Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ходьой

дьүһ. туохт.
1. Көнөтүк туттан, өгдөрөҥнөөн хамсаа, хаамп. Двигаться с подскоком, ходить подпрыгивающей походкой, будучи высоким и стройным
Грузин омук кыыһа, сыыйа тарпыт лиэнтэттэн туораабатарбын диэбиттии, көбүс-көнөтүк хааман ходьойо турда. Амма Аччыгыйа
Эдэрбэр үс түүннээх күнү быһа үҥкүүлээн ходьойор этим да илистибэт этим. «ХС»
Букатын сылайбатах курдук холкутук туттан ходьойо турда. Ч. Айтматов (тылб.)
2. Көбүс-көнөтүк туттан, чэпчэкитик ыстаҥалыы, ойуолуу сырыт, оннук хамсанан сүүр (үксүгэр туйахтаахтары этэргэ). Передвигаться, бегать с прискоком, вытягиваясь в длину (обычно о копытных)
Ат ходьох гынар уонна, тыбыыран кэбиһэ-кэбиһэ, айаннаан ходьойор. Н. Якутскай
Өйдөөх сылгы тыбыыра-тыбыыра иччитин кэнниттэн сиэлэн ходьойдо. И. Гоголев
Сыһыыга сылдьар сылгы үөрэ, Сылааска сыламныыртан үөрэн, Хонойо, Ходьойо сырыста, Хомураҕы тоҕута сыста. Болот Боотур
ср. монг. годойх, кирг. ходой ‘торчать’

Якутский → Русский

ходьой=

образн. выделяться стройностью; держаться прямо; ходьойо тур = идти, выпрямившись.


Еще переводы:

ходьолдьуччу

ходьолдьуччу (Якутский → Якутский)

сыһ. Ходьолдьуйар курдук, ходьойо-ходьойо. Нареч
от ходьолдьуй. Тоҕус туойдуур күрэҥ аттаахтар Туостаах ходоҕой дьахталлар Тонолуйа тиһиллэн, Ходьолдьуччу хаамтаран, Субу тиийэн кэллилэр. С. Зверев

куорхай

куорхай (Якутский → Якутский)

туохт. Киэмсийбиттии, киэбирбиттии тутун. Важничать, возноситься, гордиться
Хол дойдуттан Холооннооҕум ходьойон холбонон куорхайан туһайда. ПЭК СЯЯ

ходьолдьуй

ходьолдьуй (Якутский → Якутский)

ходьой диэнтэн арыт. көстүү. Ходьолдьуйа хаамп. Сыанаҕа үҥкүүһүт кыргыттар ходьолдьуйан таҕыстылар

ходьоҥноо

ходьоҥноо (Якутский → Якутский)

ходьой диэнтэн б
тэҥ көстүү. Хабырыыс …… көлөһүнүн харытынан илгэ-илгэ, күөйэ хааман ходьоҥноото. Н. Павлов
Ол аайы Байбал биир кэм иэнэ кэдэҥнии, ходьоҥнуу олорорго дылы. КАА АСС

ходьос гын

ходьос гын (Якутский → Якутский)

ходьой диэнтэн көстө түһүү. Кымньыынан оҕустарбыт курдук, Маайыс ходьос гынар. Амма Аччыгыйа
Дьуона кинээс, үөрбүт курдук, ходьос гынар. Н. Якутскай
Сэмэнчик соһуйан ходьос гына түстэ. «Чолбон»

төгүрүкчээн

төгүрүкчээн (Якутский → Якутский)

төгүрүк диэнтэн атаах.-аччат. Чараасчаан, үрүҥчээн, кырачаан, төгүрүкчээн, аан дойду үрдүгэр барытыгар үчүгэйкээн баар үһү (тааб.: харчы)
Буспут моонньоҕон курдук төгүрүкчээн харахтаах грузин омук кыыһа …… көбүс-көнөтүк хааман ходьойо турда. Амма Аччыгыйа

ходьот

ходьот (Якутский → Якутский)

ходьой диэнтэн дьаһ
туһ. Тайаҕар тайанан, табатын мииммитэ, Оҕонньор инники ходьотон испитэ. Л. Попов
Оо, билигин ыһыахха тиийэн, оһуохайдаан ходьоппут киһи баар ини. И. Федосеев
Бүгүн түөрт көстөөх сиргэ эбиэт иннинэ тиийэрдии сананан, сиэллэрэн ходьоппутунан бардым. «Чолбон»

доҕой

доҕой (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Атаҕыҥ төбөтүгэр үктэнэн чэпчэкитик дэгэйэ хаамп. Ходить легким пружинистым шагом на цыпочках
Чэгиэн сиртэн Тэйэ-тэйэ сэгэйиҥ, Томтор сиртэн Ойо-ойо доҕойуҥ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Доҕойон тураҥҥын Долгуйа хаамаргын Туналыйар кубам Тунаарар байҕалым Удьурдаах баалыгар Устарыгар уурдум. П. Ойуунускай
Дорҕоонноох дуорайар тойуктаах Дуолан оһуокай истэбин, Доҕойо, ходьойо хаамабын. И. Эртюков

куохай

куохай (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Уһун синньигэс моойдоох буол. Иметь длинную и тонкую шею
[Буҕарҕана эппит:] Кини [туруйа] диэн моонньо эрэ куохайбытынан, киэһэ сарсыарда ыһыытыыра эрэ мэнигинэн көтөр ини. Суорун Омоллоон
2. Синньигэс моойгун уһата сатаа. Вытягивать тонкую шею
Хол дойдутуттан холооннооҕум ходьойон-холбонон, куохайан туһаайда, тэгил эрэ дойдуттан тэҥим тэлэһийэн-тэмтэрийэн кэллэ курдук. Ньургун Боотур
ср. калм. хоохээ ‘быть очень длинным и длинношеим’, хоохаҕар ‘длинношеий’

обугур

обугур (Якутский → Якутский)

даҕ. Болтоҕор соҕус, кыра (уос туһунан). Маленькие, пухлые и сочные (губы)
[Кыыс] Тэҥилээн оҥорбут курдук Кэчигир таас тиистээх, Олуктаан оҥорбут курдук Обугур ходьой уостаах. Өксөкүлээх Өлөксөй
Сыдьаай маҥан сырайдарыттан Сытыытык сылластылар, Обугур уран уостарыттан Уохтаахтык уурастылар. П. Ядрихинскай
Лэҥкэйбит үрдүк сүүһэ, уоттаах хараҕа, обугур уоһа — барыта кини эр санаатын, өйүн туоһулууллар. И. Данилов