Якутские буквы:

Якутский → Русский

халый=

1) разливаться (по поверхности чего-л.); муостаҕа уу халыйда по полу растеклась лужа; 2) перен. сбиваться (с дороги); сворачивать; суолуттан халыйда он сбился с дороги; суол уҥа диэки халыйда дорога уклонилась вправо.

Якутский → Якутский

халый

туохт.
1. Туох эмэ устун тэнийэн, тарҕанан бар. Разливаться, расползаться, расплываться по поверхности чего-л.
Уот курбуу чаҕылҕаннарынан тырытта-тырытта, ыас хара былыт халыйан тахсыбыт. Амма Аччыгыйа
Бэрт сотору оҥкучах сирдэргэ уу халыйбыта. Далан
Өрүс эһиннэ. Муус халҕаһата арыыны соҕотохто саба халыйда. Т. Сметанин
Хайа быара быһыттан, Хара буруо халыйда. А. Абаҕыыныскай
2. Халтарый, сырылаа. Катиться, скользить
Хайыһар кэтэн халыйан истэххинэ, Оччоҕо ордук өйдүүгүн эн Сахаҥ сирэ Эйигин сатаан ииппитин. Т. Сметанин
Хатарыылаах хатыҥ мас сыарҕа Халыйыаҕа халыҥ да хаарга. «ХС»
Эһэм миэхэ үчүгэй баҕайы салааска оҥорон биэрдэ. Халыйар да халыйар. Түргэнэ сүрдээх. Н. Тарабукин (тылб.)
3. көсп. Баран иһэр суолгуттан туораан таҕыс, бар. Сбиваться с пути, уклоняться в сторону, сворачивать
Барбахтаат, оҕонньор тоҕонох уулуссаҕа халыйда. Р. Баҕатаайыскай
Маппый дьиэтигэр барбакка толооҥҥо халыйан барда. Р. Кулаковскай
Аркадий, тугу да саҥарбакка, туора уулуссаҕа халыйан тахсар. У. Нуолур
4. көсп. Туохтан эмэ (хол., кэпсэтии тиэмэтиттэн) туораа, сүрүн хайысханы тутуһума. Уклоняться от чего-л. (напр., от темы разговора)
Дьонум ону-маны ыатаран кэпсэтэллэр, бултан уопсай боппуруоска халыйаллар. Далан
Туйаара, халыйдыбыт дии атын тиэмэҕэ, Эйигинниин бүөмнээн кэпсэтэрдээх этим. В. Миронов
«Василий Егорович, эмиэ халыйдыбыт, дьыала сүнньүнэн кэпсэтиэххэ», — Игнат Кытаҕаасап быһа түстэ. Э. Соколов
5. көсп. Сүрэҕи-быары, өйү-санааны долгута кутулун (хол., иэйии, санаа туһунан). Подступить к сердцу, захлестнуть, нахлынуть (напр., о чувствах, воспоминаниях)
Арыт мип-минньигэс ахтылҕан санаа сыры-сымнаҕас күөнүнэн саба халыйан кэлэр. Н. Лугинов
Мин сүрэхпэр кустарбын аһыныах сылаас санаа халыйан киирдэ. И. Семёнов
Эмискэ тайахтар аһыы сылдьалларын көрөн, булчут эрэ билэр иэйиитэ түөһүн киэптии халыйан киирдэ. «Чолбон»
ср. монг. халих ‘переливаться через край (напр., посуды); выходить из русла (о реке)’


Еще переводы:

slide

slide (Английский → Якутский)

слайд; халый, халтарый, ньылбырый

растечься

растечься (Русский → Якутский)

сов. халый, тарҕан; өт (расплыться).

скользить

скользить (Русский → Якутский)

несов. 1. халый, халтарый, ньылбырый; скользить по льду муус устун халый, мууска халый; 2. перен. (быстро и плавно двигаться) сыыйылын, сыыйыллан ис.

леветь

леветь (Русский → Якутский)

несов. полит, хаҥас оҕут, хаҥас халый (хаҥас политической партияларга чугаһаа).

праветь

праветь (Русский → Якутский)

несов. полит, уҥа оҕут, уҥа халый (реакционной суолга ту рун).

облечь

облечь (Русский → Якутский)

II сов. что (обволочь) бүрүй, саба халый; тучи облегли нёбо халлааҥҥа хара былыт саба халыйда.

халыйыы

халыйыы (Якутский → Русский)

и. д. от халый=; суолхалыйыы-та поворот дороги # уҥа халыйыы полит. правый уклон; хаҥас халыйыы полит, левый уклон.

отхлынуть

отхлынуть (Русский → Якутский)

сов. төттөрү халый, төттөрү охсулун; волны отхлынули от берега долгуннар биэрэктэн төттөрү охсулуннулар.

этэҥҥэтик

этэҥҥэтик (Якутский → Якутский)

этэҥҥэ диэн курдук
Үүнэр түүннэр Этэҥҥэтик Хайыстыннар, Үөр бөрөлөр Эргийбэттик Халыйдыннар. Күннүк Уурастыырап

оплывать

оплывать (Русский → Якутский)

несов., оплыть сов. 1. (ожиреть, отечь) халый, халыйан түс; 2. (о свече) тоҕун, сорҕолос; 3. (оползти) быһын, быстан түс, сиҥин; берег оплыл сыыр сиҥнэн түспүт.