Якутские буквы:

Якутский → Русский

хаанымсах

кровожадный, хищный.

Якутский → Якутский

хаанымсах

даҕ.
1. Адьырҕа, сиэмэх. Питающийся животной пищей, хищный
Хаанымсах хахайдыы халыйар Тааҥканан туолара киэҥ сыһыы. Эллэй
Хаанымсах суордуу Хайыта тыытаары Арҕаа дойду адьырҕата, Айан суолун түөкүнэ Сэриитин киллэрдэ. С. Васильев
Куоска утуктуу сылдьар сирэйэ тута хаанымсах, анаҕастаах кыыл сэбэрэтигэр уларыйа түстэ. Г. Николаева (тылб.)
Киһи хаанын уулуур (үөнкөйүүр). Кровососущий (о насекомых)
Оҥоойу чахчы хаанымсах, оботтоох-солоҥноох ыама диэтэҕиҥ. АВ СҮү
Хаанымсах бырдах харааннаатаҕына дьону да, ыттары да, табаны да сүгүннээбэт. А. Кривошапкин (тылб.)
2. көсп. Сэриилэһэр, өлөрөр-өһөрөр өйдөөх-санаалаах. Жаждущий кровопролития, кровожадный
Муостанан туораан истэхтэринэ, хаанымсах хара дьайдар саба түһэннэр, кыа хаанын тохпуттара. Суорун Омоллоон
Хорсун хомсомуоллар кыракый этэрээттэрэ хаанымсах бандьыыттары утары харса суох уоттаах охсуһууга киирбитэ. А. Сыромятникова
Хаанымсах өстөөх ытык дойдубар Хара түөкүннүү саба ааҥнаата. И. Егоров


Еще переводы:

кровожадный

кровожадный (Русский → Якутский)

прил. хаанымсах.

сиппийис

сиппийис (Якутский → Якутский)

сиппий диэнтэн холб. туһ. Эдьиийгэр дьиэни сиппийис
Хаанымсах сидьиҥнэри Ийэ сиртэн сиппийсэр буолбутун саллаат …… дьонугар суруйбута. «Кыым»

лютый

лютый (Русский → Якутский)

прил. 1. (о животных) хаанымсах, дьулаан; 2. (о человеке) суостаах, дьулаан; лютый враг суостаах өстөөх; 3. перен. ыар, кытаанах; лютая злоба ыар өһүөн; 4. (очень-сильный) хабараан, ыар; лютый мороз хабараан тымныы.

дьөлөрүт

дьөлөрүт (Якутский → Якутский)

дьөлөрүй диэнтэн дьаһ
туһ. Хаанымсах өстөөх Сидьиҥ сэриитин утары Харса суохтук Хардыылаан киирэҥҥин Аан өттүттэн алдьат, Түгэх өттүттэн дьөлөрүт! Саха нар. ыр. III
Фашист эрэ уһункылгас уҥуохтарын урусхалынан муосталаан, сэрии дьөлөрүппүт аппатын туораан тахсан, дьоллоох олоххо тиийиэхпит. Т. Сметанин

сөрүөҥнэс

сөрүөҥнэс (Якутский → Якутский)

сөрүөҥнээ диэнтэн холб. туһ. Бухатыыр өлүгэр мустар кэриэтэ, …… Хаанымсах хотоҕойдоохтор элиэтииллэр, Сүлүһүннээх моҕойдор сөрүөҥнэһэллэр. ОЛ ПА
Маҕаһыыҥҥа арыгыны быктарымаҥ. Биһиги дэлэ да дьон буолбатахпыт, аны холуочуйан сөрүөҥнэһэ сылдьыахпыт. «ХС»

халыара

халыара (Якутский → Якутский)

аат. Киһи этин-сиинин уута аччаан итиэннэ иҥиирэ тардан сыыстарар, быһыта тыытар сыстыганнаах ис ыарыыта. Холера
Халыаранан, чумаанан харса суохтук тибиирэллэр. Күннүк Уурастыырап
Хара буруйдаах Хаанымсах фашистар, халыара ыарыылыы, Хара дьай буоланнар, күдэҥҥэ көтөннөр [дьон аймах кэлэйиэ]. «ХС»

арбый

арбый (Якутский → Якутский)

туохт. Наһаа улаханнык тоҥсуй (хол., ааны). Сильно, громко стучаться (напр., в дверь)
Аанын булла, айдаан улаатта. Алыс күүскэ уол арбыйда. Балаҕана салыбыраата, Даҥа, буора саккыраата. П. Ершов (тылб.)
Кыһыл Маай хаппытаал сиригэр Хаайыылар ааннарын арбыйда, Хаанымсах хара сор бииһигэр Хабараан этиҥнии дарбыйда. Күннүк Уурастыырап

дьэ эбэтээ

дьэ эбэтээ (Якутский → Якутский)

саҥа алл. сыһыан холб. Туох эмэ өр күүттэрэн баран буолбутуттан үөрэн, сөбүлээн (ардыгар сэтэриир дэгэттээх) сыһыаннаһыыны көрдөрөр. Выражает одобрение, радость (иногда с оттенком злорадства) по поводу осуществления чего-л. долго ожидаемого (ну наконец-то)
Дьэ эбэтээ, күтүр өстөөх бохтор күннээх эбиккин дии. Суорун Омоллоон
Дьэ эбэтээ! Кэһэйдигит дуо, хаанымсахтар! Н. Лугинов
Дьэ эбэтээ, кини, штаб дьиэтэ, ити турар. «ЭК»

хаанырҕаа

хаанырҕаа (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Кимиэхэ, туохха эмэ саба түһүөхтүү быһыылан, хаанымсах сигилигин киллэр (адьырҕаны этэргэ). Почувствовать вкус крови, возжаждать крови (о хищниках)
Хара суор харса суох куһуйан, Хаанырҕаан, хааҕырҕаан ааспыта. Күннүк Уурастыырап
Ол иһин ньиэмэс апчаарката этэ, хаанырҕаатаҕа. Ыҥырар ыл.
2. көсп. Кими эмэ өлөрөр-өһөрөр, сууһарар санаалан. Быть одержимым желанием уничтожать, истреблять, убивать кого-л.
Хаанырҕаабыт фашист үөрэ Халлаанынан, сиринэн Сэрии уотун аспыта. «Чолбон»

аҥый

аҥый (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт., поэт.
1. Тымныы салгынынан үр, саба биэр. Поддувать, обдавать холодным воздухом
Тыал биллэ тыалырда. Тымныынан аҥыйда. Күннүк Уурастыырап
Быраһаай, сайылык, Чэлгийэр, Долгуйар Тэлгэһэ. Аҥыйан истэҕэ Тибиилээх, Буурҕалаах Хаар кыһын. С. Васильев
Бу дьолу күдэҥҥэ көтүтээри, Арҕааттан анысхан аҥыйда, Киирдилэр — эппитин сэймэктээри, Фашистар — хаанымсах баабырдар. Эллэй
2. Салгый, сиккиэрэн билин. Слегка обдавать прохладным воздухом
Ийэ дойдум, мин тиийбиппэр, Иэйэн аргыый тыалырда, Итииргээбит мин түөспэр Илгэтинэн аҥыйда. С. Данилов
Онтон дьэ Куйааспыт уҕараан Сибиэһэй Сөп-сөрүүн аҥыйар. С. Данилов