Якутские буквы:

Якутский → Якутский

халтаҥныҥы

даҕ. Халтаҥ соҕус, чараас. Тонковатый, лёгкий, не совсем тёплый (об одежде)
Сонно тута кирилиэһинэн кыһыҥҥы кэмҥэ халтаҥныҥы таҥастаах дьахтар сүүрэн таҕыста. Н. Габышев

халтаҥ

даҕ.
1. Иһинэн халыҥатыыта суох, иһэ суох, чараас (хол., таҥнар таҥас). Без утепления, тёплой подкладки, тонкий (напр., об одежде)
Буурҕалаах тымныы күн халтаҥ таҥастаах хатыҥыр эдэр киһи тиэтэйэн хааман иһэрэ. Софр. Данилов
«Бэ-э эрэ!» — халтаҥ арбаҕастаах киһи түргэн-түргэнник хабдьыгыраан барар. Н. Якутскай
Махсыын эрэйдээх суут иннигэр халтаҥ купаайкатын тэллэҕэ илибирии тураахтаата. А. Бэрияк
2. Көбө суох, убаҕас түүлээх. С негустым мехом. Солоҥдо түүтэ халтаҥ
Бэстэртэн бэстэргэ халтаҥ тииҥ ойуолуур. Л. Попов
3. Тараҕай, халчаҕай. Имеющий лысину, лысый
«Ким уоттаабыт сорой?» — Тараҕай Яков халтаҥ төбөтүн тарбанна. М. Доҕордуурап
Ытыһынан халтаҥ төбөтүн имэриммэхтиир. «ХС»
4. Баттаҕа суох, үүнэ илик (оҕону этэргэ). Без волос (о ребёнке), с лысиной
«Хайа, бу киһи кэлбит эбит дуу?» — сиэнин халтаҥ төбөтүн имэрийбитэ. Далан
Сиэнин халтаҥ төбөтүттэн имэрийбитэ, сыллаан ылбыта. «ХС»
5. Таҥаһа суох, сыгынньах. Без одежды, голый, нагой. Муот киһи муҥа суох, халтаҥ киһи хабаана суох (өс хоһ.)
6. Ото-маһа, үүнээйитэ суох эбэтэр мөлтөх үүнээйилээх. С мелкой растительностью или лишённый растительности, голый
Халтаҥ да буоллар — дойдум буоллаҕа (өс хоһ.). Эмиэ хаарбыт хараарда, Халтаҥ сирбит таҕыста. Күннүк Уурастыырап
Сүөһүбүт халдьаайылар халтаҥ буордарыгар онон-манан абыр-табыр үүммүт тимир эрбэһиннэри кирэ сатыы сылдьаллар. Амма Аччыгыйа
Тула өттө барыта сыгынньах, халтаҥ сир. Н. Заболоцкай
Халыҥа суох, чараас (хаары этэргэ). Со скудными осадками, неглубокий (о снеге). Кыһын хаар олус халтаҥ буоллаҕына, үгэс курдук ол дьыл тымныы кыһын буолар. «Саха с.»
Халтаҥ сон — саас, күһүн кэтиллэр чараас сон. Демисезонное пальто
[Коля] эҥээрдэринэн илдьирийбит халтаҥ сонун ыйаан баран, кыбылла-кыбылла биллэриккэ киирэн олордо. Эрилик Эристиин
Борокуоппай …… элбэх сиринэн тааппарай абырахтаах халтаҥ сонун кэтэр. А. Бэрияк
Киһибит сэлээппэтин, халтаҥ сонун үөһэ түстэ, күлүгэ хоһу тула элэҥнээтэ. Н. Габышев
Халтаҥ таас — тараҕай таас диэн курдук (көр таас I). Көрдүҥ дуо халтаҥ таас хайаны? И. Артамонов
Харах дала ыларын тухары халтаҥ таас, кумах үрдэллэрдээх хонуу бара турар. Умнуллубат к.
ср. монг., тюрк., маньчж. халзан, калдьан ‘лысина, залысина; лысый, плешивый’

Якутский → Русский

халтаҥ

1) тонкий; халтаҥ сон тонкое пальто (демисезонное); солоҥдо түүтэ халтаҥ шерсть колонка тонкая; 2) перен. голый, обнажённый; халтаҥ хайа голая скала.


Еще переводы:

мундир

мундир (Русский → Якутский)

сущ
байыаннай киһи кэтэр кылгас халтаҥ соно

көспөхтөө

көспөхтөө (Якутский → Якутский)

көс диэнтэн тиэт
көрүҥ. Быйыл көспөхтүү түһэрбит буолуо. Сир халтаҥ. Л. Попов

күкүллэх

күкүллэх (Якутский → Якутский)

аат., кэпс. Үлэҕэ кэтэр чараас, халтаҥ сон. Тонкая рабочая куртка. Уол күкүллэҕин кэтээт, таһырдьа ойдо

оголённый

оголённый (Русский → Якутский)

  1. прич. от оголить; 2. прил. (голый) сыгынньах; 3. прил. (лишённый листвы, хвои) суйдаммыт, харалаабыт; оголённые деревья харалаабыт мастар; 4. прил. (лишённый растительности) халтаҥ, үүнээйитэ суох; 5. прил. (лишённый покрывающего слоя) сыгынньах, халтаҥ; оголённый провод сыгынньах провод.
кубалай

кубалай (Якутский → Якутский)

кубаҕай 2 диэн курдук
Халтаҥ кубалай хонуу хаппыт буорунан хаамтахха Топпут туолбут Тооппоор аһыҥа Толоон курдук тобугуруу тохтор. К. Туйаарыскай

үскэлэҥ

үскэлэҥ (Якутский → Якутский)

көр үскэл
Чэпчэки сыарҕаҕа олорон иһэр хара сэлээппэлээх, бороҥ халтаҥ сонноох үскэлэҥ киһи тоҥолохторун даллаҥнатан, муоһатын илгиэлиир. Н. Габышев

халтаҥнык

халтаҥнык (Якутский → Якутский)

сыһ.
1. Халыҥа суохтук, чараастык (таҥын). Не очень тепло, налегке, легко (одеваться)
Кыһын халтаҥнык таҥнан баран, наарта дуҕатыттан тутуһан хаамар, сүүрэр. Н. Габышев
Бары халтаҥнык таҥнан сылдьарбыт. СБТТ
2. Мөлтөхтүк, онон-манан (үүн — от туһунан). Плохо, негусто, неровно (расти — о травостое)
«Үҥкүр», «Күөгэл күрүөтэ» [алаастар ааттара] Үүммүт олус халтаҥнык. Баал Хабырыыс

нагой

нагой (Русский → Якутский)

прил. I. (обнажённый) сыгынньах; 2. перен. (о деревьях) харалаабыт, сэбирдэҕэ түспүт; нагие деревья харалаабыт мастар; 3. перен. (о местности) сыгынньах, халтаҥ; нагие скалы сыгынньах таас хайалар.

сон

сон (Якутский → Русский)

общее название мужской и женской верхней одежды; эр киһи соно мужское пальто; дьахтар соно дамское пальто; кыһыҥҥы сон зимнее пальто; халтаҥ сон демисезонное пальто; түүлээх сон шуба.

болтуо

болтуо (Якутский → Якутский)

аат. Халтаҥ сон. Пальто
Куонаан хара билиис болтуону бобо курданан кэбиспит. Н. Неустроев
Болтуолаах киһи ааһан эрэрэ. Амма Аччыгыйа
Кылгас болтуолаах, андаатар бэргэһэлээх Дьөгүөссэ тахсан кэллэ. В. Протодьяконов