэһинэйдэннигит? — Үнүр аҕаҥ бурдук ыһыытыгар сылдьан, куул аҥаара сэлиэһинэй ордорон аҕалбыт этэ. — Ол хайдах ордорон? — Дуня өйдөөбөтө. — Ордордоҕо дии оттон. Урааҥхайга тыынаайыккыный! А. Фёдоров. Урааҥхай саха — урааҥхай 1 диэн курдук. Уруй-айхал, урааҥхай сахалар!
□ Урааҥхай сахам норуота — Улуу нуучча омук көмөтүнэн Уонунан төгүл Уһулуччу үүннүбүт. Саха нар. ыр. III
Сөҕө көрөбүн мин ол уолаттары — Урааҥхай сахалар удьуордарын. С. Данилов. Устаты муруннаах, утары сирэйдээх урааҥхай саха фольк. — сахалар. ☉ Якутский народ, народ саха.
эвенк., монг., тюрк. уранкай — самоназвание группы горно-таёжных охотников Забайкалья-Приамурья
Еще переводы: