Якутские буквы:

Якутский → Русский

холбо

уст. жёлоб; уу сүүрдэр холоо жёлоб для стока воды.

Якутский → Якутский

холбо

аат., эргэр.
1. Кыра мастары холбоон эбэтэр суон дүлүҥү хаһан оҥоһуллубут тугу эмэ (хол., күһүн хаһаас балыгы) кутар эбэтэр угар бүтэй үрүттээх оҥоһук, хоппо. Большой деревянный короб, расколотая и выдолбленная колода, жёлоб для укладки чего-л. [Мундуну] холбоҕо кутан, лыыба оҥороллоро. К. Уткин
Кыһын тоҥмутун кэннэ холбону көтүрэн, тула хайыҥын ыллахтарына аһа бэйэтэ эрэ хаалар, ону икки киһи эрбиир эрбиитинэн бысталаан баран оҕус, ат сыарҕатыгар тиэйэн таһаллар. С. Маисов
Холбо оҥорон эппит сорҕотун манна хаалларар буоллубут, сорҕотун бэрэмэдэйбитигэр уктубут. Кэпсээннэр
2. Улахан мастары эбэтэр суон дүлүҥү хаһан оҥоһуллубут бүтэйдии сабыллар, үрүттэнэр уонна тимир уобуруччуларынан туттарыллар хоруоп. Гроб из очень толстых досок или же колода, выдолбленная из толстого дерева, куда клали покойника и вновь заделывали образовавшееся широкое отверстие крышкой, которая укреплялась двумя железными обручами
Баһыыкка оҕонньор биир киһилиин, саҥа оҥоһуллубут араҥас атаҕар холбону ууран, үрдүкү туорай маһын түһэрэллэр. Суорун Омоллоон
Иван холбону эргийэ сылдьан көрдө. Кимнээх эрэ буоллулар? Сэмээр Баһылай
Тоҕус уон биир хонуктаах үлэ түмүгэр Өлөөн өрүс Алакит уонна Күүрэ диэн салааларын икки ардыгар уон аҕыс араҥас уонна холбо чинчиллибиттэрэ. ЭБЭДьА
Баай хара тиити охторон, кини төрдүн хайытан бараннар, хаһан, өлбүт киһи холботун бэлэмнээбиттэр. «Чолбон»
Холбо күрдьэх — хоппо күрдьэх диэн курдук (көр күрдьэх)
Күннэтэ аҕыс уон сэнтимиэтирдээх мууһу көйөн уонунан ойбону алларар. Онтон күөл былыыгын холбо күрдьэҕинэн хостуур. «Кыым»
Кыыһыран, холбо күрдьэх саҕа уһун ньолбуһах сирэйэ ахсынньы ый алтыс эргэтигэр күн кытара тахсан эрэрин курдук буолбут. Н. Якутскай. Холбо хоруоп көр холбо
2
Хаһан көрбүтүм, чахчы киһи көмүүтэ эбит. Сахалыы холбо мас хоруоптаах. «Кыым»
ср. эвенк. колбо ‘лабаз; гроб’, бур. хоорпо ‘короб’


Еще переводы:

сочетаемость

сочетаемость (Русский → Якутский)

ж. дьүөрэлэһимтиэтэ, холбо-һумтуота; сочетаемость понятий өйдөбүллэр дьүөрэлэһи мтиэлэрэ.

замыкание

замыкание (Русский → Якутский)

с: короткое замыкание дэҥ холбоһуу (электрическэй шапка сыыһа холбо- Һуу).

куорхай

куорхай (Якутский → Якутский)

туохт. Киэмсийбиттии, киэбирбиттии тутун. Важничать, возноситься, гордиться
Хол дойдуттан Холооннооҕум ходьойон холбонон куорхайан туһайда. ПЭК СЯЯ

active

active (Английский → Якутский)

холбонон турар, холбоммут

ньолбоот

ньолбоот (Якутский → Якутский)

аат. Ньолбоҕор быһыылаах холбо хомуос. Совок (в форме овала)
Муҥ саатар, биир ньолбоот туорахай бурдук баҕалаах. И. Сысолятин

урууллат

урууллат (Якутский → Якутский)

урууллаа диэнтэн дьаһ
туһ. Аҕам олус эрдэ, алта-сэттэ саастаахпар буолуо, массыынатын урууллата, ускуораһын холбото үөрэтэр. «ХС»

холболоо

холболоо (Якутский → Якутский)

туохт., эргэр. Холбото оҥор, холбоҕо уган уур. Сооружать, изготавливать холбо, укладывать в холбо
Мантан үс биэрэстэлээх сиргэ, үрүйэ сыырын үрдүгэр тайаҕы өлөрөн холболообуттар. Сэмээр Баһылай
Тото-хана аһаан, эттэрин кыыл тыыппат гына холболоон баран, икки аҥыы араҕыстылар. Н. Босиков
Былыргы саха киһи өллөҕүнэ, хаһыы дүлүҥҥэ уган холболоон үөһэ алта, аҕыс атах үрдүгэр араҥастыыра. БСИ ЛНКИСО-1938
Бастыҥ ат, атыыр сэриигэ, оһолго өллөҕүнэ ытыгылаан араҥастыыллара, холболууллара. БСИ ЛНКИСО-1994

илбэн

илбэн (Якутский → Якутский)

илбээ диэнтэн бэй
туһ. Симилэхтээх систэрин Силистэрин уута ирэн, силбэһэн, Туундара ойуурун Мутугун уутунуун мустан, Илбэнэн, холбонон эргичийэн, …… үс үөстээх Сүҥкэ далай олохтоох эбит. Саха нар. ыр.

холбоҕор

холбоҕор (Якутский → Якутский)

даҕ. Хайа эмэ өттүнэн бөлтөйөн, үллэн, хоппойон тахсыбыт. Согнутый, вогнутый; впалый
Охоноон холбоҕор көхсө таһырдьа нүксүкүс гынна. Софр. Данилов
Үлэлииргэ табыгастаах буолар гына тириини дэхси ньуурдаах холбоҕор хаптаһын киэпкэ тиириллэр. Булчуттарга к. Талах сэбирдэхтэрэ — ытыс курдук, холбоҕордор, онон самыыр таммаҕын, сарсыардааҥҥы сииги ытыһан ылаллар эбит. «ХС»

холбот

холбот (Якутский → Якутский)

I
холбоо диэнтэн дьаһ
туһ. [Хобороос:] Артыалга киллэрэн сиргитин уонна сүөһүгүтүн холботон бараннар, бэйэҕитин ыта да суох үүрэн кэбиһиэхтэрэ. А. Бэрияк
Кини оройуон киинэ Чымынаайыга кэлэн, аҕатыгар биллэрээри нэһилиэгин холботон, төлөпүөнү эрийэн дьирилэппитэ. М. Доҕордуурап
II
1.
холбой диэнтэн дьаһ. туһ. Модьу эмээхсин …… омуртарын холботон чэйин оборон бурулатар. С. Руфов
2. Тугу эмэ (хол., кустары) хоһулатан ытаары саа сыалыгар киллэр. Взять на прицел несколько птиц (напр., уток), чтобы убить их одним выстрелом
Холбото-холбото ыттахпына, икки ыал хонук аһылыгын булуохха сөп. С. Никифоров
Холбото сатыыр түгэн суох буолла, биир чугаһын кыҥаан баран ытан түптэлэт! П. Егоров