и. д. от халый=; суолхалыйыы-та поворот дороги # уҥа халыйыы полит. правый уклон; хаҥас халыйыы полит, левый уклон.
Якутский → Русский
халыйыы
халый=
1) разливаться (по поверхности чего-л.); муостаҕа уу халыйда по полу растеклась лужа; 2) перен. сбиваться (с дороги); сворачивать; суолуттан халыйда он сбился с дороги; суол уҥа диэки халыйда дорога уклонилась вправо.
Якутский → Якутский
халыйыы
- халый диэнтэн хай. аата. Ньукулай ис-иһиттэн дьиибэтик чэпчээтэ, сыарҕа халыйыытыгар, кырдьык да, көтөн хаалыах курдук буолла. Амма Аччыгыйа
Ахтар буолуом, Ааттыыр буолуом Сарсыарда күн тахсыыта, Күнүс куйаас кутаалыыта, Түүн туман халыйыыта. И. Гоголев
Күөл күөх сиҥэлэниитэ — күөл хаара бүтэн, муус үрдүгэр уу халыйыыта. Хомус Уйбаан - көсп. Ханнык эрэ уопсай ылыныллыбыт сиэртэн, бэрээдэктэн туорааһын, атыннык туттуу. ☉ Отклонение, отход от основной, главной линии, направления, уклон, крен
Дьиҥэр, бу эн курдуктар кыра да халыйыыны көннөрүллүбэт алҕаска тиэрдэҕит. Н. Лугинов
Мин манна бу эдэр киһи өттүттэн ханнык даҕаны халыйыыны көрбөппүн. СҮК
Дьиҥэ, билбэттэн-көрбөттөн сыыһахалты дьаһаныы, ардыгар наһаалааһын, халыйыы да бааллара. ВНГ ГОПХ
халый
туохт.
1. Туох эмэ устун тэнийэн, тарҕанан бар. ☉ Разливаться, расползаться, расплываться по поверхности чего-л.
Уот курбуу чаҕылҕаннарынан тырытта-тырытта, ыас хара былыт халыйан тахсыбыт. Амма Аччыгыйа
Бэрт сотору оҥкучах сирдэргэ уу халыйбыта. Далан
Өрүс эһиннэ. Муус халҕаһата арыыны соҕотохто саба халыйда. Т. Сметанин
Хайа быара быһыттан, Хара буруо халыйда. А. Абаҕыыныскай
2. Халтарый, сырылаа. ☉ Катиться, скользить
Хайыһар кэтэн халыйан истэххинэ, Оччоҕо ордук өйдүүгүн эн Сахаҥ сирэ Эйигин сатаан ииппитин. Т. Сметанин
Хатарыылаах хатыҥ мас сыарҕа Халыйыаҕа халыҥ да хаарга. «ХС»
Эһэм миэхэ үчүгэй баҕайы салааска оҥорон биэрдэ. Халыйар да халыйар. Түргэнэ сүрдээх. Н. Тарабукин (тылб.)
3. көсп. Баран иһэр суолгуттан туораан таҕыс, бар. ☉ Сбиваться с пути, уклоняться в сторону, сворачивать
Барбахтаат, оҕонньор тоҕонох уулуссаҕа халыйда. Р. Баҕатаайыскай
Маппый дьиэтигэр барбакка толооҥҥо халыйан барда. Р. Кулаковскай
Аркадий, тугу да саҥарбакка, туора уулуссаҕа халыйан тахсар. У. Нуолур
4. көсп. Туохтан эмэ (хол., кэпсэтии тиэмэтиттэн) туораа, сүрүн хайысханы тутуһума. ☉ Уклоняться от чего-л. (напр., от темы разговора)
Дьонум ону-маны ыатаран кэпсэтэллэр, бултан уопсай боппуруоска халыйаллар. Далан
Туйаара, халыйдыбыт дии атын тиэмэҕэ, Эйигинниин бүөмнээн кэпсэтэрдээх этим. В. Миронов
«Василий Егорович, эмиэ халыйдыбыт, дьыала сүнньүнэн кэпсэтиэххэ», — Игнат Кытаҕаасап быһа түстэ. Э. Соколов
5. көсп. Сүрэҕи-быары, өйү-санааны долгута кутулун (хол., иэйии, санаа туһунан). ☉ Подступить к сердцу, захлестнуть, нахлынуть (напр., о чувствах, воспоминаниях)
Арыт мип-минньигэс ахтылҕан санаа сыры-сымнаҕас күөнүнэн саба халыйан кэлэр. Н. Лугинов
Мин сүрэхпэр кустарбын аһыныах сылаас санаа халыйан киирдэ. И. Семёнов
Эмискэ тайахтар аһыы сылдьалларын көрөн, булчут эрэ билэр иэйиитэ түөһүн киэптии халыйан киирдэ. «Чолбон»
ср. монг. халих ‘переливаться через край (напр., посуды); выходить из русла (о реке)’
Еще переводы: