Якутские буквы:

Якутский → Русский

хаһыҥыраа=

учащ.-длит. храпеть, всхрапывать; утуйан хаһыҥыраа = засыпая, всхрапывать.

Якутский → Якутский

хаһыҥыраа

тыаһы үт. туохт.
1. Утуйа сытан муннугунан тыастаахтык тыын. Храпеть во сне
Пуд Ильич утуйан мунна хаһыҥыраабытынан барбыта. Далан
Остуолга, илиитигэр умса түһэн, Кустуров хаһыҥырыыр. Н. Габышев
Ким эрэ сылаатыгар баттатан хаһыҥырыыра иһиллэр. В. Миронов
Саҥараргар, күлэргэр муннугунан тыастаахтык тыынан ыл. Издавать носом хриплые отрывистые звуки, всхрапывать (при дыхании или смеясь)
Бүүчээн оҕонньор …… туһааннаах өстөөҕө кэтэҕэриин ороҥҥо кирийэн олорорун дьэ таба көрөн, хаһыҥыраабытынан, өрүтэ даллаҥнаамахтаан ылла. Амма Аччыгыйа
Тэптиргэ уу кытыытыгар ураҕаһынан мин түһэрбит хабдьыбын ыла сатыы туран күлэн хаһыҥырыыра иһилиннэ. М. Ефимов
Тырыпаай бэйэтэ муннунан хаһыҥыраан саҥарбыт …… оҕонньор. «ХС»
2. Таныыгын тыаһат (кыыллары этэргэ). Издавать резкие хриплые звуки, храпеть (о животных)
Ата соһуйан, хаһыҥырыы-хаһыҥырыы кэннинэн чинэрийдэ. Суорун Омоллоон
Эһэ таптарбыт быһыылааҕа, дириҥник хаһыҥырыы тыыммахтаата. Л. Попов
[Бөрө] хас хаһыҥыраатаҕын аайы дууп мас мутуктара хамсыырга дылы гыналлар. Бырааттыы Гриммнэр (тылб.)
ср. уйг. хаҥримак ‘кричать, орать, реветь’


Еще переводы:

храпеть

храпеть (Русский → Якутский)

несов. хаһыҥыраа.

всхрапывать

всхрапывать (Русский → Якутский)

несов. утуйан хаһыҥыраа.

хаһыҥырас=

хаһыҥырас= (Якутский → Русский)

совм. от хаһыҥыраа=.

хаһыҥырат=

хаһыҥырат= (Якутский → Русский)

побуд. от хаһыҥыраа=.

похрапывать

похрапывать (Русский → Якутский)

несов. разг. хаһыҥыраа, ха-һыҥыраталаан ыл.

храпение

храпение (Русский → Якутский)

с. хаһыҥырыы, хаһыҥырааһын.

храпит

храпит (Русский → Якутский)

гл
хаһыҥырыыр

храп

храп (Русский → Якутский)

м. хаһыҥырааһын.

захрапеть

захрапеть (Русский → Якутский)

сов. хаһыҥырыы түс, хаһыҥыраан бар.

дьиэгэнийтэлээ

дьиэгэнийтэлээ (Якутский → Якутский)

дьиэгэний 1 диэнтэн төхт
көрүҥ. Ат буоллаҕына, кыыла туран, иирбиттии дьиэгэнийтэлээн, хаһыҥырыы-хаһыҥырыы тыбыырталаан, түөрт атаҕын үрдүгэр үҥкүүлүү сырытта. Дьүөгэ Ааныстыырап