Якутские буквы:

Якутский → Русский

харыһыйыы

и. д. от харыһый=; харыһыйыы бөҕөнү харыһыйда да, биэрдэ ему было очень жаль, но он всё-таки отдал что-л.

харыһый=

1) охранять, беречь, оберегать; уоттан харыһый = беречь от пожара; кус оҕотун харыһыйар утка (самоотверженно) оберегает своих детёнышей (подлетая близко к нарушителю её покоя и при этом громко крякая); 2) жалеть кого-что-л., сожалеть о ком-чём-л.; ону харыһыйыахпыт дуо? пожалеем ли это? (т. е. если нужно, не пожалеем); оҕо оонньуурун харыһыйар, биэрбэт ребёнку жалко игрушку, не даёт.

Якутский → Якутский

харыһыйыы

харыһый диэнтэн хай
аата. Бэйи, доҕоттор, биһиги биирдиилээн дьону аһыныынан, харыһыйыынан салайтардахпытына сатала суох. Н. Лугинов
Бары өттүнэн үчүгэй тэрээһиннээх медицинскэй учреждениеҕа дьахталлар төрүүллэригэр кыаҕы хааччыйыы диэн ийэ даҕаны, ол курдук оҕо даҕаны тыынын харыһыйыы буолар. ГНЕ КТДь

харыһый

туохт.
1. Кимиэхэ эмэ тугу эмэ биэрэргин кэрэйэ санаа, туттун. Неохотно расставаться с кем-чем-л., жалеть, скупиться
Оҕоҥ туһугар бүтүн баайгын туран биэриэх буоларыҥ. Ол сэттэ сүөһүнү харыһыйыма. Софр. Данилов
[Сылгыһыт Сүөдэр:] Хайыахпыный. Биир сыарҕа оту харыһыйыам дуо! И. Гоголев
Харчыгын харыһыйа олороҕун дуо? Сүөһүнү туттарбар тиийэбин. А. Николаев
2. Кими эмэ аһын-абыраа, амарах санаалан, ким эмэ туһугар кыһан, кыһалын. Жалеть кого-л., чувствовать жалость, сострадание к кому-л.
Тула өттө тула барыта туора дьон киһини аһыныах, харыһыйыах быһыылара биллибэт. Н. Якутскай
Аһыныгас санаалаах артыалым дьоно, истэн харыһыйыҥ. М. Доҕордуурап
Бэйэлээх бэйэҥ оҕоҕун аһын, харыһый, ууга-уокка анньыма. ФЕВ УТУ
3. Кими, тугу эмэ көмүскээ, араҥаччылаа (хол., ханнык эмэ күөмчүлүүр күүстэн). Защищать, заступаться за кого-что-л., покровительствовать комучему-л.
Хаарыан эдэр саастаах Хабырыыс Паабылап Хаан-уруу дойдутун харыһыйа, Хара суордары хампарыта хайҕаллаах Кыһыл Аармыйаҕа ханыылаһан барбыта. Саха нар. ыр. III
«Таҥара барыбытын көрөр, барыбыт кыһалҕабытын билэр уонна харыһыйар», — диэбитэ Николка. Ойуку
Бухатыырдар [олонхоҕо] бэйэлэрин аймахтарын уонна бары күн сирин дьонун харыһыйар иннигэр сылдьаллар. ССЛИО


Еще переводы:

харыһыйбахтаа=

харыһыйбахтаа= (Якутский → Русский)

ускор. от харыһый=.

харыһыйталаа=

харыһыйталаа= (Якутский → Русский)

многокр. от харыһый=.

харыһыйааччы

харыһыйааччы (Якутский → Русский)

и. д. л. от харыһый=.

пощадить

пощадить (Русский → Якутский)

сов. кого-что аһын, харыстаа, харыһый.

харыс

харыс (Якутский → Английский)

n. care, protection; харыһый= v. to protect, care for

харыһыннар=

харыһыннар= (Якутский → Русский)

побуд. от харыһый=; хары-һыннарарым хараҕым уута погов. защитник мой—только слёзы мой (говорится о сироте).

дорожит

дорожит (Русский → Якутский)

гл
харыстыыр, харыһыйар

щадить

щадить (Русский → Якутский)

  1. (давать пощаду) аһын, харыстаа; "не щадить врага"-өстөөҕү аһыныма
  2. (оберегать) харыстаа, харыһый; "щадить себя"-бэйэҕин харыстан
щадтп-ь

щадтп-ь (Русский → Якутский)

несов. кого-что 1. (давать пощаду) аһын, яарыстаа; не щадить врага өстөөҕү Харыстаама; 2. (оберегать, относиться бережно) харыстаа, харыһый; не щадить себя бэйэҕин харыстаныма.

дьэлтээриҥнээ

дьэлтээриҥнээ (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Хараххын муҥунан атытан баран, бытааннык эргиччи көрүөлээ. Медленно водить вокруг широко раскрытыми глазами
Эккин харыһыйан дьэлтээриҥнии тураҕын дуо? Софр. Данилов