возвр.-страд. от харгыстаа =; кыраттан харгыстанан барбакка хаалбыт он из-за пустяка задержался и не уехал.
Якутский → Русский
харгыстан=
харгыс
препятствие, помеха; миэхэ харгыс буолума не препятствуй мне, не мешай мне; харгыһы туорат = устранить помеху.
Якутский → Якутский
харгыс
аат.
1. Сатыы киһи эбэтэр тырааныспар барарыгар мэһэйдиир туох эмэ иҥнигэс, мэһэй. ☉ Препятствие, мешающее кому-чему-л. пройти, проехать
Аллара үс-түөрт сүүс миэтэрэ холобурдааҕынан улахан буруулаах харгыс туорайдыы түһэн сытара. Н. Заболоцкай
Хоруу иннигэр миинэлээх хонуулар, боробулуоха харгыстар бааллара. П. Егоров
2. Туох эмэ буолуутун, сайдыытын бытаардар, мөлтөтөр мэһэй. ☉ Помеха, препона, которая задерживает какие-л. действия, развитие чего-л., стоит на пути осуществления чего-л.
Бастаан өйдөтөн, көрдөһөн, сүбэлээн көрүллэр. Ол кыаллыбатаҕына, силиэстийэҕэ харгыс тахсар буоллаҕына, сокуон олохтообут миэрэтигэр тиийэр наада. М. Попов
Үлэҕэ тахсар харгыстары туоратар инниттэн страховой саппаас тэриллэр. ЭБТ
Таба иитиитин барыстаах оҥорууга биир улахан харгыһы транспортнай схема олус ыарахана үөскэтэр. «Чолбон»
ср. п.-монг. харси ‘препятствие, преткновение’
харгыстан
харгыстаа диэнтэн бэй., атын
туһ. Сопхуос эмиэ да элбэх сирдээх курдук, эмиэ да ото суох буолан сүөһү сайдыыта харгыстанар. П. Егоров
Ньиэптэн оҥоһуллар уматыктар суохтарыттан манна олох хаамыыта олус харгыстанар, бытаарар. «ХС». Арктиканы сайыннарыыга миэстэтигэр, салайааччылар ситэ үлэлээбэттэриттэн хамсааһын тахсара харгыстанар эбит. «Саха с.»
Еще переводы: