Якутские буквы:

Русский → Якутский

мундир

сущ
байыаннай киһи кэтэр кылгас халтаҥ соно

мундир

м. мундир (байыаннай эбэтэр гражданский форма та/гас); # картофель в мундире хахтары буспут хортуоппуй.

Якутский → Русский

мундир

мундир; офицер мундира мундир офицера, офицерский мундир.


Еще переводы:

офицерскай

офицерскай (Якутский → Русский)

офицерский; офицерскай мундир офицерский мундир.

фельдмаршал

фельдмаршал (Якутский → Русский)

воен. фельдмаршал || фельдмаршальский; фельдмаршал мундира фельдмаршальский мундир.

генерал

генерал (Якутский → Русский)

генерал || генеральский; аармыйа генерала генерал армии; генерал мундира генеральский мундир.

аппаара

аппаара (Якутский → Якутский)

аат. Аһытыылаах тиэстэни бэлэмнииргэ туттуллар аһыы убаҕас. Опара
Хас үөһэ, аллара тыыннаҕын ахсын, кини сиэрэй мундирга сууламмыт, ыадастыбыт, мөдөөт этэ, аппаара курдук, арыт өрө үллэн тахсара, арыт аллара уостан түһэрэ. А. Фадеев (тылб.)

былҕаччы

былҕаччы (Якутский → Якутский)

сыһ. Онон-манан сымнаҕастык үтэн тахсар курдук. Так, чтобы мягко выпирало
Кутузов мундир сүртүүгүн кэппит (синньигэс быа кымньыыны санныгар биллэҕэ иилиммит), аллаах атыгар ыараханнык былҕаччы олорон баран, дьалкыҥныы иһэр. Л. Толстой (тылб.)

тэриллии

тэриллии (Якутский → Якутский)

тэрилин диэнтэн хай
аата. Былыргы саха инструменнарын Е. Ярославскай …… мусуой саҥа тэриллиитигэр улуустартан, атынан тахсан, бэрт элбэҕи тиэйэн киллэрбит. ЧАИ СБМИ
Мундира, шпоралара, хаалтыһа, баттаҕын тарааныыта — Борис киэнэ барыта муодунай, толору сиэринэн тэриллии. Л. Толстой (тылб.)

халҕаччы

халҕаччы (Якутский → Якутский)

сыһ. Халҕайа сылдьар курдук. Так, чтобы просторно висело
Нуучча генералын салаҥнык тигиллибит мундирын халҕаччы кэппит Пфуль генералы, урут хаһан да көрбөтөх эрээри, кинээс Андрей аан маҥнай хайдах эрэ уруккуттан билэр киһитин курдук санаата. Л. Толстой (тылб.)

хахаарда

хахаарда (Якутский → Якутский)

аат. Хортууска (хол., байыаннайга) анньыллар анал тимир бэлиэ; анал тигиилээх, тимир бэлиэлээх хортуус (хол., байыаннай). Кокарда; фуражка с кокардой
Эппилиэттээх элбээтэ, хахаардалаах халыҥаата, куортуктаах куодарыста, мэтээллээх мөтөлдьүстэ. Болот Боотур
Оҕолор харахпыт хахаардалаах бэргэһэлээх хас да байыаннайга хатаммыта. В. Иванов
[Сахаяна] почтальоннар килбэҥнэс тимэхтэрдээх мундирдарыгар, хахаардаларыгар ымсыырбыта. Тулхадыйбат д. Уолаттар Валерийга аҕата бэлэхтээбит речник хахаардалаах фуражкатын ымсыыра көрбүттэрэ. ВВ ЫСЫ

модьоҕо

модьоҕо (Якутский → Якутский)

аат.
1. Аан холуодатын алын өттө, аан боруога. Дверной порог
Сиидэркэ сэрэнэ-сэрэнэ аан модьоҕотун атыллаата. И. Гоголев
Аан аһыллыбытыгар балаҕан үрдүк модьоҕотун атыллаан параднай мундирын кэппит уонна саабылатын иилиммит хаһаак начаалынньыга киирэн кэллэ. «ХС»
Мин сылабаары көтөҕүөх сирбэр көтөҕөн, соһуох сирбэр соһон, быһа астаһан аан модьоҕотун нэһиилэ туораттым. Тулхадыйбат д.
2. Туох эмэ үрдэлэ, үрдүк бүүрүгэ. Окаймляющая часть чего-л. в виде выступа, выступ
«Тоҕо, ө лб өп пү н! …… К эбис, тах сыыһыбын», — д и э н [Чүөчээски] ойбон модьоҕотуттан илиитинэн тутуста. Суорун Омоллоон
Ыраах, көҕөрүмтүйэн көстөр өрүс модьоҕо мыраанын кэтэ ҕиттэн этиҥ былыта өрө күү рэн тахсан иһэрэ. Н. Якутскай
Кыһын Алдан өрүһүн модьоҕо хайатыгар бултуу кэлбиттэрэ. «ХС»
3. Көмүлүөк оһох холумтана. Ше с т о к камелька
Бобо кууһан киллэрэн буор оһох модьоҕотугар бырахта. Саха нар. ыр. II
Модьоҕо иннигэр ийэтэ эмээхсин оҕо этэрбэһин тигэн кыҥастаһар. Суорун Омоллоон
Умуллубут оһох модьоҕото, төһө да үрбүтүҥ иһин, күөдьүйэн кэлиэ суоҕа. Софр. Данилов
Э м э э х с и н модьоҕоҕо ч у г а һ а а н - - ч ох тардан оһоҕостору уокка быраҕаттаан, буһаран боччугунатта. Болот Боотур
4. көсп. «Төрөөбүт-үөскээбит алаһа дьиэм» диэн суолтаҕа. В значении «от ч ий дом»
Ми н б э й э л э эх б эй эм т ө р ү т модьоҕобор тиийэр буолбуппун, дьонумсэргэм, дьүөгэлэрим ортолоругар олорор, сылдьар дьолломмуппун. «ХС»
Эҕэрдэ эйиэхэ, мин ытык модьоҕом! Чуҥкуйа кэтэһэр, мин доҕор дьоннорум Атыллаан элэппит сирдэрэ. К. Кулиев (тылб.)
5. көсп. Туох эмэ буолар кэмин саҕаланыыта, саҥа кэрдииһэ. Преддверие, начало, граница чего-л.
Биһиги билигин уус-уран айар тыл үлэтиттэн күүһэталаана суохтар туоруур, туоратыллар кэмнэрин модьоҕотун атыллаан эрэбит. П. Ойуунускай
Эн билигин да дьоллоох киһигин. Букатын кырдьа, б у орайа иликкинэ саҥа олох модьоҕотун атыллаатыҥ. И. Гоголев
6. көсп. Туох эмэ муҥур уһуга; тиийиэхтээх кирбиитэ. Последняя черта, рубеж; конец, завершение чего-л.
Биһиги сыһыаммыт саамай тиһэх молдьоҕоҕо тиийбитин мин, кэргэннээх эҥин, үөрүйэх киһи буоларым быһыытынан билбитим. Далан
Биһиги поэт Сергей Степанович Васильевтыын …… кыргыһыы сипсиэрдээх буолагар, кини уотунан уһуутуу сытар инники модьоҕотун кэрийэ хааман, этэҥҥэ эргиллэн дойдубутугар кэллибит. Суорун Омоллоон
Капиталистическай дойдуларга биэнсийэҕэ тахсар саас модьоҕото үрдүк. И. Аргунов
ср. уйг. босуҕа, туркм. босага, кирг. босого, каракалп. босого, эвенк. босого ‘порог (в доме)’, бур. можо ‘косяк’ (двери)