- даҕ.
- Халтархай, килэркэй, тэпсиллибит (сааскы суол туһунан). ☉ Скользкий, укатанный, гололёдный (о весенней дороге)
Кырдьаҕас Мавра кэҥэс соҕус халысхан суол устун хааман иҥнэҥнээн иһэр. М. Доҕордуурап
Чоху көхсүн курдук халысхан суолга массыына түргэнник элээрэр. Дьону үөр. - Үчүгэйдик халтарыйар кыахтаах, түргэн (хол., хайыһар туһунан). ☉ С хорошим скольжением, скользящий, быстрый, быстроходный (напр., о лыжах)
Халысхан хайыһар миинэннэр Халдьыыны таҥнары тэппиттэр. С. Данилов
Хатыһыылаах күрэххэ Хаалсыбакка сүүрүөххэ, Халбаҥалыыр халысхан Хайыһарым барахсан Хайдахтаах курдук бэрдий? Болот Боотур
[Туос тыы] Халысхан айанын Хайгыыбын өрүүтүн. И. Федосеев
Халыһый, халыһый Халысхан наартачаан. Н. Тарабукин (тылб.) - Күүстээх, түргэн (сүүрүк туһунан). ☉ Быстрый, бурный (о течении)
Халысхан сүүрүктээх Халыма өрүс сыырын үрдүгэр мас пааматынньыкка Хасан Салман-оглы диэн кыһыл бартыһаан аата суруллан турар. Амма Аччыгыйа
Халысхан сүүрүк биһигини кыараҕас силбэһиинэн аһаҕас муораҕа илдьэн иһэрэ. Р. Стивенсон (тылб.) - көсп. Түргэн хамсаныылаах, кэлбитбарбыт (киһи). ☉ Быстрый, ловкий, увёртливый, юркий (о человеке)
Тэһииркээн соноҕос ат курдук, Дьэ, кырдьык, халысхан уол этэ. Ф. Софронов - аат суолт. Сааскы суол халтархай, килэркэй буолбут сирэ. ☉ Скользкое, гладкое, укатанное место на дороге (обычно весной)
Ити кэмҥэ сыарҕата халысхаҥҥа биллэрдик оҕустаран, Туман [ыт аата] харахтарын аһан кэлбитэ. Ойуку
Биир сыһыы киириитигэр сыыр баарыгар сыарҕата түһэн иһэн халысхаҥҥа тула холоруктаан ойоҕоһунан буолла. Н. Түгүнүүрэп
Халысхаҥҥа сыарҕа охсулуннаҕына, охтоору, ол кыһалҕата. Айталын
Якутский → Якутский
халысхан
Еще переводы: